#Барыбииргэ
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө Покровскайга «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө пуондатыгар «Мы с вами! Своих не бросаем!» Акция-кэнсиэр буолла.
Тэрээһин Аҕа дойду Улуу сэриитигэр дьоруойдуу охтубуттарга пааматынньыктары «тилиннэрии» дьүһүйүүнэн саҕаланна — «Родина- Мать зовет!», «Оҕо көтөхпүт саллааты» билиҥҥи быһыы-майгы тыыныгар «тилиннэриинэн». Саха сирин патриотическай кулууптарын былаахтарын ыччаттар туппутунан күргүөмнээхтик киириилэринэн, салгыы — кэриэстэбил мүнүүтэтинэн…
Олус үчүгэйдик толкуйдаммыт сценарийынан кэнсиэри ыытааччылар Владимир Игнатьев, Татьяна Павлова уонна Айсен Федоров, Прасковья Лебедева бэрт тэтимнээхтик, эмиэ даҕаны көрөөччүнү уйадытар курус түгэннэрдээх, эмиэ даҕаны эрэлгэ кынаттыыр өрөгөй тыыннаах бу киэһэ манна кэлбит биир дойдулаахтарын абылаатылар.
Тэрээһин биир тыынынан барда, улуус баһылыга Олег Иринеев, Покровскай баһылыга Петр Гермогенов, Ил Түмэҥҥэ дьокутааттарбыт Афанасий Владимиров, Тихон Скрябин, Улуус Мунньаҕыттан Виктор Константинов тыл этиилэрдээх уонна, биллэн турар, аныгы уот-күөс, музыка доҕуһуоллаах киһини долгутар, өрө күүрүүлээх ырыалардаах.
Бу биир санааланыы, сомоҕо буолууну түстүүр киэһээ байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбытыгар көмөҕө ананна. Хаҥалас араас нэһилиэнньэлээх пууннарыттан ырыа куттаах дьоммут кыайыы туһугар сэмэй кылааттарын киллэрдилэр. Кинилэргэ махтал буоллун! Хас биирдии толоруу көрөөччүнү долгутта. Ол курдук, Андриан Егоров сыанаҕа хаста да таҕыста — «Ямщицкий перезвон» эдэркээн ырыаһыттарыныын, анал байыаннай дьайыыга кыттар буойун Василий Ильин видеонан ыллыырыгар кыттыһан «Эргиллиини» толоруулара ураты буолла. Булгунньахтаахтан Анна Торохова күүстээх куолаһынан «Килэмэн халлаанын» ыллаабыта, Төхтүртэн Николай Макаров буойун-мелодист Стас Артемьев репертуарыттан ырыата дьон кутун туттулар.
Бары нүөмэрдэри бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Мохсоҕоллоохтон «Гармония» ансаамбыл ырыаларын бэлэхтээн ааста. Юлия Попова салайар «Мичилий» бөлөҕө покровскайдарга сонуннук көһүннэ, улуус киинин ыччаттара «Аар саха» ырыаларын «ньиргиттилэр». Бу тэрээһиҥҥэ Никита Косницкай Шаман репертуарыттан «Встанем» ырыатын мустубут дьон атахтарыгар туран долгуйа көрүстүлэр. Уолаттара сулууспалыы сылдьар ийэлэр Елена, Лариса Филипповалар кэнсиэргэ кыттыбыттара сөхтөрдө. Өссө Еленаҕа соһуччу уола эрийэн, экраҥҥа көстөн кэлэбин диэн долгутта. Бары тэҥҥэ үөрдүбүт! «Бессмертный полк СВО Хангаласского улуса» олохторун толук уурбут уолаттар хаартыскалардаах көстүүлэрэ Олеся Полторыхина «Молитва» ырыаны толоруута харах уутун ыкта… Акция-кэнсиэри Кыыл Бастаахтан «Брусничка» оҕо саадын кэлэктиибэ «Матушка Земля» үҥкүү доҕуһуоллаах кыайыыга кынаттыыр ырыаларынан түмүктээтилэр.
Бу тэрээһинтэн, ону сэргэ тэрилтэлэр, урбаанньыттар, амарах санаалаах дьоммут буойуттарга көмөлөрө 3.645-тыһ. тахса солкуобай буолла. Көмө салҕанар.
— Олус бэрт тэрээһин буолла! Хаста да хараҕым ууланна… Кыайыы биһиэнэ буолуо! — диэтэ общественник Октябрина Шипицына.
— Оо, мин «Брусничкаларбын» астынным! Кэллиэгэлэрбинэн киэн туттабын. Кэнсиэри үрдүк нотанан түмүктээтилэр! — үөрэ эттэ Анастасия Соловьева.
Махтал буоллун, акция кыттыылаахтарыгар!
Людмила Аммосова.