Кини туһунан хаһыакка сырдатарбар Тиит Арыы олохтоох дьаһалтатыттан сүбэлээбиттэрэ.
Мария Алексеевна Харыйалаахтан Пелагея Кирилловна уонна Алексей Дмитриевич Сидоровтар кыыстара, аҕыс оҕолоох ыалга алтыһынан күн сирин көрбүт.
Улахан мотуок кэнниттэн Харыйалаах эстибит. Онтон бу быйаҥ ходуһалардаах, сүөһү-ас тутан олорорго табыгастаах сир урут нэһилиэк киинэ этэ эбээт, улахан оскуолалаах, элбэх ыаллаах, үлэһит дьонноох. Сахабыт сиригэр үгүс чаҕылхай үтүө дьону иитэн-үөрэтэн олох суолугар атаарбыт дойду буоллаҕа Харыйалаах барахсан. Аҕыйах сыллааҕыта манна сайын сылдьыбыппар үс ыал эрэ олороро – суол-иис суох, электричество тиийбэт сирэ. Арай дьон олорон ааспытын биир эмэ ордон, өтөхсүйэн хаалбыт дьиэлэр, сиҥнэн түспүт күрүө-хаһаа уонна мантан сэриигэ баран сырдык тыыннарын толук уурбут буойуттарга биир дойдулаахтарыттан сулустаах пааматынньык. Саас-күһүн сааһыттар, сайын отчуттар сылдьан ааһар ахтылҕаннаах сирдэрэ.
Сэрии кэнниттэн 1937 сыллааҕы улахан уу кэлэн сотон барбытыгар харыйалаахтар Чкаловка көспүттэр. Оҕолор Тиит Арыыга оскуолаҕа үөрэммиттэрэ биллэр. Күҥҥэ иккитэ Эбэни суос сатыы туораан сылдьан үгүс спорсмен мантан үүнэн тахсыбыта өрүү ахтыллар.
Мария 1986 сыллаахха оскуола кэнниттэн куоракка киирэн биир сыл тутуу училищетыгар үөрэммит даҕаны, дойдутугар таластаҕа, сүөһү үлэһитэ буоллаҕа уонна күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар.
— Билигин солбукка сылдьабын. Субан сүөһүнү көрөбүт, 90-ча төбөнү, — кэпсиир кини, — сирбит, хотоммут Улахан Аан хаһаайыстыбатыгар арендаҕа барта. Онтон урут манна, Чкаловка, хотон бөҕө баара, аатырбыт ыанньыксыттар үлэлээн ааспыттара. Билигин аҕыйахпыт даҕаны үөрүйэхпитинэн үлэлии сылдьабыт. Хамнас ылабыт, — диир Мария.
Тыа киһитэ сүөһүнэн ииттинэн олорор буоллаҕа. Мария Христофорова 14 төбөнү кыстатар эбит, онтон биэһэ ыанар ынах. Үүтү туттаран кэлбиттэр. «Икки тыһаҕаһым уулаахтар, сүөһү буолар инилэр» диэн эрэнэр кини. Улахан уолун Дмитрийи кытары оттуурун этэн аһарда, сэмэй үлэһит.
Мин оҕолорун билэбин. Кыыһа Ольга кэргэн тахсан институту бүтэрэн Дьокуускайга бибилэтиэкэҕэ үлэлиир, уоллаах кыыс оҕолоох ыал ийэтэ, саха төрүт култууратын өрө туппут киһи. Улахан уол Чкаловка түөрт кыыс оҕолоох ыал аҕата, дьонун курдук бүгүрү үлһит, кыра уол Дьокуускайга үлэлиир. «Ийэм үйэтин тухары ыанньыксыт (сыл курдук профсоюзтарга үлэлии сылдьыбыттааҕа), фермаҕа кыра сылдьан ийэм кутуруга буолан сылдьарым, кэлин көмөлөһөр этим», — диэтэ Ольга, эбии ыйыталаспыппар. Мария Алексеевна кыыһын, уолун үөрэттэрээри сүөһү ыарахан үлэтигэр сырыттаҕа, сааһа 56-та буола. Соҕуруу-хоту ханна эмэ сынньана бара да сылдьыбатах киһи, дойдутун туохтааҕар да ордорор. Ыччаттара этэҥҥэ сылдьалларыттан астынар. «Сотору кыыһым аах кэлиэхтээхтэр», — диэн үөрэ үллэһиннэ. Солбукка сылдьар буолан бэйэтин хаһаайыстыбатын көрөрүгэр син бириэмэ баар буоларын кэпсээн аһарда.
Ханнык баҕар кэлэктиипкэ маннык олус сэмэй, биллэ-көстө сатаабат, үлэлэрин бэркэ билэр, толорор, сирбэккэ-талбакка үлэлиир эрэллээх дьон баар буолааччылар. Мария Алексеевна олортон биирдэстэрэ. Кинилэрэ суох кэлэктиип сатаммат, буолары буолан билиҥҥи ыччат сүөһү үлэтиттэн тэйэ туттар кэмигэр. Этэҥҥэ кыстыгы баҕарыаҕыҥ тыа сирин үлэһит дьонугар.
Людмила Мордовская.