Сэрии кэмин оҕолоро

Оҕо сааһым сороҕо Батамаайы дьаамыгар ааспыта. Мин өйдүүрбүнэн, 1943 сыллаахха сайын биһиги диэки уот кураан түспүт, аһыыҥка ыһан бурдуктарын быыһаары бааһына тула дьахталлар иин хаһаллара, онно мин ийэм хаспыт иинигэр элбэх баҕайы аһыыҥка түһэн ойуоккалыы сылдьарын көрөрбүн өйдүүбүн. Итини таһынан улахан өрүскэ Камчаатай Улахан, Сыгынньах диэн арыылары оттуур этилэр. Сарсыарда аайы хара кырааскалаах, нуучча оҥоһуута баркаас диэн ааттанар улахан, уонча киһини уйар,мас оҥочонон бааһынай дьахталлара, ийэм уонна мин буолан, арҕаа өрүһү эрдинэн туораан үксүн Сыгынньахха, арыт Камчаатайга күнүнэн сылдьан оттуур этибит. Мин от эргитэбин, от мунньуутугар ийэбэр көмөлөспүтэ буолан ходуһа кырыытын саҕалаан биэрэбин. Тобугунан алдьаммыт, кылгас тахтайа сылдьар киэҥ бууттаах ыстааннаахпын, үксүн атах сыгынньах сылдьабын, уллуҥаҕым үөрэнэн хаалан хадьымалы билиммэт. Оччолорго улаханнык баардыылаабат сааһым эбит, билигин дьэ өйдүүбүн – окко барыта дьахтар аймах үлэлиирэ уонна ол мин саастыым оҕолор буоларбыт. Эр дьоммут кыанар өттө бары сэриигэ сылдьар кэмнэрэ этэ. Батамаайы дьаамыгар Иванович, Куонаан, Акыай, Кэлэҕэй Илька, Хоһой Киэскэ диэн ааттаах-суоллаах кырдьаҕас, саха тыллаах нуучча оҕонньотторо бааллара. Ол кырдьаҕастар сорохторо 1914 сыллаах аан дойду сэриитин кыттыылаахтара этилэр. Кыанар эр дьонтон түөрт уончалаах Федька диэн хос ааттаах холкуос бэрэссэдээтэлэ уонна Степка Макаарап диэн уон сэттэлээх-аҕыстаах холкуос суоччута, килиэп түҥэтээччи, хормуоскаһыт, эдэркээн дьаам кыргыттарын сүрэхтэрин ньүөлүппүт хара бараан, чаҕылыҥнаабыт хара харахтаах, саҥарбыт-иҥэрбит уол оҕо ат кулун баара.

Сайын от үлэтин быыһыгар, арыт киэһэ Агния диэ сэриигэ сылдьар эрдээх дьахтар дьиэтигэр бааһынайдар «Вечорка» диэн ааттыыр үҥкүүлэрэ буолара. Онно Степка Макаарап хормуоскаҕа оонньуура уонна дьиҥнээх нууччалыы хоруобуоттуур этилэр. Ол хоробуоттарын ырыатын мин билигин да өйдүүбүн. «А вы сени, сени мои…» эбэтэр «Сидит Рома веселей, веселей…» диэн буолара. Нууччалыы биир да тылы билбэт эрээри, тылларын өйдөөн хаалбыппын. Сэрии бүтэн Кыайыы буолбут сайыныгар саллаат таҥастаах, түөстэригэр элбэх мэтээллээх хас да киһи (үксүн бааһынай дьоно) сэрииттэн тыыннаах кэлбиттэрэ. Батамаайы дьаамыгар олохтоох саха уонна дьаам дьонугар Кыайыы кэлбитэ, уһун хаан тохтуулаах, хоргуйуулаах сэрии бүттэ диэн буолбута.

Степан Иннокентьевич Емельянов, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.

«Билинэбин, ити мин этим…» кинигэтиттэн киллэрилиннэ.

(«Сэрии кэмин оҕолоро» кинигэттэн, 2021 с.)