Сахабыт сиригэр Аҕалар күннэрин быйыл 25-с сылын бэлиэтиибит. Бастакы Бэрэсидьиэммит, сүдү киһибит МихаилЕфимович Николаев Ыйааҕынан Аҕа күнэ бэлиэтэнэр. Биһиги аҕалар дьиэ кэргэн олоҕун-тутулун уонна үүнэр көлүөнэ ыччаты иитэн таһаарыыга, атаҕар туруорууга эппиэтинэспитин, баһылыыр-көһүлүүр оруолу ыларбытын үчүгэйдик өйдүөх тустаахпыт. Аҕа буолуу – эр дьон олоҕор саамай эппиэтинэстээх кэм. Хас биирдии эр киһи – аҕа буолан дьиэ кэргэнин харыстыыр, араҥаччылыыр аналлаах, бигэ чиҥ сайдыылаах олоҕу мэктиэлиэхтээх.
Бүгүн, Аҕалар күннэригэр, Покровскай куорат аҕаларын Сүбэтин чилиэннэрэ уолаттарынаан, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин тиэргэнин халыҥ хаартан босхолоотулар, тастылар, ыраастаатылар.
Кэлиҥҥи кэмҥэ оҕолор, ыччат дьон уонна аҕалар уопсай үлэҕэ, хардарыта көмөлөсүһүүгэ көхтөөх буолан эрэллэр. Субуотунньук түмүктэммитин кэннэ, *Покровскай куорат баһылыга Петр Гермогенов*: _- Эһиги улаатан эрэр уолаттар, үтүө санаалаах дойдугутун таптыыр дьон буола улаатыҥ. Биһиги бүгүн анал байыаннай дьайыыга быһаччы кытта сылдьар киһи тиэргэнин хаарын ыраастаатыбыт. Маннык көмө өрүү баар буолуохтаах. Эһиги аҕалар дьиэ кэргэттэргитигэр дурда-хахха буолуҥ, бу курдук түмсүүлээх буоллахпытына барытын кыайыахпыт. Барыгытын Аҕа күнүнэн эҕэрдэлиибин. Дьиэ кэргэттэргитигэр чэгиэн туругу, ситиһиинии, бары үчүгэйи баҕарабын!, — диэтэ.
Оттон бу сааскы кэмҥэ Покровскай куорат эдэр ыччаты кытта үлэҕэ исписэлииһэ Николай Спиридонов сүрүннээн көҕүлээһининэн, куорат ыччаттара, «АЙТЫЫН» колледж устудьуоннара, оскуолалар үрдүкү кылаастарын үөрэнээччилэрэ кырдьаҕастарга, кыамматтарга, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр тиэргэннэрин хаардарын ыраастаатылар, муустарын сааһылаатылар.
Итини тэҥэ бу аҕыйах хонуктааҕыта И.М. Яковлев аатынан Покровскай куорат 1-кы №-дээх оскуола дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Семен Корякин салайыытынан үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ уонна эр дьон учууталлара, «Набережнай” болуоссат хаарын ыраастаатылар.
Уйбаан УЙГУУРАП.