Аҕыйах оҕолоох да оскуола олоҕу түстүүр

Үөрэх эйгэтигэр

Сахабыт сиригэр төһөлөөх элбэх дэриэбинэ оскуолата сабыллан эстибитэ буолуой… Кыһыл Үрүйэҕэ ол хатыламматар ханнык дии санаатым оскуола-уһуйааҥҥа  сылдьан баран. Баара-суоҕа отучча оҕолоох…

Бу оскуола баар буолан өссө дэриэбинэ тутуллан олорор. Буолаары буолан 100 бырыһыан киин хочуолунайтан сылааһынан хааччыллан. Олус чөкө¸ ыраас, киэҥ-куоҥ уулуссалардаах Илин эҥэрбит  биир дьоҕус дойдута.

— Кыһыл Үрүйэҕэ сайыны быһа эрбии тыаһа иһиллэр, дьон дьиэ-уот тутталлар. Ол аата олохтоохтук оҥостоллор — дэриэбинэ эстэр санаата суох, — диир оскуола дириэктэрэ  Галина Гаврильевна Антипина, астына. — Оскуолабыт аҕыйах оҕолоох да буоллар, олохтон, үөрэх ситимиттэн туора турбат. Оҕолорбут араас тэрээһиннэргэ, олимпиадаларга, куонкурустарга көхтөөхтүк кытталлар.

Туох буолуой оҕо аҕыйаҕа. Тутуу барар, дьон олохсуйар буоллаҕына оҕо-уруу да элбиэ турдаҕа, дии санаатым мин эмиэ. Билигин сэттэ кылаас-комплект баар. Тохсус кылаастара быйыл суох. Бэйэтэ даҕаны түөрт оҕолоох кылаас этэ, ахсыска, онтон  үс оҕону төрөппүттэрэ эрдэттэн анал идэҕэ туһуламмыт кылаастарга   ыыталаабыттар. Оннооҕор былырыын саас элбэх нэһилиэнньэлээх  Үөһээ Бэстээххэ биир выпускниктаах этилэрэ дии — сыл сылга тэҥнэспэтэ ити.

Кыра комплектаах оскуолаларга биир бэйэм оҕо чиҥ билиини ылар дуу дии саныыбын. Оҕо күннэтэ болҕомтоҕо сылдьар, бары тэрээһиннэргэ кыттар. Этэргэ дылы, уруокаайы да ыйытыллыан сөп, отут оҕолоох кылааска тэҥнээтэххэ, куһаҕан үчүгэйдээх диэн ити. Ол да иһин буолуо атын улахан оскуолаларга салгыы  үөрэнэ бардахтарына даҕаны саастыылаахтартан улаханнык хаалсыбаттар. Учуутал хаппата диэн бу оскуолаҕа суох. Бары кэриэтэ олохтоохтук  олохсуйан олорор дьон үлэлииллэр. Ити эмиэ утумнаах үлэҕэ көҕүлүүр. Салайааччы Галина Гаврильевна Антипина Учуутал күнүн көрсө «Бочуоттаах наставник» бэлиэни туппута үөрүүлээх түгэн этэ. Өр сыллаах үлэтэ дьоһуннук сыаналаннаҕа.

Дириэктэри, учууталлары кытары билистибит. Үөрэҕи, билиини биэрии таһынан  үгүс хайысхалаах иитэр үлэ барара көстөр. Ордук, кыра саастан дойдумсах буолууга, историяны үөрэтиигэ, олоххо көхтөөх киһини чочуйан таһаарыыга. Билэбин, хас да сыл бу дэриэбинэҕээкологическай лааҕыр сайын үлэлиирин, оннооҕор академик Никита Соломонов оҕолору кытары  олорор түөлбэлэрин айылҕатын харыстыырга, Өлүөнэ өрүстэрин сиҥнэ турар биэрэгин   чинчийиигэ  уһуйар этин. Ама маннык билиилээх-көрүүлээх,  дойдутун туһугар  ыалдьар киһини кытары алтыһан ааспыт оҕоҕо итинник  көрсүһүүлэр олоххо бигэ суолу хаалларар дьайыылаахтарын  ким мэлдьэһиэй.

Аны саха тылын  сайдыытыгар улахан болҕомтону уураллар эбит уонна — патриотическай иитиигэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнэ сылдьалларын хайгыы иһиттим, анаабыт истиэндэлэриттэн көрдүм.Билигин сэрии тыыннаах туоһулара ахсааннаах хаалбыттарын да иһин, бу сиртэн-дойдуттан кимнээх   баран өстөөхтөрү кытары кыргыспыттарын,  кимнээх олохторун толук уурбуттарын, сураҕа суох сүппүттэрин…Ону сэргэ  бу сиртэн тахсыбыт чулуу, талааннаах  дьонноругар сүгүрүйэллэрэ көстөр — скульптор Семен Егоровка, наука дуоктара Михаил Тарасовка, үлэ чулууларыгар…

Эдэркээн учууталы Айталина Ефремова билистим, оскуолаларга сылдьан эдэр кэрэспэдьиэннэри  кэрэхсиир үгэспинэн. Үөрэтэр оҕолоро икки ыстатыйаны кини салалтатынан  суруйан ыыттылар, уу сахалыы тылынан, бу  төрөөбүт төрүт тылынан саҥарар оҕо ахсаана аччаан иһэр кэмигэр. Суруйар оҕо олоххо көхтөөх көрүүлээх, эппиэтинэстээх, санаатын ханна даҕаны сайа этэр  буола улаатара биллэр.

Оскуола оҕону үлэҕэ уһуйара эмиэ кэрэхсэбиллээх.  Хаһаайын тэлгэһэтиттэн биллэр дииллэр. Ол курдук,  Кыһыл Үрүйэ дьоҕус оскуолата күһүн  сырыттахпытына отунан-маһынан, сибэккинэн симэнэн көрүөххэ астык этэ. Өссө оҕуруоттаахтара — моркуоп, сүбүөкүлэ эҥин үүнэн аҕай турара хараҕы үөрдэрэ. Оҕолор барахсаттар, төһө да ахсааннаах буоллаллар, сайыны быһа үүнээйилэрин көрөн-харайан  кыһын аһыыр астаммыттара, сыраларын түмүгэ көстөрө бу үчүгэйин!

Людмила Аммосова.