Адам Скрябин Саха бастакы самодеятельнай композитора, национальнай хуорун, хомусчуттарын ансаамбылын тэрийбит, саха ырыаларын бастакынан нуотаҕа түһэрбит, хомуурунньук гынан биһирэппит улахан талааннаах тэрийээччи этэ…
Аҕыйах хонуктааҕыта Покровскайга Хаҥаластааҕы Гавриил Ксенофонтов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ саха норуотун музыкальнай искусствотыгар сүдү кылааты киллэрбит, бастакы идэтийбит композитор да диэххэ сөп (кини Москватааҕы консерваторияҕа төрдүс кууруска үөрэнэ сылдьан баай төрүттэрдээҕинэн уһуллубута), Адам Скрябин сиэн балта Виктория Будникова-Анна Скрябинаны уонна кини кыыһа Марина Никитинаны кытары соһуччу көрсүһүү буолла. Бу күн ыалдьыттарбыт биһиги үгүспүт биир дойдулаахпыт кылгас олоҕуттан урут биллибэтэҕи, үйэ аҥарыттан ордук кэмҥэ кистэнэ сылдьыбыты, аан бастаан иһитиннэрэн аастылар.
Норуотугар улахан өҥөлөөх киһи этэ
2014 сыллаахха А.В.Скрябин төрөөбүтэ 125 сылынан үбүлүөйдээх тэрээһиннэр көхтөөхтүк тэриллэн ааспыттарынан биһиги бу саха норуотун музыкальнай искусствотын сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрэн ааспыт киһибит туһунан син балайда билэбит.
1923 сыллаахха бастакы Бүтүн россиятааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатын дэлэгээссийэтин састаабыгар Адам Васильевич култуура бырагырааматын тэрийээччинэн баран артыыстарбыт ситиһиилээхтик кыттан бастакы истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланан кэлбиттэрэ салайааччыбыт улахан тэрийэр дьоҕурдааҕын этэр.
1945 сыллаахха Кыайыы параадыгар «Кыайыы марша» эмиэ саха бу чулуу уолун матыыбыгар тиһиллэн ньиргийбитин билэбит. Ырыа тылларын Адам Васильевич чугас доҕоро Алампа 1919 сыллаахха суруйан таһааран иһитиннэрбит «Үлэһит-хамначчыт дьонноро» үйэлээх дьылҕаламмыта. Адам «Тыгын кырдьаҕас саҕаттан» диэн Анесподист Софронов тылларыгар суруйбут ырыата Сахабыт сирин автономияҕа быраабын кэҥэтэри туруорсар конфедералистар хамсааһыннарын өрөгөй ырыата буола сылдьыбыта биллэр. Алампа бу хамсааһыҥҥа кыттыгастаах о.д.а. «өҥөлөөх» диэн «норуот өстөөҕүнэн» аатыран кэрэгэй дьылҕаламмыта. Доҕоро Адам Скрябин даҕаны репрессия тимир ытарчатыттан куоппатаҕа…
Виктория Будникова — Анна Скрябина, 85 саастаах Скрябиннар аймахтарыттан хаан тардыылаах ытык киһи, анаан-минээн кэлэн репрессия ыар 1937 сылыттан саҕалаан оҕо сааһыттан биир дойдулаахпыт Адам Скрябин кылгас эрээри дириҥ ис хоһоонноох олоҕуттан сырдатта. Олус долгуйа Адам Васильевич ийэтин Александра Игнатьевна, эдьиийэ Евдокия Васильевна, кинилэри кытары олорбут ийэтин өттүттэн репрессия тыынын билбит Оруоһуттар, аҕатын өттүттэн Скрябиннар оччотооҕу олохторуттан, чинчийбиттэриттэн кэпсээтэ, оҕо эрдэҕинэ Дьокуускайга Чепалов уулуссатын 4 нүөмэрдээх дьиэтигэр Адам Скрябин ийэтин, эдьиийин кытары олохторуттан аан бастаан арыллан билиһиннэрдэ.
Виктория Николаевна, Адам быраата Николай Соловьев кыыһа, кыракый эрдэҕинээҕи дьиэ кэргэнин олоҕуттан ымпыгар-чымпыгар тиийэ сырдаппыт ахтыытын киһи долгуйбакка эрэ истибэтэ. Хайдах КНВД-лар кэлэн дьэгдьиир оҥороллорун, дьиэни-уоту тугу эрэ көрдөөн, хаарыаннаах кинигэлэри кирдээх саппакыларынан тэпсэ сылдьан үргэйэллэрин, ол кэннэ ырааһы, бэрээдэги өрө тутан улааппыт дьон сууйан-сотон оннун булларалларын, аҕыйах хонон баран бу эмиэ хатыланарын, утары этэр быраап отой суоҕун харааста кэпсиирин хартыыната хараххар бу көстөн кэлэр курдук… «Дьиэбитигэр бу Скрябиннар, Оруоһуттар ааттарын хаһан да ааттаабат этибит», — диэн эттэ Виктория Будникова.
Аҕатын Николай Дмитриевич эмиэ музыкаҕа талааннаах этин, үтүргэҥҥэ сылдьыбытын, кыһалҕалаах олохтон Дьокуускайга олорон киэһэтин рестораннарга баран скрипкаҕа оонньоон кэлэрин, син харчылаах, музыканы сыаналыыр, кыһалҕалаах олохтооҕу өйүүр дьон скрипка иһигэр харчы кыбытан ыыталларын, ардыгар 25-тии да солкуобайдаах купюралар баар буолар этилэрин, бу харчынан кинилэр курдук элбэх киһилээх ыал бүтүн ый олорор кыахтаах этэ эрээри, дьоно аах ону уора-көстө бэйэлэрин курдук үтүргэҥҥэ, кыайан үлэҕэ ылыллыбакка сылдьар уустук олохтоммут дьоҥҥо биэрэллэрин көрбүтүн иһитиннэрдэ.
Кыыһа, эмиэ бу дьон олоҕун историятынан дьарыктанар Марина Александровна, Николай Дмитриевич Соловьев сиэнэ, ийэтин кэпсээнин ситэрэн-хоторон биэрдэ. Адам Скрябин, быһыы-майгы сытыырхайан барбытыгар кэргэниттэн Агриппинатыттан арахсыбыта. Күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыһа Уус Алдан улууһугар тэйиччи сиргэ барбыта. Билэрбит курдук, кини 1936 сыллаахха олунньуга хаайыллыбыта. А.В.Скрябины «Саха омук» националистыы тэрилтэтин кыттыылааҕа, cэбиэскэй былааһы утары үлэни ыыппыта буолуо уонна обком сэкиритээригэр Певзнякка саба түһүүнү былааннаабыт диэн террорист курдук буруйдаан, ону ситэ кыайан дакаастаабаталлар даҕаны, үс сылга бириигэбэрдээн «Севвостлагка», Бугаево бухтатыгар, Магадан уобалаһыгар ыыппыттара. Дьиҥинэн, Адам Васильевич Певзнякка приемҥа киирэр кыаҕа суох буолан доҕотторо тутуллубуттарыгар көмүскэл көрдөөн көрсүһээри дьиэтин таһыгар күүтэ сылдьыбытынан сирэй-харах анньан доппуруостаан, саагыбарга кимнээх баалларын биллэрэ сатаабыттар этэ. Син 1939 сыллаахха босхолонон тахсыбыта даҕаны, дойдутугар эргиллибэтэҕэ, сураҕа суох сүппүтэ, ханна хараллыбыта да биллибэт. Хаарыан талаан, норуот киэн туттар киһитэ!
Виктория Будникова Адам Скрябин туһунан матырыйаал хомуйа сылдьан КГБ архыыбыгар дьыалатын ирдэһэн булан билсибитин, икки аҥар чаас чуумпуга олорон долгуйа аахпытын, үөрэппитин уонна Адам Васильевич туох даҕаны диэн доҕотторун, табаарыстарын уган биэрэри эппэтэҕин, кими да таҥнарбатаҕын билэн хайдах эрэ олус чэпчээн тахсыбытын бу көрсүһүүгэ кэпсээн аһарда.
Үөһээ ахтан аһарбытым курдук, Виктория Николаевналаах эмиэ олус уустук олоххо олорбуттарын, үгүстэрэ искусствоҕа ис иһиттэн сыһыаннаах эрээри ити эйгэҕэ кинилэри чугаһаппатахтарын, ол эрээри син биир профессионал быһыытынан биллибиттэрин, кэккэ ситиһиилэрдэммиттэрин эппитин астына иһиттибит.
Сураҕа суох сүппүтэ дэнэр эрээри…
Адам Васильевич иккис кэргэнэ, нуучча кыыһа Мария Петровна Дьокуускайга кэлэ сылдьыбыта биллэр (кини оччолорго дьахтар хамсааһынын актыбыыһа эбит, онон чулуу сахалары кытары алтыспыт буолуохтааҕа буолуо дии санаатым). Кыыстара Наталья Адамовна химик үөрэхтээҕин, научнай институкка үлэлии сылдьыбытын кэпсээтэ (кэлин ыарахан ыарыыттан олохтон барбыт эбит, оҕо-уруу хаалбатах). Мария Скрябина Виктория Николаевна көрдөһүүтүнэн ахтыы суруйбутунан кыыһа Марина кинигэ оҥорон таһаараары сылдьарын кэпсээтэ уонна Адам Васильевич Мариялыын сүрэхтэрин холбообут күннэригэр түспүт хаартыскатын көрдөрдө. Дьоно бары Скрябин диэн араспаанньаларын илдьэ сылдьыбыттарын этэн аһарда. Бу көрсүһүүгэ Виктория Будникова Москваҕа ирдэһэн Мария Петровналыын билсибитин, Адам кэргэнэ кинини бастаан дьаархана, утарылаһа көрсөн баран ыалдьыттаппытын, элбэҕи кэпсэппиттэрин, салгыы ыкса билсибиттэрин ахтан аһарда. Мария Скрябина кини көрдөһүүтүнэн олохторуттан ахтыы суруйбут. Ийэтин кэпсээнин кыыһа Марина Александровна ситэрэн биэрдэ. Кини Адам кэргэнэ кэлин билсэн, доҕордоспуттарын, икки олус кыраһыабай барыанньа кутар розеточкалары о.д.а. бэлэхтээбитин билигин кэриэс гынан астына туһана сылдьарын кэпсээн аһарда.
Виктория Будниковалаах биллиилээх музыка диэйэтэлэ Галина Кривошапко туһунан олус истиҥник кэпсээтилэр. Кини Адам Скрябин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээһиҥҥэ «Адам Скрябин. Из истории якутского музыкального искусства» диэн брошюраны таһаарбыта биллэр.
Адам Скрябин баҕар Дьоппуон сиригэр тиийбитэ дуу…
Көрсүһүү кэнниттэн, кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, миэхэ сорох түгэннэри чопчулуурга Виктория Будникова отуттан тахса сыл алтыспыт уонна бу Покровскайга арыаллаһан кэлсибит биир айылҕалаах киһитэ Агафья Кириллина биир дьикти түгэни иһитиннэрэн ааста. Ол курдук, сүүрбэччэ сыллааҕыта Владивостокка ИДьМ санаторийыгар дьүөгэтин көрсө кэлбитигэр биир нуучча оҕонньорун кытары быстах билсэн ааспыт. Ол киһи кини сахатык сирэйдээҕин көрөн бу санаторийы урут «Севвостоклагтан» хаайыылаахтар борокуотунан тиэллэн кэлэн туппуттарын, онно биир сахатык киһи олус үчүгэйдик скрипкаҕа оонньуурун истэрин ахтан аһарбытын кэпсээбит. Онно дьүөгэтэ кэлэн ситэ сэлэһиннэрбэккэ илдьэ барбытын, оччолорго итини бэйэтэ даҕаны аанньа интэриэһиргээбэтэҕин, ситэри ол скрипкэһит туһунан толору туоһуласпатаҕын билигин хомойорун эттэ. Онтон Виктория аҕата, олохтон бараары сылдьан, бука, тугу эрэ сүрэҕинэн сэрэйэр буолан Адамы Дьоппуон сиригэр ирдиэххэ сөп диэн кыыһыгар таайтара эппитэ баар эбит, онно хайа эрэ куоракка биир саха курдук киһи олус бэркэ суол кытыытыгар скрипкаҕа оонньуурун ким эрэ көрбүтүн кэпсээбитин эмиэ оччолорго долоҕойугар уурбатаҕыттан кэлэйэрин бу көрсүһүүгэ иһитиннэрдэ. Ким билэр, баҕар Адаммыт күрээбитэ да буолуо диэн санаа билигин кинини үүйэ-хаайа тутарын быктарда.
Сонун көрсүһүү буолла. Сорох түгэн кэпсэниллэрэ эрдэ буолуо даҕаны, ыалдьыттарбыт мээнэҕэ кэлэн сэһэргээбэтилэр буолуо дии саныыбын. Виктория Николаевна өр сылларга Мииринэйгэ үлэлии сылдьыбыт, кэлин Дьокуускайга тыһыынчаттан тахса үлэһиттээх «Швея Севера» бөдөҥ тэрилтэҕэ, куораппыт дьаһалтатыгар идэтинэн үлэлээбит, элбэх култуура диэйэтэллэрин кытары алтыспыт үгүс билиилээх-көрүүлээх, эбиитин улуустарынан, ол иһигэр хаста даҕаны дьоһун түгэннэргэ улуу дьону иитиэхтээн таһаарбыт Таатта сиригэр, ыҥырыыга сылдьар ураты айылгылаах киһи эбит, билигин Дьокуускайга олорор. Кини Улуу Пушкин олус улахан сүгүрүйээччитэ буоларын биллибит. Эчи, ыраастык даҕаны уустаан-ураннаан нууччалыы саҥарарын! Улуу поэт өлүөн үс күн иннинэ бэлиэтэнэн хаалларбыт санааларыттан сиэттэрэн кини улахан поэманы суруйбутуттан Дьокуускайга төннөөрү туран өйтөн ааҕан иһитиннэрдэ. Виктория Николаевна Анна Скрябина диэн псевдонимынан 2001 сыллаахха оччотооҕу «Сахаполиграфиздат» кинигэ кыһатыгар «Признание веков» диэн кинигэни бэчээттэппит эбит. Талаан бэрсибит дьоно, быһыыта, ыалдьыттарбыт.
Көрсүһүү кэнниттэн
Мин Агафья Кириллинаны көрдөһөн Виктория Будниковалаҕы кытары көрүстүм, “тургутууну” бардым. Элбэҕи билиэхпин баҕарбытым даҕаны ситэ кыаллыбата. Барытын ылсан толору чинчийэн өр үлэлиир кыаҕым суоҕунан аҕыйах мунаарар ыйытыыларбар хоруй ыллым. Эбиитин оройуон бибилэтиэкэтигэр, түмэлгэ баар Адам Скрябин туһунан суруйуулардаах кинигэлэри билистим. Уонна онно Адам Скрябин иккиһин кэргэннэнэ сылдьыбытын туһунан Павел Харитонов-Ойуку уонна Виктория Будникова Ольга Харайбатова редактордаан 1996 сыллаахха “У истоков Якутского музыкального искуства. К 100-летию А.В. Скрябина” диэн тэттик кинигэлэригэр, оннооҕор Адам ити кэргэнинээн түспүт хаартыската, эбиитин Мария Петровна 1976 с. ыам ыйын 24 күнүгэр суруйбут ахтыытын булан аахтым. Онно композитор 1930 с. Саха сиригэр төннүбүтүн, кэлэригэр духовой оркестр тэрийээри Москваҕа баар биир дойдулаахтарын көмөтүнэн элбэх үчүгэй инструменнары атыылаһан илдьибитин суруйбутун аахтым. Адам үтүргэҥҥэ сылдьан син дьоҕус оркестрын тэрийэн бэрт кыараҕас тымныы дьиэҕэ күһүн оонньоппут, элбэх киһи биһирээбит, иккиһин ыам ыйынааҕы бырааһынньыкка куорат таһыгар аһаҕас халлаан анныгар оонньоон иһитиннэрбиттэр. Киһи салгыы кэпсиэҕэ элбэх…
Бу тэттик кинигэҕэ Виктория Николаевна кыыһа Марина Саха опера уонна балет тыйаатырын сыанатыгар үҥкүүлүү сылдьар хаартыската эмиэ баар… Галина Кривошапко да кинигэтигэр киһи элбэҕи булуон сөп эбит. Дьиҥинэн, бу аймаҕы, оччотооҕу быһыыны-майгыны, хаҥаластар бу эҥэр историяларын балай эмэ билсэр киһи ылсыстар дьоһун биир дойдулаахпытын хас да өртүттэн сиһилии, докумуоннарга тирэнэн сырдатар дьоһун кинигэни дьоммутугар-сэргэбитигэр утары уунарбыт эбитэ буоллар! Дьоһуннук үйэтитэрбит буоллар, Адам Скрябиммитин.
Людмила Аммосова.