АГАТУ Өктөмҥөөҕү филиалын 25 сыла
АГАТУ Өктөмнөөҕү филиала агротуризмы сайыннарар соруктаах үлэтин чэрчитинэн, «Агро-ыллык» диэн бырайыагы олоххо киллэрдэ.
Быйыл Трапыас диэн сиргэ хас да көрүҥ оҕуруот аһын, туорахтаах култуураны, үүнээйи арааһын ыстылар уонна номнуо атыыга бастакы хомууру таһаардылар. Манна ким баҕалаах кэлэн көрөн, үүннэриигэ сүбэ-ама ылан, уопут атастаһан, оҕуруот аһын атыылаһан барыан сөп. Итини таһынан сибэкки арааһын олортулар уонна филиал быйылгы 25 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан композиция айдылар.
«Агро—ыллык» бырайыагы олоххо киллэрэргэ филиалүлэһиттэрэ бары кыттыстылар. Рассааданы күргүөмнээхтик олордуу үлэтиттэн саҕалаан сайыны быһа, сорохтор уоппускаларын быыһыгар, үлэлээтилэр.
«Трапыас» Өктөм нэһилиэгин Ой Бэс диэн ыһыахтыыр сиринкэннигэр сытар. Онон күндү оҕуруот аһын сэҥээрээччилэри хас күн аайы филиал үлэһиттэрэ эһигини күүтэллэр.
«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан» диэн өс хоһоонунан салайтаран кыстыкка доруобуйаҕа иҥэмтиэлээх аһы хаһааныҥ.
Татьяна Владимирова.