Кэрэни, сырдыгы, үтүөнү тарҕатар, талааннаах тарбахтаах биир дойдулаахпыт, Төхтүр олохтооҕо Татьяна Лыткина дьонугар-сэргэтигэр истиҥ-иһирэх киэһэни бэлэхтээтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара Татьяна Лыткина айар үлэ абылаҥар ылларбыта 25 сылыгар аналлаах «Айар санаам ыллыгынан» дьоро киэһэтэ олус сэргэхтик ааста.
Татьяна куукула оҥоруутун курдук бэрт уустук дьарыгынан 25 сыл анараа өттүттэн үлүһүйбүтэ. Кини оҥоһуктара бары халлаантан буолбакка, дьиҥ олорор олохпутуттан ылыллан, уобарастанан тахсыбыттар. Кэнники кэмҥэ Татьяна «валяние» диэн техниканы сөбүлээн, үөрэтэн баһылаабыт. Быыстапкаҕа бииртэн биир дьон-сэргэ хараҕын сымнатар, дууһатыгар киирэр, араас техниканан оҥоһуллубут ис киирбэх куукулалар кэчигирээбиттэр. Манна бааллар — олоҥхо үс дойдутун персонажтара, Чысхаан Тымныы Хотуннуун, остуоруйа геройдара…
«Талааннаах киһи барытыгар талааннаах» дииллэрин дьиҥ чахчы Татьянабыт туоһулуур. Кини илиитигэр талаанын таһынан, ырыаһыт-тойуксут быһыытынан биллэр. Өрөспүүбүлүкээтэҕи «Туой хайа» ырыа күрэҕин дипломана, кылыһахтаах ырыатынан элбэх фольклор күрэхтэригэр кыайыылаах буолан турар. «Кэскил» норуот ансаамбыл хомусчута, «импровизатор -хомусчут» аатын чиэстээхтик сүгэр.
Дьоро киэһэҕэ «Мөҥүрүүр бөҕө» олоҥхоттон быһа тардан Татьяна куукулаларынан дьүһүйэн көрдөрдүлэр, биир идэлээхтэрэ, аймах-билэ дьоно, норуот ансаамбылын хомусчуттара, «Айыллаана» түмсүү Далбар Хотуттара кэлэн кытыннылар, эҕэрдэлээтилэр. Татьянаны айымньылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан СӨ култууратын туйгуна, Хаҥалас улууһун самодеятельноһын бэтэрээнэ буолбутунан уруй-айхал тылларын этэн туран эҕэрдэлиибит! Айар талаана саха алмааһын кырыыларыныы күлүмүрдүү, сардаҥаларынан бар дьонун сүрэхтэрин үөрдэ, сырдата, сайда, чэчирии турарыгар баҕарабыт!
Анастасия Перловская, Төхтүрдээҕи А.И.Борисов аатынан «Эркээни» КСК исписэлииһэ.