«Өлүөнэ Туруук хайалара» национальнай паарка госиниспиэктэрэ Илья Филиппов бу кэлэктиипкэ үлэлээбитэ уон сыл буолла. Оччолорго кини, Үөдэй сэлиэнньэтин эдэркээн уола, үөрэҕи бүтэрээт Покровскайга үлэ көрдүү сылдьан Очуостарбыт пааркатын визит—киинигэр резюме хааллараары өҥөйбүтэ.
«Сотору буолаат үлэҕэ киирэргэ сайабылыанньа суруйа кэлэрбэр ыҥырбыттара. Учаастактааҕы госиниспиэктэринэн үлэбин Уус Буотаматтан саҕалаабытым. Манна үлэм сүнньүнэн айылҕаны харыстааһын, туристары көрсөн арыаллааһын, балыксыттар, булчуттар докумуоннарын бэрэбиэркэлээһин о д.а. этэ»,- диэн кэпсиир мин дьоруойум.
Илья Филиппов бу дуоһунаска 2019 сылга диэри үлэлээбитэ. Паарка федеральнай таһымҥа тахсарыгар кинини оперативнай салаа старшай госиниспиэктэринэн анаабыттара. Ити салаа паарка сирин-уотун көмүскэлин күүһүрдүүгэ туһуламмыта. Ол курдук патруллааһын, бултанар кыыл ахсаанын билии, Россия ОМВД сотрудниктарын кытары рейдэлэргэ кыттыы, браконьердары кытары о.д.а. паарка режимин кэһээччилэрин бэрээдлэктээһин, баһаары умуруоруу.
«Ардыгар паарка сиригэр-уотугар сокуоннайа суох дьаһаныы туһунан суһал иһитиннэрии киирэр. Биһиги тута ол сиргэ барабыт. Холобур, былырыын кыһын Огдокуун учаастагар киэһэ браконьердар бааллара биллибитэ. Түргэнник онно барбыппыт. Дьон сокуону кэһэн туран илиминэн балыктаан эрэллэрэ. Биһиги балыктарын эҥин тутан ылан РФ КоАП 8.39-с ыстатыйатынан «административка» оҥорбуппут», — кэпсиир Илья.
Илья Филиппов Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ, омугунан эбэҥки. 1993 сыллаахха кини төрүттэрэ паарка сиригэр-уотугар община тэрийбиттэрэ. Оччолорго уон этилэр. Община баһылыгынан Илья ийэтэ буолбута. Былааннара сүрдээҕэ — таба иитиитинэн дьарыктанар баҕалаахтара. Ол эрээри, уларыта тутуу долгуна барытын туора соппута, тэристибиттэрэ ыра санаанан эрэ хаалбыта. Ити да буоллар общиналара ыһыллыбатаҕа, «кынаттар» Буотама эҥэригэр күн бүгүҥҥэ диэри олохторун салгыыллар. Илья «Кынат» община чилиэнэ. «Мин паарканы эрэ буолбакка бэйэм сирбин-уоппун эмиэ көрөбүн-истэбин. Баһылыкпытынан Степан Герасимов буолар. Кини эмиэ биһиги пааркабытыгар үлэлиир. Итини сэргэ общинабытыттан пааркаҕа Роберт, Альберт Герасимовтар үлэлииллэр», — диир кини, уонна национальнай паарка федеральнай таһымҥа тахсан элбэх саҥа анал тиэхиньикэлэммитинэн-мотуордаах аэро-оҥочолордоммуттарын, хаарынан, кутанан-бадараанынан кытары сылдьар, ону кытары кыахтаах массыыналардаммыттарын астына кэпсиир кини. Тыраахтардаммыттарын, бульдозер баарын, үксүгэр олору уоту умулуннарыыга туһаллларын эттэ.
Илья Фидиппов айылҕаҕа, ыраас салгыҥҥа сылдьарын туохтааҕар даҕаны ордорор. Бары да үлэһиттэр итинтэн астыналлар. Илья хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктанар, профессиональнай фотоаппарат атыыласпытын этэр уонна паарка кыылларын-көтөрдөрүн хаартыскаҕа түһэрэн кэллиэксийэ оҥоруон баҕарарын быктарда.
Биллэн турар, күһүҥҥү булт кэмигэр иниспиэктэрдэр үгүс рейдэлэри оҥороллор. Соторутааҕыта эмиэ мөкү балыксыттары тутаттаан тураллар. «Сокуону билбэт буолуу эппиэтинэстэн босхолообот», — диир кини. Ильяны «За заслуги в заповедном деле» диэн Саха сирин экологияҕа министиэристибэтэ туөскэ иилинэр бэлиэнэн уонна Россия айылҕа харыстабылыгар салалтата Бочуотунай грамотатынан наҕараадалаабыта.
Илья пааркаҕа үлэлиэн баҕалаах эдэр дьоҥҥо тэрилтэҕэ араас тиэхиньикэ бэриллибитинэн олору ыытары баһылыырга эрдэттэн үөрэниҥ диэн сүбэлиир. Үлэбит чаастаах үлэ буолбатах, мэлдьи барарга-кэлэргэ бэлэм сылдьыахтаахпыт диир. — «Бу бэйэтэ туспа дьикти абылыыр күүстээх романтика!»
«Өлүөнэ Туруук хайалара» паарка пресс-киинэ.