Айыы Уолугар Дьокуускайга сквер арылларыгар көмөлөһүөҕүҥ!

Чаҕылхай сулус буолан сүүрбэччэ сыллааҕыта сандаара тыган ааспыт Александр Самсоновка-Айыы Уолугар тапталлаах ийэтэ оҕотун аатын үйэтитэн сылын ахсын ырыа күрэҕин ыытар, олорбут дьиэтигэр түмэл арыйбыт, хас да кинигэни таһаартарбыт, уулуссатыгар сквер туттарбыт саха мааны далбар-хотуна Марфа Иннокентьевна билигин Дьокуускайга ыччат тоҕуоруһар сиригэр, Октябрьскай уокурукка сир анатан пааматынньыктаах сквер туттараары тэристэр.

Манан сибээстээн ийэ барахсан үп мунньаары хас да аахсыйа-кэнсиэри тэрийдэ.

Быһаарыылаах кэмнэр үүнэн эрэллэр. Онон Саша талааныгар сүгүрүйээччилэр, биир телеграмм-бөлөххө киирэн Марфа Самсонова аатыгар ким төһөнү кыайарынан (Сбербаан) 89143005924 №-дээх төлөпүөнүгэр харчы уган дьоһун өйдөбүнньүк-стела эһиил ситэн-хотон тутулларыгар харчы эбэн көмөлөһүөҕүҥ. Үтүө дьыала олоххо киирдин!

Людмила Аммосова.

Читайте дальше