Александр Ариносов Еланка саҥа көлүөнэ хаһаайына Еланка сайыҥҥы түбүктэрэ

(иннин хаһыат 32-с №-гэр көр)

Бу төрүт дьоно олорбут дэриэбинэтигэр биир бастакынан туризмҥа ылсыбыт, Еланканы кимнээҕэр даҕаны суутунан-сокуонунан турууласпыт киһи кини буолар, Еланка эрэлэ,тирэҕэ да диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

Олох оннун була илигинэ, «Уһук Илиҥҥи гектар« үөдүйүүтэ дьэ муннуларыгар сыттаахтар  харчылаһаары  санаан сири хото ылан испиттэрэ баара. Кырдьаҕастарбыт барахсаттар саастара ыраатан саатар бэйэлэрэ олорбут уһаайбаларын сирин докумуоннаппакка, гектарга былдьаппыттара. Саамай дэриэбинэ дьоно түмсэн дьоро түгэннэрин бэлиэтиир кырдайдарыттан илиилэрин соттон хаала сыспыттара. Оннооҕор чочуобуналарын сирэ «гектарга» бэриллибит этэ, хата онно учаастак ылбыт киһи бэркиһээн олохтоохтор көрдөһүүлэрин ылынан, аньыырҕаан даҕаны, сирин атыҥҥа уларыттарбыт этэ. Бу айдааҥҥа мин эмиэ аараттан кыттыспыттаахпын, төрүт олохтоохлор интэриэстэһин  көмүскэһэн. Еланкалар дьоллоругар диэххэ дуу, бу Александр Ариносов, юрист идэлээх патриот киһи туруулаһан, дьалхааннаах пандемия кэмигэр уһун унньуктаах сууттарга биир дойдулаахтарын инникитин көһүскэһэн туруорсан, син быраап буолла. Улахан суолталаах учаастактар уопсастыба туһатыгар төнүннүлэр. Ол курдук, «Ямщицкое подворье» түмэл тэлгэһэтин сорҕото кытары «гектарга« бэриллэн барбыта, биирдэ улахан тэрээһиҥҥэ кэлбиппит туалеппытыгар аан сабыллыбыт, сылгы турар сирэ буолбут этэ... Аттыгар баар күрүлгэҥҥэ тиийэр ыллык сабыллыбыта. Этэргэ дылы, хотон эҥин, күрүө-хаһаа тутулла охсубута... Сокуоннайа суох олохсуйбут киһи, төһө да тутуу ыытан  ороскуотурдар, сирин хаалларарга күһэллибитэ. Түмэлтэн өрүс диэки олус бэрт көстүү буолуон син биир биир ыал аттыгар баар сиргэ «түһэн»,  икки этээстээх дьиэни туттан былыргы дьаам дэриэбинэтэ «историческай»  көрүҥнэниэн тутахсытан турар. Иккис Малдьаҕар нэһилиэгин, улууспут да дьаһалтата кэскиллээҕи санаан эрдэттэн сирдэрин докумуоннаппатахтара, төттөрүтүн  биэрэргэ диэн илии баттыы олорбуттара хомолтолоох. Онтон билигин ити дьиэ хаһаайына,  бу мээнэ сир буолтатын учуоттаан, тэлгэһэтин тутууларын онно сөп түбэһэр истиилинэн  саҥардан биэрэрэ буоллар диэн бүччүм санаалаахпын. Бу кэрэ кырдай, этэргэ дылы, инникитин, аныгылыы эттэххэ,  «общественнай пространство» буолар кэскиллээх. Чочуобуна диэки бардахха, хайа үрдүттэн  Өлүөнэ өрүспүт бу нэлэһийэ сытар, биэрэккэ —  Ариносовтар «Тоҕус-тур» турбазалара тутулла турар. Сотору кэминэн  манна  аныгылыы тутуулаах кафе баар буолуо, сендвич-панелынан туристарга хас да дьиэ кэккэлэспит, соҕуруу өттүгэр  — саха балаҕана, сиэдэрэй ураһа дьэндэйээри тураллар.

— Үп-харчы кырыымчыгынан  тутууну саҥа ыытан эрэбит —  өр сыл туруорсан   федеральнай  граҥҥа тигистим, — кэпсиир Александр Сергеевич, — Мин манна икки омук култуурата  алтыһар комплексын арыйар санаалаахпын, хоту өттүгэр дьаамнар, соҕуруутугар  олохтоох омуктары сырдатар (Еланкаҕа араас омук дьоно сылдьан ааһар сирэ), историябытын,  үгэстэрбитин билиһиннэриэхтээхпит.Аныгы дьон аҥардас сөтүөлээн, оҥочонон айаннаан кэрэ миэстэлэрбитин эрэ көрбөккө, балыктааһынынан-отоннооһунунан муҥурдаммакка, билиилэрэ хаҥатан, сайдыыларыгар туһанан  санаалара кытары бөҕөргөөн төннүөхтээхтэр дии.

Ариносовтар туристарга анаан сендвич-панелынан саҥа тутуллубут дьоҕус дьиэлэрэ   ыалдьыт олороро түһэн барарыгар бары тэриллэринэн толору хааччыллыбыт, ыллык уҥуор хас биирдии дьиэҕэ өрүһү өҥөйө беседкахараҥарыыта уотунан-күөһүнэн сандааран олорор. Спорду таптааччыларга тренажердар баар буолуохтара, олортон билигин буокса грушата ыйанан турарын дьарыктанар дьон быһа ааспыттар. Тутуу тэтимнээхтик бара  турар, эһиил бу биэрэккэ чыҥха атын хартыына буолуоҕа сэрэйиллэр. Манна Александр быраата Сергей тутаах киһи буолан сылдьар, туристары дьаһайан олохтуур, бэрээдэги көрөр.Александр бэйэтэ ыалдьыттары Дьокуускайга  сүрүн үлэтиттэн быыстатан Сиинэ үрэҕэр тиийэ илдьэттиир.

Александр Ариносов Еланка туһугар долгуйар

Дэриэбинэ соҕуруу уһугар ХИФУ ылбыт базатыгар сырыттыбыт, мээнэ дьон хараҕар быраҕыллыбат, үйэлээх  харыйа, бэс ойуур  иһигэр кистэнэ сытар «Смотровой» былаһааккаҕа ойуур ортотунан ыллык суолунан  тиийэ сырыттыбыт. Олус да кэрэ көстүү эбит мантан — улууканнаах өрүспүт, чугастааҕы арыыларбыт хайа үрдүттэн өссө кэрэтийэн көстөллөр.»Бу дойду тэпсигэл сирэбуолуон, хата, ити университет научнай үлэнэн дьарыктанарга диэн ылбыт учаастагар бэриллэн хаһаайыннанан, күрүөлэнэн турар«, — астына кэпсиир кини.Урукку өттүгэр олохтоохтор туристар кэннилэриттэн бөх-сыыс бөҕө хомуйартан соло буолбат этилэр үһү. Университеттар бу учаастактарыгар устудуьуоннары бөлөҕүнэн таһааран научнай үлэнэн дьарыктаналлар, киэҥ-куоҥ куйаас күҥҥэ сөп-сөрүүн, ардахтаахха  көмүлүөк оһоҕу оттон абыранар саха балаҕаннаахтар, таһырдьа аһыыр сирдээхтэр…Чуумпу дойду.

Төннөн иһэн дэриэбинэ уһугар историяттан чэгиэн туруктаах соҕотох хаалбыт «хара баанньыгы» көрө тохтоон аастыбыт. Аттыгар сабыс-саҥа тутуу дьиэ турар.»Бу учаастагы сири сокуоннайа суох ылбыттарынан сууттаһан төннөртөрбүппүт, хаһаайыттар дьиэлэрин көһөрөн барыахтаахтар да дьаһана иликтэр»,- кэпсиир Александр, — Маннык хара баанньык урут хас биирдии  ыалга баар этэ. Олох туспа тутуу- оһоҕор мас умайан, көһөҥө таастар итийдэхтэринэ мас куопсугунан уу кутан баран салгылата түһээт  паарданаллара. Баанньыгы оттуу бэйэтэ туспа сатабылы ирдиирэ… Бу туһунан Еланкаҕа  түөрт кинигэни таһаартарбыт Анатолий  Соколов олус бэркэ сырдатан турар Оннооҕор көһөҥө төгүрүк таастары булууга… Бастаан эр дьон сууналлара. паарданан тахсан ыраас хаарга  үөрэ-көтө сыгынньах үҥкүрүһэллэрэ». Билигин итинник тутуулаах хара баанньык бу Еланкаҕа ордон саҥа дьиэ аттыгар харааран турар. Төһөлөөх туруу үлэһит дьон бу манна  ыарахан үлэ кэнниттэн суунан, сылааларын таһааран, итии паарынан эмтэнэн ааспыттара буолуой. Дьиҥинэн, дьаамсыктар былыр бу хайа үрдүгэр  мас кэрдэн, сир солоон олус да элбэх бааһына сирин оҥостон бурдук үүннэрэн олорон аастахтара. 1929 сыллаахха тэриллибит «Подарок Октября»  табаарыстабыттан саҕалаан колхозтар үөскээбиттэрэ, үлэ күөстүү оргуйбута. 1936 сыллаахха  холхуос 130 гектар оттонор ходуһалааҕа, 66,5 гектар  бурдук ыһар бааһыналааҕа.

«Үтүөкэннээх дьон холхуостары салайбыттара, 1990 сылтан Разум Гаврильевич, онтон Иннокентий Степанович Соколовтар, Гаврил Алексеевич Голоков, Иван Титович Яковлев, Иван Федорович  Макаров, 1949-1952 сылларга Кузьма Петрович Ариносов, салгыы 1954 сыллаахха хаһаайыстыба эстиэр дылы  Иван Иванович Соколов. Мин төрүттэрим, эһэм аах, бу сиргэ күүстээх үлэҕэ  төһөлөөх көлөһүннэрэ тохтубута буолуой. Хомойуох иһин, ол бааһыналар  билигин дэриэбинэ эстиэҕиттэн быраҕыллан оһорбо сирдэргэ кубулуйдулар. Икки хайа толору даачалаахтар дьиэ-уот туттан туһанар буоллулар. Кэлии да дьон элбээтилэр. Еланкалар дьон кэлэрин сирбэттэр даҕаны,  олохтоохтор историяларыгар ытыктабыллаах сыһыаны илдьэ сылдьыахтаахтар   диэн  өйдөбүллээхтэрин киһи баалаабат».

Дьэ манна ити «Ямщицкое подворье» түмэл көмөлөһүөхтэхтээх. Таарычча ахтан аһардахха, Александр Ариносов түмэлгэ хос эһэтин аах хаартыскаларын көрдөрбүтэ… Дириҥ историялаах аҕа уустар, икки өттүттэн. Сыллата Еланка  сорох эргэ эрээри син көрүүлээх-истиилээх турбут  дьиэлэригэр, төрүт  дьоннорун ытыктаан  түс-бас дьон ыччаттара мемориальнай билиитэлэри арыйар буолтарын биир бэйэм хайгыы көрөбүн. Бу эмиэ история чахчыта буоллаҕа. Александр Ариносов эбээтин дьиэтин бэрээдэктээн, күрүөлээн-хаһаалаан дьону кыһын түһэрэн сынньатар  сир гынан туһана сылдьара эмиэ киһи сэргиирэ. Эһээтэ Кузьма Петрович Ариносов, сэрии бэтэрээнэ“Подарок Октября” холхуоһу, онтон Сиинэҕэ эмиэ, фронтан, Сталинград кыргыһыытыттан бааһыран кэлэн баран, Еланкаҕа холхуоһун салайбыта. Бу санаатахха, онтон урбаанньыт буолара киниэхэ аҕатыттан Сергей Кузьмичтан кэлбит дуу диибин. Баҕар кини, үөрэхтээх киһи, прокуратуратыгар да син үлэлии сылдьыа этэ буоллаҕа, Еланкатыгар абылаппатаҕа буоллар. Ариносовтарга мин уонча сыллааҕыта биирдэ саас харалдьык тахсан эрдэҕинэ сылдьан ааспыттааҕым, бараан тутан кыстаан олороллорун сэргии көрбүтүм. Соҕотох кинилэр эрэ дьиэлэрэ оччолорго саҥа тутуу этэ. Кинилэр өссө саха ынахтарын хотуттан аҕалан иитэ сылдьыбыттара, хотон-хаһаа туттубуттара. Кэлин сааһыран дьиэлиин-уоттуун, хотоннуун Ивановтарга атыылаан кэбиспиттэрэ…

Еланка абылыыр күүстээх

Александр курдуктарга хас биирдии ыллык суол, хатыҥ, бэс маһынан саба үүнэн эрэр уруккута бааһына сир күндү. Бу кэрийэ сылдьыбыппыт тухары кэрэ-бэлиэ миэстэргэ тиийдэххэ  Ариносов кыракый   бөппүрүөскэ «бычогун»кытары  бэлиэтии  көрөн  кэпсии-ипсии таарыйа  бэйэ тэлгэһэтиттэн курдук ичигэстии, хомуйа сырытта.

Еланка ытыктанар түс-бас киһитэ буолан эрэр Александр Сергеевич дойдутун кэскилигэр былаана киэҥ. Өйөөччү дьоно да үгүс. Ытыктабыллаах Анатолий  Соколов курдук кырдьаҕастар  алгыстара, сүбэлэрэ-амалара онно күүс-көмө буолара саарбаҕа суох.  Кини  аныгы бириэмэ  киһитэ буоларынан, сонуннары киэҥник тарҕатар средстволары,ону сэргэ социальнай ситимҥэ үлэҕэ суолта уурар. Билэбин,олус бэркэ санаатын туруорсан хорсуннук суруйарын,хаартыскаҕа, видеоҕа түһэрэрин, сайт арыйарга тэристэрин. Дьону сынньата аҕалар инниттэн эрдэттэн былааннаан үлэлиири ордорор, сууту-сокуону, бэрээдэги  билинэр киһи быһыытынан,  Александр Ариносов Саха сирин туриндустриятын Ассоциацияларыгар киирбитэ, путевканы кииннээн бронньааһыны тэрийиигэ кэм уолдьаспытын санатар. Этэргэ дылы, барыта чуолкай, бигэ буолуохтаах, туристарга даҕаны, базалаахтарга даҕаны эрэйдэммэт, халтайга саараммат курдук. Ону урбаанньыттар эмиэ сэргииллэр. Манна былаас, салалта өттүттэн өйөбүл ирдэнэр. Уонна, биллэн турар, урбаанньыттарбыт үлэлэригэр болҕомто ууран суол кыһалҕатын уһаппакка-кэҥэппэккэ чопчу  быһаарыы  — тыын боппуруос.

Людмила Аммосова.

Читайте дальше