Александра уонна Сергей Лихановтар хаһаайыстыбаларыгар дьиэ кыыла арааһа барыта баар. Били, этэргэ диэри, тиэргэннэригэр Кытай гороскуобун кыыллара үгүстэрэ сылдьар: бөтүүк, бараан, ыт, куоска, куруолук, сылгы,.. Маны таһынан араас дьиэ көтөрүн сөбүлээн иитэллэр.
Лихановтар үс уолаттарын номнуо улаатынардылар. Оҕолор хаһаайыстыба туох-баар үлэтигэр сыстаҕастар, булка-алка, балыктааһынҥа барытыгар аҕаларын кытта тэҥҥэ сылдьыһаллар. Билигин Сергей Лиханов аны сиэннэрин үлэҕэ сыһыаран көмөлөһүннэрэр:
Онтон бачча киэҥ хаһаайыстыба улахан кыстык дьиэлээҕэ биллэр. Лихановтар олорор дьиэлэрин таһыгар, урукку сопхуос хотоно турбут сиригэр, баараҕай хотон көҕөрөн көстөр. Манна үчүгэйэ диэн сүөһү чугас уулуур сирдээх. Хотон ититиитэ суох, уруккулуу, сүөһүлүүн-көтөрдөрдүүн бэйэлэрин сылаастарыгар быр-бааччы кыстыыллар.
Билигин аһы-үөлү оҥорор салаа дойдуга уһулуччу суолталаах “импортозамещение”, ол аата омук аһын-үөлүн солбуйарга туһуламмыт бэлиитикэ сорҕото. Онтон олохтоох аһы-үөлүбүтүннүүтүн тыа хаһаайыстыбалаахтар оҥороллор. Төрүт дьарыкпыт сайдарыгар киэҥ аартык арыллара үчүгэй даҕаны,ыарахаттар тахса тураллар.
Дьэ, ити курдук Өктөм нэһилиэгэр Лихановтар дьиэ кэргэн хаһаайыстыбаларын сайыннаран олороллор. Тыа сирин сайдыыта бу тыа дьонун олохторун туругуттан тутулуктааҕын бары бэркэ билэн олоробут. Нэһилиэк дьоно бары бүддьүөт үлэһитэ буолбатахтар, үгүстэрэ Лихановтар курдук тыа хаһаайыстыбатынан эрэ дьарыгыран олороллор. Олохпутугар маннык дьон баарын тухары тыа сирэ симэлийэн хаалбакка сайда-кэҥии туруоҕа.
Татьяна Владимирова.