Алгыстаан Стрекаловскай: «Эһээбит дневнигэ элбэҕи кэпсиир»

Мин хос эһэм Федотов Егор Николаевич 1916 сыллаахха ыам ыйын 6-гар Орджоникидзевскай оройуон Харыйалааҕар күн сирин көрбүтэ. Биэс оҕолоох ыал соҕотох улахан уола буоларын быһыытынан оҕо сааһа үлэ аргыстаах ааспыта.

 Ол курдук сайын от оттооһунугар, кыстык мас бэлэмнээһинигэр, кыһынын сүөһү көрүүтүгэр, от тиэйиитигэр аҕатын кытта тэҥҥэ сылдьара.

Эһэм үөрэхтээх киһи буолуон наһаа баҕарар этэ, ол иһин кинигэ лоскуйдарын булан ааҕарга үөрэнэ сатыыра. Кэнники оҕолору үөрэтэн саҕалаабыттарыгар үөрэ-көтө үөрэнэ барбыт. Ол курдук 7 кылааһы бүтэрэн дьоһун үөрэхтээх киһи ахсааныгар киирбитэ.

Кэлин Ликбезкэ кырдьаҕастары үөрэтиигэ кыттыбыта.

Ворошилов холкуоска биригэдьииринэн ситиһиилээхтик үлэлээн ытар саанан наҕараадаламмыт, Оройуон устун лавочнай хамыыһыйаҕа ревизорунан өр үлэлээбитэ.

Аҕа дойду сэриитигэр эһээбит 1943 c. атырдьах ыйыгар ыҥырыллан барбыт.

Япония сэриитигэр кыттан 1946 с. дойдутугар төннүбүт.

Сэриигэ сылдьыбыт сылларын саныырын сөбүлээбэт этэ.

Ол оннугар бэйэтин санаатын, ахтыытын, толкуйун, кэтэбилин дневник оҥостон суруйан хаалларбыта. Онно оҕо сааһыттан саҕалаан олоҕун кэрчиктэрин, дойдутун дьонун, уоттаах сэриигэ сылдьыбытын уонна биир үксүн дьылы-кэми кэтээн көрүүтүн суруйбута киһини сөхтөрөр.

Эһэм дневнигин ааҕан билистэххэ сэриигэ ыҥырыллан айаннаан тиийиилэрэ үчүгэй-дик кэпсэнэр.

Биһиги сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эһээбитин ахта-саныы сылдьарбытыгар бэрт өйдөбүнньүк хаалларбыт диэн үөрэбит эрэ.

Эһээбит Егор Николаевич Федотов Аҕа дойду Улуу сэриитин I-кы истиэпэннээх уордьанынан, Сталин төбөлөөх уонна үбүлүөйнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Сыаналаах фонданан моой отчуттарга сиэннэрин кытта оттоон «Планета-5» мотоциклынан, хары чаһыытынан  уо.д.а. бэлиэтэммитэ.

Киэн туттабыт хос эһээбитинэн, үлэ, сэрии бэтэрээнинэн. Мэлдьи өйдүү-саныы сылдьыахпыт диэн эрэннэрэбит. Үтүө киһи үйэлэр тухары умнуллубат.

Алгыстаан Стрекаловскай, 8-с кылаас үөрэнээччитэ. Дьокуускай к.