Анастасия Гуляева: «Түмсүүлээх буоллахпытына — нэһилиэкпит күүстээх туруктаах буолар»

Нөмүгү нэһилиэгин «Кэрэл» дьахталлар сэбиэттэрэ 2018 сылтан Анастасия Гуляева салалтатынан үлэлиир. Анастасия Николаевна ахтан аһарбытынан, кини сынньалаҥҥа олордоҕуна, олохтоох дьаһалта дьахталлары кытта үлэлэһэргэ көрдөспүтүгэр, быһа гыммакка, сөбүлэспит. Бэйэтэ да сынньалаҥҥа тахсыан иннинэ улахан кэлэктиипкэ салайар үлэҕэ сылдьыбыт  киһи уопсастыбаҕа наадыйар курдук эбит. Онон, бэйэтин тула биир санаалаахтарын түргэнник түмэ тарпыт.

Сэбиэт үлэтин сүрүн соруга – нэһилиэк дьахталларын түмүү, кэрэҕэ, үчүгэйгэ талаһалларыгар тирэх буолуу. Манна киирбит кэрэ аҥардар ырыа ансаамбылыгар, үҥкүү бөлөҕөр хабыллан айаллар-туталлар, ону таһынан, иискэ холоноллор.  Билигин биир да общественнай үлэ, субуотунньук кинилэрэ суох ааспат.

— 2022 сыл күһүнүгэр нэһилиэкпит эдэр уолаттара, ыалаҕалара соһуччу байыаннай дьайыыга хомуурга ыҥырыллан барбыттара. Биллэн турар, ийэ быһыытынан маны тус бэйэм олус чугастык ылыммытым. Аны туран, күтүөтүм, полиция старшай лейтенана Иннокентий Михайлов анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьан геройдуу олохтон туораабыта, «Хорсунун иһин» уордьан кавалера. Наҕараадатын кэргэнигэр туттарбыттара. Бу ыар сүтүк кэнниттэн, аны маннык иэдээн хатыламматын туһугар ыччаттарбытыгар хайдах эмэ гынан күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолуохтаахпыт диэн бигэ санаа киирбитэ. Түмсүүм кыттыылаахтарын кытта байыастарга сылаас таҥас-сап хомуйан саҕалаабыппыт. Салгыы бэйэбит наскы баайан, харысхал оҥорон, сылаас угунньуктары тигэн, аска-үөлгэ тиийэ хомуйан күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри төһө кыалларынан тохтоло суох көмө бүтүн ыыта олоробут.

 

Сайын Ирина Саввина салалталаах «Илии сылааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи иис сыаҕын ыҥыран маастар-кылаас оҥорторбуппут. Онно байыастарга аналлаах таҥас кэмпилиэгин тигиигэ үөрэммиппит. Билигин матырыйаал туттубут да таҥас тигэн ыытан иһэбит. Иистэнньэҥнэрим Наталья Соломонова, Валериана Никифорова, Мария Григорьева, Сардана Ноева, Марианна Андреева уо.д.а. буолан тигэр таҥаспыт-саппыт хотуобай курдук, бөҕө, хаачыстыбалаах, онуоха улахан болҕомтону уурабыт. Кыргыттарбын ыҥырдым да, быыс булан хомуста охсон иистэммитинэн бараллар, онон кинилэргэ махталым улахан. Ону таһынан иискэ байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолордоох ийэлэр, эбээлэр эмиэ кыттыһаллар.

 

Байыастар биһириир, чахчы буулдьаттан-снарядтан харыстыыр диэн сыаналыыр харысхал сеткаларын өрө үөрэннибит.  Бу аҕыйах хонуктааҕыта эмиэ баһыылка хомуйан ыыттыбыт. Онно «Ситимнэрим”, кылынан-сиэлинэн иистэнэр түмсүүлэрим, 54 устуука кыл угунньу көрөн биэрдилэр. Нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһа Матрена Федотовна Саввина кээнчэ, үтүлүк тигэн ыытта. Светлана Ксенофонтова ис сүрэҕиттэн оҥорбут алгыстаах харысхалларын аҕалан биэрдэ. “Тирэхансаамбыл кыттыылаахтара, аҕам саастаах эдьиийдэрбит олус көхтөөх дьон, эмиэ сылаас таҥас ылан ыыттылар. Бу курдук өрөспүүбүлүкэ, оройуон, нэһилиэк аһымал аахсыйаларыттан бииртэн да туора тура иликпит, куруук кыттабыт, кыахпыт тиийэринэн көмөлөһөбүт. Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр эмиэ көмөлөһөбүт, төһө кыалларынан өйүүбүт. Тус бэйэм санаабар, төһөнөн түмсүү баар да, соччонон элбэх киһи уопсай үлэҕэ хабыллар. Оттон түмсүүлээх буоллахпытына — нэһилиэкпит күүстээх туруктаах буолар.

— Анастасия Николаевна, бу общественнай үлэҕэр өрөбүлү, сынньалаҥы билиммэккэ сылдьаргын дьиэкэргэниҥ хайдах ылынарый? Тыа ыалын быһыытынан сүөһү-ас тутаргыт буолуо дии, бириэмэҕин хайдах аттараҕын?

Бэйэм 1985 сыллаахха Приморскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун агрономическай факультетын бутэрэн кэлэн баран Чурапчы улууһун Мугудай сопхуоһугар кылаабынай агрономунан 5 сыл, онтон 1990 сыллаахха Покровскайдааҕы ОПХ оҕуруот аһын үүннэрэр бригээдэҕэ агрономунан биэнсийэҕэ тахсыахпар дылы үлэлээбитим. Онно саас эрдэттэн күһүн хомуур бүтүөр диэри  өрөбүлэ суох сылдьарым, онон дьиэбэр көстөрүм да аҕыйаҕа. Кэргэним Михаил Семенович өйүүр, көмөлөһөр буолан сырыттаҕым. Билигин да кини бу общественнай үлэбин сыаналыыр. Араас тэрээһиннэргэ сахалыы таҥаһын кэттэ да тэҥҥэ сылдьыһар, кыттар. Кэтэх хаһаайыстыбалаахпыт – 4 ыанар ынах, 10 төбө кыстаан турар. Маны барытын кэргэмминээн, сиэннэрбит көмөлөһөр буоланнар көрөн олоробут. Агроном буоламмын үүнээйини сөбүлээн олордобун, тиэргэним толору отонноох мас, талах. Дьиэбит таһа сайынын араас сибэккинэн киэркэйэр, оҕуруот аһын да хото олордобун.

Былырыын Нөмүгү нэһилиэгин дьаһалтатын көҕүлээһининэн күтүөппүт Иннокентий Михайлов кэриэһигэр «Бары бииргэ» ыччат байыаннай-патриотическай слета ыытыллыбыта.  Быйыл слет иккис төгүлүн тэрилиннэ, элбэх ыччат кэлэн кыттыыны ылла. Биһиги дьиэ кэргэн спонсор быһыытынан кыттабыт. Онон оҕобут аата ааттанар, үйэтитиллэр, — диэн амарах сүрэхтээх, олоххо көхтөөх Анастасия Гуляева кэпсээнин түмүктээтэ.

Ольга Гермогенова.

Читайте дальше