Атырдьах ыйын 5 күнэ хас биирдии, омугуттан тутулуга суох, Саха сирин олохтооҕун барыларын аймаата диэтэхпитинэ арааһа сыыспаппыт буолуо. Онно эбии Россия киэҥ туонатыгар кинини билэр-истэр, ытыктыыр дьонун эмиэ, аһары баран Аан дойду бас-көс дьоно, саха дьонун кытары бииргэ курутуйбуттара саарбаҕа суох. Биһиги улуус тумус туттар уола, Саха сирин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович НИКОЛАЕВ, сити курдук баараҕай, сүдү, кэрэ, дьиҥнээх саха дьонун дьылҕатын туһугар ананан кэлбит салайааччы, нууччалыы тылынан глыба, олоҥхо тылынан Ньургун Боотур курдук киһи этэ. Маннык, бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьонун барыларын кутурҕаҥҥа киллэрэр күнү мин биир бэйэм 70 сааспар чугаһаатым эрээри, көрө-истэ, билэ иликпин. Хайдаҕын да иһин, бу күн барыбытыгар даҕаны соҕотохсуйууну уонна тулаайахсыныыны аҕалбыт курдук.

Билэргит курдук, Михаил Ефимович биһиги оскуолабытын, уобарастаан эттэххэ, ууга тимирэн бучумахтана сылдьар дьону илиитин уунан быыһаабыт эрэ буолбакка, олохпутун салҕыы көрөн-истэн бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыт киһи буолар. Ол туһунан мин хаһыакка элбэхтик суруйан, киниэхэ махталбын биллэрэн этэн-тыынан турабын. Кинини ааспыт кэм курдук суруйуу миэхэ олус ыарахан эбит. Тоҕо диэтэргит, хас биирдии киһиэхэ төрөппүт аҕатыттан ураты кини хайаан да духовнай аҕалаах буолар эбит буоллаҕына, Михаил Ефимович миэхэ оннук, аҕам кэриэтэ киһи этэ.
Мин төрөппүт аҕам Василий Николаевич Харитонов, Михаил Ефимович биһиги оскуолабытыгар сотору-сотору кэлэ-бара сылдьан миигин кытары сирэй көрсөн кэпсэтэрин олуһун астынара уонна: «Һааска, Михаил Ефимович аныгы үйэ Тыгын Дархана буолар, ол аата сахалар ыраахтааҕылара диэн, онон эн Тыгын курдук Улуу киһи чугас киһитэ буолаҕын. Былыр эбитэ буоллар бу олус улахан чиэс уонна бочуот буолуох этэ» — диирэ.
Баҕар ол иһин буолуо, 2016 сыллаахха, оскуолабыт 20 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт икки күннээх уруһуй Форумун улууска тэрийэн баран, киэһээ Михаил Ефимович НИКОЛАЕВ тус бэйэтин илиититтэн «Во славу Отечества и Республики» диэн культура, наука уонна үөрэх эйгэтигэр үлэлиир дьону өйүүр Фонда Лауреатын үрдүк аатын тута тураммын: «Бээрэ, бу курдук улахан наҕараадаҕа тоҕо мин тигистим?» – диэн бэйэм-бэйэбэр ыйытык биэрбитим уонна ол ыйытыкпар сонно тута хоруй курдук хоһоон тахсан кэлбитэ.

Мин сахабын, Хаҥалас уолабын
Улууһум туһугар олуһун ыалдьабын,
Кэргэммин, оҕобун, сиэннэрбин умнаммын
Кэскилин туһугар үлэлии сылдьабын
Өрөбүл, уоппуска диэннэрин билбэппин
Сынньалаҥ күннэрбин аахса да барбаппын,
Күнү да, түүнү да буккуйан тураммын
Олохпун үлэбэр бүтүннүү аныыбын
Ол курдук сүүрбэ сыл анараа өттүгэр
Төрөөбүт улууһум сайдарын туһугар,
Уруһуй үөрэҕин кыһатын аһаммын
Ыччаппыт туһугар кыһалла сылдьабын
Дьоҕурдаах оҕолор сайдыыны түстүүллэр
Айары-тутары барытын сатыыллар,
Кинилэр буолаллар биһиги сайдыыбыт
Олохпут кэскилэ, инники дьылҕабыт
Ол иһин биһиэхэ Бастакы Президент
Омукпут чэчирии сайдарын туһугар,
Бырайыак барылын биһиэхэ туттарда
Икки күн уруһуй форумун ыыттарда
Бу буолар норуокка кыһаныы диэннэрэ
Омугун туһугар холобур буолара,
Кинини ол иһин норуоппут ытыктыыр
Сүбэтин-аматын, дьаһалын убаастыыр
Кини баар буолан саргыбыт салаллар
Кини баар буолан олохпут сайдар,
Ол иһин киниэхэ Айхалбын аныыбын!
Киниэхэ анааммын Уруйбун уунабын!
Мин бүгүн Бастакы Президент иннигэр
Оскуолам тахсыылаах буолбутун туһугар,
Киниэхэ хаһан да төлөммөт иэстээхпин
Хаһан да өҥөтүн мин умнуо суохтаахпын
Мин аҕам кэнниттэн, бастакы киһиннэн
Эн ааккын ааттыыбын Бастакы Президент,
Мин аҕам эйиигин улуутук көрөрө
Ол иһин эйиигин Тыгыҥҥа холуура
Мин бүгүн Тыгынтан бэлэҕи тутаммын
Ураанхай удьуора буоларбын билинним,
Улууһум туһугар кыһалла сылдьабын
Хаҥалас уолабын, ураанхай ууһабын!

Элбэхтэн өссө биир түгэни ахтан-санаан ааһар буоллахха, дьиктитэ диэн оруобуна Михаил Ефимович суох буолбут күнүгэр, 6 сыл анаара өттүгэр атырдьах ыйын 5 күнүгэр 2017 сыллаахха, миэхэ бастаан Юрий Семенов, ол сахха кини Өктөм лицейын дириэктэрэ, билигин Николаев-Центр салайааччыта эрийэн, Михаил Ефимович уонна биһиги Буотамаҕа барар буоллубут, эн эмиэ барсаҕын диэбитин, мин ити кэмҥэ Бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи уруһуй учууталларын Форумун ыытар түбүккэ сылдьар буолан кыккыраччы батынан кэбистим. Ол кэннэ аны Михаил Ефимович көмөлөһөөччүтэ Сергей Попов эрийэн хайаан да барсаҕын диэн көрбүтүн, эмиэ хаттаан батынан кэбистим. Өр өтөр буолбата, Михаил Ефимович бэйэтинэн эрийдэ уонна сөҥ куолаһынан: «Өлөксөөн, үлэ үлэннэн, сынньанар диэн эмиэ үлэ ээ, онон хомун, сотору тиийиэхпит» — диэн баран телефонун арааран кэбистэ. Иннэ гынан ол күн Михаил Ефимовичтыын кини Буотамаҕа баар кыракый дьиэтигэр сынньанан турардаахпын. Сынньалаҥмыт диэн, онно Буотамаҕа оҕолорго анаан үөрэҕи кытары дьүөрэлиир сынньалаҥ лааҕырын тэрийии тула кэпсэтии этэ уонна миэстэтигэр Буотама сирин-уотун көрөн, ханан туттахха ордук табыгастааҕын көрбүппүт, инникини кэскиллээҕи кэпсэппиппит. Ол күн биһиги Михаил Ефимович бэйэтэ хоторон астаабыт этин сиэн, хааһын үргээн, миинин иһэн турардаахпыт. Киэһээ күн кииритэ Михаил Ефимович миигин уонна Юрий Ивановыһы хаалан хонуо этигит диэн көрбүтүн, бу буолаары турар Форумҥа эппиэтинэстээх дьон буолан кыайан хонсо хаалабатахпытын билигин кэлэн кэмсиммиппит иһин хайыаҥый? Ким билиэ баарай оруобуна лоп курдук 6 сыл буолан баран маннык күн үүнүөҕүн!
Эппитим курдук Михаил Ефимовиһы ааспыт кэминэн суруйар олус ыарахан уонна курус.
Түмүктээн эттэххэ, мин бу курдук ыраас, сырдык, сүдү, улуу, Аар Дархан диэн ааты норуот бэйэтэ ытыктаан аат иҥэрбит уонна сүгүрүйэр киһитин кытары өр кэмҥэ бииргэ аттыгар сылдьыбытым бу мин дьолум уонна күөн туттуум буолар!
Быдан сылларга быраһаай күндү аҕам курдук саныыр, ытыктыыр, таптыыр киһибит Михаил Ефимович! Биһиги сүрэхпит тэбэрин туххары эн аатыҥ ааттаныа, хоһооҥҥо хоһуллуо, ырыаҕа ылланыа, сурукка-бичиккэ тиһиллэ, араас айымньыларга айылла туруоҕа. Эн сүдү аатыҥ Тыгын аатын курдук Саха Сирин үрдүнэн эрэ буолбакка бүтүн Аан Дойду үрдүнэн дорҕоонноохтук ааттанан үйэлэри уҥуордуо, дьону сырдыкка, кырдьыкка, сайдыыга, кэрэҕэ, хорсун-хоодуот буоларга угуйуо!
Мин бүгүн иккистээн аҕабын сүтэрдим,
Мин бүгүн кистээн уйаннык ытаатым!

Александр ХАРИТОНОВ, Покровскайдааҕы оҕо ойуулуур-Дьүһүннүүр оскуола дириэктэрэ, М.Е.Николаев олохтообут «Знанием победишь» уонна «Во славу Отечества и Республики» лауреттара, Покровскай куорат Бочуоттаах олохтооҕо.

Читайте дальше