Покровскайдааҕы Селекционнай ыстаансыйа 95 сылын бэлиэтээн аһарда. Бу сыллар тухары Дьокуускайтан тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтуттан учуонайдар кэлэн, үгүстэрэ Селекционнайбытыгар (ыстаансыйа Покровскайбыт дьоҕус оройуонун аатыгар даҕаны хаалла) өр сылларга олохсуйан, Нөмүгүнү Покровскайдааҕы опытнай хаһаайыстыбанан сэбиэскэй кэмҥэ аатырдан кэлбиттэрэ.
Саха сирин тыйыс килиимэтигэр
Селекционнай ыстаансыйа үлэһиттэрэ, учуонайдар тулуурдаах, дьулуудаах хара үлэһиттэринэн биллэллэр. Үүнээйи саҥа суордун бу тыйыс күннээх-дьыллаах Саха сиригэр айан дэлэтэр манан дьыала буолбатаҕа биллэр. Бу оччолорго эдэркээн дьоммут билии-көрүү угуйан учуонай уустук дьылҕатын талан төһөлөөх куйааска, ардахха-хаһыҥҥа биир эмэ саҥа суорду күн-дьыл туругун аахсыбакка кэтээн көрөн-харайан үүннэрэн бүтүн производство көдьүүстээхтик туһанарыгар тириэрдэр гына уонунан сыл сыралаһан түбүгүрбүттэрэ буолуой. Ону үлэҕэ бииргэ буспут-хаппыт Покровскайдааҕы ОПХ-быт, Өктөммүт, илин эҥэрбит, Булгунньахтаахпыт үлэһиттэрэ, боростуой механизатордар, ыанньыксыттар, исписэлиистэр бэркэ билэн-көрөн эрдэхтэрэ. Бу дьоммут ааттарын билигин киэн тутта ааттыыбыт, саҥа идиэйэлэр институппут учуонайдарыгар киирэ туралларыттан астынабыт. Ол аата наукабыт сайдыа, онтон сиэттэрэн — күннээҕи олохпут.
Наука этиитин туһанан үлэ күөстүү оргуйара
Махтал тылларынан ахтан ааһыаҕын Ботаническай саады ирбэт тоҥҥо тэрийбит РФ, Саха АССР үтүөлээх агрономун Мария Черткованы, кинини кытары өр сылларга бииргэ үлэлээбит, СӨ үтүөлээх агрономун Люция Готовцеваны, Саха өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһиттэрин Валентина Гревцеваны, Николай Павловы, Иннокентий Неустроевы, Николай Поповы, Рф үтүөлээх изобретателин Михаил Гоголевы, үлэ бэтэрээннэрин Евгений Цвигуны, Василий Колесниковы о.д.а.
Үүнээйи саҥа суорда биир сылынан кэлбэт. Ардыгар биир түүннээх хаһыҥ хас да сыллаах үлэҥ түмүгүн туора сотон кэбиһиэн сөп. Санаан ааһыаҕыҥ 1976 сыллаах бэс ыйын. Бу түүн 11 кыраадыстаах тымныы, хаар түһэн Ботаническай сад яблоняларын үлүтэн кэбиспитин, хайдах курдук аһына-аһына саатар силистэрэ хааллыннар диэн силигилии ситэн турбут кэрэчээн мастары төрдүгэр тиийэ кэрдибиттэрин, кэлин 1982 сыллааҕы хаһыҥ аны моонньоҕоннорун саҥа суордун угун үлүтэн эмиэ кэрдэргэ күһэллибиттэрин. Бурдугу, оҕуруот аһын саҥа суортарын таһаарыы эмиэ хас даҕаны сыллаах түбүктээх үлэ түмүгэ буолар.
Төһөлөөх тэрийэр үлэни ыыппыттара буолуой, ону сэргэ биһиги Покровскайдааҕы опытнай-производственнай хаһаайыстыбабытын салайбыт, учуонайдарбыт үлэлэрин түмүгүн көрдөрүүгэ сыраласпыт Платон Тумусовы, Василий Андреевы, Айаал Степановы, Иван Захаровы о.д.а., хаһаайыстыба агрономнарын, зоотехниктарын, боростуой үлэһит дьонун Геннадий Иванову, Филипп Иванову, Граф Константиновы о.д.а. Учуонайдарбыт көмөлөрүнэн, сүбэлэринэн, ирдэбиллэринэн элбэх сыллаах оттору хаһаайыстыбаларбыт киэҥник туттар буолбуттара, хортуоппуй, оҕуруот аһын өлгөм үүнүүтүн хомуйаллара. Бу сылларга мелиорация, оҺорбо сирдэри туһаҕа таһаарыы, хонуу үлэтигэр механизация, бааһыналарга ууну ыстарыы, уоҕурдууну көдьүүстээхтик туһаныы барбыта. Оннооҕор кымыс фермата баар этэ! Хомойуох иһин дойдубут тутула уларыйан, хаһаайыстыбалар сир-сир аайы ыһылланнар үлэ атахтана сырыттар даҕаны, аны тэрилтэлэр наука суолтатын өйдөөн билигин учуонайдарбыт үлэлэригэр болҕомто туһаайыллан эрэр. Онон институппут, Селекционнай станциябыт сонун тыыннанан саҥа көлүөнэ учуонайдарбытыгар саҥа саҕахтар арыллаллар.
Бу күннэргэ Бырабыыталыстыба салайааччыта Андрей Тарасенко кэлэ сылдьан учуонайдар санааларын истэн хамсааһын тахсарыгар дьаһаллары ыларга болҕомтотун ууран барда. Эрэниэҕиҥ, селекционердарбыт тэрилтэтин 100 сылын аны биир пятилетканан үлэҕэ-хамнаска өссө үрдүк ситиһиилэрдээх көрсүөхпүтүн.
Людмила Аммосова