Төрүт дьарыккыт
Сотору кэминэн саас буолуута, харалдьык тахсыыта эр дьону ат сүүрдүүтэ сахалыы бастакы бэлиэ күн утуйар ууларын көтүтүө. Онно сөп түбэһиннэрэн Өктөм кырдьаҕаһа Николай Острельдин редакцияҕа уон сыланара өттүгэр миэхэ хаалларбыт суруйуулардаах паапкатыттан биир ахтыытын билиһиннэрэбин.
Былыр диэххэ, «Өктөм» совхоз күннээн-күөнэхтээн сырыттаҕына, Чапаев биригээдэтэ диэн ааттанар эрдэҕинэ, турбут-олорбут уол оҕото тутуу биригэдииринэн үлэлиир этэ. Бу Япония сэриитин кыттыылааҕа тоҕус оҕо аҕата Егор Николаевич Алексеев (хос аатын суруйбаппын, XXI-с үйэҕэ, сайдыылаах кэмҥэ киһи хос ааттанара баттабылга тэҥнээх буоллаҕа. Ол эрээри чапаевтар хос ааттарынан эрэ билсэллэр. Ол революция инниттэн, түҥ былыргы кэмҥэ кэлбит “итэҕэл” диэххэ сөбө эбитэ дуу, эбэтэр олох атыны туойдум дуу) үлэлиир этэ. Бу биригээдэ туппут дьиэлэрэ, маҕаһыына билиҥҥэ диэри турар, сорох олохтоохтор атыылаан баран, атын аныгылыы дьиэ тутталлар, ол билиҥҥи кэм ирдэбилэ буоллаҕа…
Күһүн үлэ-хамнас аччааһына, Дьөгүөссэ таптыыр идэлээх этэ, ол хаҥыл сылгылары тутан, сыһытан көлүнэрэ, эмиэ бэйэтин курдук тэһии буолаллара, көлүнэр сэргэттэн быатын босхо ыыттыҥ да түһүнэн кэбиһэрэ, мин элбэхтик сыыһа олорон турабын. Дьөгүөскэ ол аайы үөрэн тииһэ килибэчийэн көстөрө.
Сүүрүк хас да аттааҕа. Олору баайан баран дьоллоох Дьокуускай ат сүүрэр сиригэр киллэрэрэ, Өктөмнөр автобуһунан «ыалдьа» киирэрбит, биир эмэ аппыт кыайдаҕына дуу, миэстэлэстэҕинэ үөрэммит автобус иһэньамалаан буолара. Дьөгүөссэни хайдах гынан хайҕыахпын булбат этибит, онно баара эбитэ буоллар, баҕар тырыта да тыытыах курдук этибит, хата кини дьолугар аттарын таһаара хаалаахтыыр, биһиги дьүһүннэлэрбитин көрөрө буоллар сөҕүө этэ. Өктөмнөр омуннаах дьоммут, ол Эһэбит Дыгын саҕаттан кэлбит «ыарыы» буолара. Эркээни хочотун олохтоохторо омуннаах соҕуспут быһыылаах.
Чэ, ити хааллын, Дьөгүөссэбитигэр төннүөххэ. Ат баайыытыгар олох да босхо үлэлиир, ол иһин мин дирекцияттан туруорсан, элбэх оҕолооҕун учуоттаан тутууга ылар хамнаһын бэрдэрэ сатыыбын, онно наһаа үөрэрэ. Улуу сэрии кыттыылааҕа, сэмэй, көрсүө атаһым кэриэтэ киһи, киһи кэрэмэһэ этэ, ыччаттара ону батан үлэһит буоллулар.
Николай Острельдин, Өктөм кырдьаҕас олохтооҕо.