Чэбдик олох
Улахан Аантан бу туһунан биһиги общественнай кэрэспэдьиэммит, орто оскуолаҕа социальнай педагогунан үлэлиир Парасковия Максимова сонунун үллэһиннэ:
— Дьокуускайга кэлин сылларга ситиһиилээхтик үлэлиир «Аврора» медицинскэй клиника Уһун үйэлэнии киинэ аҕам саастаах дьоҥҥо «Самаан сайын» бырагырааматынан быйыл быстах кэмҥэ (бэйэтин дьиэтэ-уота өрөмүөннэнэринэн) биһиги сэлиэнньэбитигэр тахсан эмтэнэр дьонун сынньатар. Манна үксэ 60 саастарын ааспыт бэтэрээннэр бастаан куоракка клиникаҕа доруобуйаларын көрдөрүнэн, анааалыстары баран, аныгы технологиялар, обрудование көмөтүнэн диагностарын чуолкайдатан эмтэнэн манна кэлэн салгыы чэбдигирэллэр, «Бөртө» сылгы собуотун эбии үөрэҕи тэрийии пуунугар олохсуйан дьиэтээҕи олохтон аралдьыйан сэргэхсийэн бараллар. Эмтэнии салҕанар — физкультура, салгыҥҥа чэбдигирэ хаамыы, ушу дьарыга, массаж, медитация ыытыллар, араас психологическай көмө оҥоһуллар, аралдьытар тэрээһиннэр буолаллар. Биһиги, олохтоохтор, онно туох баарынан көмөлөһөбүт, -диэтэ.
— Дьэ, ол эмтэнээччилэргэ тугу утары уунардааххыт?- ыйытабын.
— Сүнньүнэн, кэрэ-бэлиэ сирдэрбитигэр сырытыннарабыт, историябытын билиһиннэрэбит буоллаҕа. Киин бэйэтэ туспа бырагыраамалаах, дьону аралдьытарга, уйулҕаларын бөҕөргөтөргө. Мин, холобур, Дьөһөгөй оҕотун түмэлигэр сырытыннарабын, хаһаайыстыбабыт, нэһилиэкпит туһунан кэпсиибин. Улахан Аан кэрэ айылҕалаах дойду. Таҥара Уола кылыйбыт сиригэр эҥин экскурциялатабыт. Психолог быһыытынан салайааччыларын Кыталыына Баһыкаан Кыыһын кытары, араас тиэмэҕэ истиҥ кэпсэтиилэри, санаа атастаһыытын тэрийэбит. Холобур, таптал, оҕо иитиитин, олох о.д.а. боппуруостарыгар. Кыталыына сахалыы төрүт билиини тарҕатааччы, уопуттаах уйулҕаһыт. Таарычча эттэххэ, кини ураты айылҕалаах киһи -Хотугулуу-Илиҥҥи университеппытыгар психолог идэтин кыһыл дипломнаах бүтэрбит, араас итиниэхэ сыһыаннаах хас даҕаны анал үөрэхтээх исписэлиис. Хас да кинигэлээх суруйааччы,хоһоон айааччы, айар быыстапкаларга, дьоһун күрэхтэргэ бэйэтэ эмиэ кыттар, ушуга тиийэ, олоххо көхтөөх көрүүлээх киһи. Дэгиттэр талааннаах, элбэҕи билэр-көрөр — аҥардас 32 дойдуга сылдьыбыта да үгүһү биэрдэҕэ. Онон эмтэнэ кэлбит дьон астынан, дууһалара сырдаан, уйулҕалара оннугар түһэн, бэркэ сэргэхсийэн, чэпчээн баралларын көрөбүн. Хата, ситэри бэйэтиттэн билис, — диэтэ, дьиэтигэр-уотугар сайыҥҥы киһи түбүгэ элбэҕинэн Парасковия Ионовна уонна Кыталыына төлөпүөнүн биэрдэ, хаартыскалары ыытта. Эрийэ сырыттым. Үлэһиттэрин эбии ыйыталастым.
— Улахан Аан кэрэ да айылҕалаах дойду. Биһиги манна балаҕан ыйыгар диэри олохсуйдубут, усулуобуйабыт үчүгэй, сибиэһэй ас-үөл, ыраас салгын, сонун дьон, — кэпсиир Кыталыына. — Миигин кытары Франческа Сметанина диэн массаж эҥин оҥорор исписэлиис уонна Рейа диэн ырааһы хааччыйар, күүс-көмө буолар үлэһиттээхпит — дьонум эриэккэс ааттаахтар (Парасковиябыттан ситэ өйдөөбөккө хос ыйыталаспыппар быһаарда)… Эмтэнээччилэрбитин кытары солото суох сылдьабыт — физкультура дьарыктара, массаж процедурата эҥин кэнниттэн тэрээһиннэрбит кэлэн иһэллэр. Улахан Ааҥҥа да киһи көрөрө үгүс эбит. Холобур, ити Дьөһөгөй түмэлин сэргэ Александр Самсонов- Айыы Уолун түмэл-дьиэтигэр дьоммутун сырытыннарбыппыт. Бөтүрүөп таҥара күнүн саҕана эмтээх отторго дьарык ыыппыппыт, Эко-пааркаларыгар сылдьыбыппыт — кустар уста сылдьаллар этэ… Таҥара Уола кылыйбыт сиригэр ыалдьыттаабыппыт… Барыта туспа тиэмэлэрдээх сырыылар буолаллар. Араас маастар-кылаастары, дьарыктарыыытабыт. Холобур, гипсэнэн оҥоһугу оҥорууга Александра Пудова дьоммутун үөрэппитэ… Улахан Ааҥҥа араас дьоҕурдаах, уус, талааннаах дьоннор бааллар, норуот маастара Светлана Павлова курдук. Олор үлэлэрин билиһиннэрэллэр. Онон дьоммут дьиэ түбүгүттэн аралдьыйан, сорохтор соҕотохсуйууттан да арахсан элбэҕи билэн-көрөн сэргэхсийэн бараллар. Күүс-көмө буолар олохтоохторго, хата, махталбытын тириэрт, — диэтэ Кыталыына-уйулҕаһыт.
Кэпсэтиим түмүгэр кэлэктиипкэ ситиһиилэри баҕардым. Хаҥаласпыт кэрэ айылҕата, амарах дьоно-сэргэтэ, кырдьык даҕаны, киһи уйулҕатын араҥаччылыыр дойду буоллаҕа.
Людмила Аммосова