Спорт 17 көрүҥэр 14 омук дойдутуттан уонна Россия 26 регионуттан барыта 1909 эдэр спортсмен күрэс былдьаспыта.
Бу оонньуулары көрсө CГУ “Юность” стадиона, “Сэргэлээх” остолобуойа, “Олимпийскай дэриэбинэнэн” ааттаммыт саҥа уопсай дьиэ үлэҕэ киирбиттэрэ. Ону таһынан 800 миэстэлээх Саха циркэтэ, 4 сулустаах “Хотугу сулус” гостиница тутуллубуттара.
Оонньуулар үөрүүлээх аһыллыыларын сиэригэр-туомугар чулуу спортсменнарбыт Наталья Леонтьева, Тимур Пестерев, Ира Платонова, Миша Тарасов, Надя Хармунова, Аркадий Дмитриев, Алена Федулова уонна Сергей Брюнеткин “Азия оҕолоро” оонньууларын былааҕын күөрэччи көтөхпүттэрэ. Спортсменнар ааттарыттан андаҕар тылы Россия күрэхтэһиитин кросска уонна эстафетаҕа боруонса призера, РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин үрүҥ көмүс призера, Дальнай Восток Федеральнай уокуругун уонна Саха сирин чэпчэки атлетикаҕа чемпионката Настя Иванова эппитэ. Оонньуу кылаабынай судьуйатынан олимпийскай чемпион, норуоттар икки ардыларынааҕы экстра-кылаастаах судьуйа Павел Павлович Пинигин этэ.
“Азия оҕолоро”-2004 үөрүүлээх аһыллыытын сонун тэрээһининэн, Тымныы оройунан аатырар Дьааҥы сирин Киһилээх хайатыгар бэс ыйын 23 күнүгэр уматыллыбыт факелы көрсүү сир аайы спортивнай бырааһынньыкка кубулуйбута. “Туймаада” стадиоҥҥа оонньуу умайа кыыһар факелын Аан дойду уһун тыыннаах быһыйа Татьяна Жиркова аҕа көлүөнэ аатыттан Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын хапытааныгар Михаил Тимофеевка туттарыыта сүрүн болҕомтону ылбыта.
Түмүккэ, Саха сирин оҕолоро 89 мэтээли (36 кыһыл, 33 үрүҥ көмүс, 20 боруонса) дойдуларыгар хаалларбыттара.
Казахтар 61 (28 кыһыл, 12 үрүҥ көмүс, 21боруонса) мэтээллэммиттэрэ. Саха сирин иккис хамаандата 36 (12 кыһыл, 12 үрүҥ көмүс, 12 боруонса) ылбыта. Индия — 27 (6 кыһыл, 7 үрүҥ көмүс, 14 боруонса) мэтээли илдьэ барбыттара, Кытай — 27 (14 кыһыл, 9 үрүҥ көмүс, 4 боруонса), Корея Народнай Демократическай Республиката — 20 (12 кыһыл, 2 үрүҥ көмүс, 6 боруонса) мэтээлиылбыттара.
Монголлар 15/4 кыһыл, 4 үрүҥ көмүс, 7 боруонсамэтээли кумахтаах истиэптэригэр илдьэ барбыттара.
Василий МОЖУКОВ, спорт бэтэрээнэ, Покровскай к.