«Азия оҕолоро» оонньуу уотун Кембрий кэминээҕи ньиэптээх таастан саҕан ыыттарбыт…»

Кембрий кэмин билэ сатааһын салҕанар. Ой орто оскуолатын педагога, научнай экспедиция салайааччыта Прокопий Ноговицын этэринэн, 2003 сылтан үөрэнээччилэр РАН чилиэн-кэрэспэдьиэниттэн биологическай наука дуоктара Никита Соломоновтан Өлүөнэ орто тардыытыттан археоциаттары уонна трилобиттары булан чинчийэргэ сорудах ылтара. «Салгыы биһиги Өлүөнэ өрүс, Сиинэ үрэҕин эҥэригэр ньиэп да баар буолуон сөбүн геолог Аркадий Андреевтан 2010 сылтан билбиппит — диэн суруйар кини.

— 2012 сыллаахха Остуолбалар аттыларыттан ньиэп сыттаах сырдык таастары булбуппут. Ити таастары алдьаттахха ис өттүгэр хара өҥнөөхтөр, трилобиттар, ону сэргэ брахиоподтар суоллара көстөр этэ. Оҕолорбутунаан киэһээ кутаа уот оттон уматан көрбүппүт уонна таастарбыт күөх төлөнүнэн умайалларын көрөн соһуйбуттаахпыт, сөхпүттээхпит. Уматыллыбыттарын кэннэ балар испиэскэ таастарга кубулуйалларын билбиппит. Оо, маннык испиэскэ таас бу эҥэр оттон сир-сир аайы элбэх ээ. Геолого-палеонтологическай кэллиэксийэбитигэр бу таастарбыт бааллар, саамай дьиктилэрбит кэккэтигэр киирэллэр. Биһиги экскурсияҕа кэлбит дьон олору сытырҕалаан көрөллөрүгэр сүбэлиибит — Кембрий ньиэбин сытын билиҥ диэн. 530 мөл. сыл анараа өттүгэр үөскээн баран улахан баттааһын кэнниттэн ньиэпкэ кубулуйбуттара буолуо…

«Ааспыт сыл филолог Евгений Гороховтан, «Эллэйээдэ» эскпедиция доҕоруттан, Өлүөнэ орто сүнньүнээҕи Кембрийскэй ньиэп туһунан эмиэ истибиппит, — диэн салгыы кэпсиир кыраайы үөрэтээччи учуутал, — Аан бастаан бу маны сэбиэскэй геолог арыйбыт. 1937 сыллаахха Өлүөнэ уҥа өттүнээҕи Туолба үрэҕэр, Өлүөхүмэ сиригэр, ньиэби көрдөөһүҥҥэ үлэлээбит геолог Василий Сенюков туһунан киинэ уһуллубут. Онтон биһиги билбиппит Буотамаҕа кембрий кэминээҕи ньиэп баарын».

«Эллэйээдэлэр» таастыйбыт образецтары ньиэп састааба баарын чинчийиигэ научнай тэрилтэҕэ ыыппыттар, түмүк күүтүллэр, өссө маннык үлэни Өктөмҥө Наука дьоҕус академиятын лабораторияларыгар ыытар киһи диэн бүччүм санаалаахтар. Үөрэх кыһатын салайааччыта Василий Павлов, бэлиэтииринэн МАН дьиэтэ «Кэлэр көлүөнэлэр» пуондаларыттан, чуолаан «РОСНЕФТЬ» сүдү тэрилтэ үбүн көмөтүнэн тутуллубута, оттон бары аан дойду таһымнаах оборудованиета «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак үбүлээһининэн атыылаһыллыбыта, 200 мөл. солкуобайтан элбэххэ…

«Эллэйээдэлэр» бензин сыттаах таастарын салгыы көрдүүл-лэр. Маннык атылыы таас дьапталҕалара Британскай Колумбия сиригэр, Канада диэки, национальнай паарка сиригэр бааллара эдэр палеонтеологтары угуйар. Прокопий Ноговицын өссө «Азия оҕолоро» оонньуу уотун Кембрий кэминээҕи ньиэптээх таастан сахпыт киһи диэн киһини долгутар бүччүм санаалардаах. Кырдьык даҕаны, тоҕо сатаныа суоҕай? Сотору кэминэн Кембрий түмэлэ Дьокуускайга тэриллиэ үөрдэр.

Людмила Мордовская

Читайте дальше