Истиҥ тылынан
Былырыын Саха өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Покровскайга үгэс быһыытынан ини-бии Ксенофонтовтар пааматынньыктарын аттыгар миитиҥҥэ мустубут дьоҥҥо ытык дьоммут сиэн балтылара Зоя Ивановна олохтон бартын туһунан кутурҕан сонуну истибиппит этэ. Дьоһун ыалы, көлүөнэлэри кытары ситимниир утахпыт быстыбыкка дылы буолбута… Барбыта эргиллибэттии тиһэх киһибит, Баһылай Ксенофонтов соҕотох хаалбыт, кини түһэҕэр олоро сылдьыбыт, сылаас тыынын билбит сиэнэ.
Күн дьыл барар, көлүөнэлэр солбуһаллар — олох сокуона оннук. Дьылҕа-хаан Зоя Ксенофонтоваҕа 95 сылы кэмнээн биэрбитэ, удьуор утумун салҕаа, кырдьык, сырдык, кэскил туһугар кэрэгэй үйэлэммит дьиэ кэргэн ситэ олорботох олоҕун олор диэн. Зоя Ивановна ити соругу чиэстээхтик толорбута диэххэйиҥ, бэйэтин олоххо дьулуурунан, ыраас ыра санаатынан, үүнэр көлүөнэни иитэн, ыччаты кытары быһаччы үлэлиир дьону дьоһуннук салайан. Кини хорсуннук тулуйбута — репрессия ыар содулун, бэйэтинэн билбитэ, сүрэҕинэн ылыммыта кырдьык тиллиитин, дьонун үтүө аата норуотугар төннүүтүн. Кини көрбүтэ оҕолорун сүтэрбит эбээтин, эһээтин маҥхайбыт баттахтарын, курус тыына ыаллыспыт харахтарын, бүтүн аймах эстэ сыһыытын. Кини турбута Платон Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын киэҥ сыанатыгар Баһылай Харысхал суруйбут «Көмүөл» испэктээкилин кэнниттэн киэҥ аймахтан аҕыйах хаалбыт дьонун туоһута буолан… Элбэҕи ытык дьонун үйэтитиигэ үлэлээбитэ.
Олоҕун тиһэх сылларыгар мин бу ытык киһибит туһунан кинигэ бэлэмнээри, тахсыбытын да кэнниттэн салгыы элбэхтик алтыспытым. Билбитим ол көрсүһүүлэртэн бу сыллар тухары алтыһан кэлбит дьонугар өрүү махталлаах сыһыанын, биир дойдулаахтарыгар эрэлин, ол быыһыгар — дойдубут инникитэ өрүү долгутар этин. Ол эрээри бэйэтин көлүөнэ дьонугар, үөрэппит оҕолоругар эрэллээҕин, кинилэринэн киэн туттарын.
Зоя Ивановна дьоһун олоҕу олорон ааста, учуутал, иитээччи, идиэйэтигэр бэриниилээх коммунист, ийэ, эбээ, эдьиий буолар аналын чиэстээхтик толорон. Утуйар уутун умнара оскуолатын, үлэлиир кэлэктиибин туһун санаан, астынара ситиһиилэриттэн. Махталлааҕа биир дойдулаахтарыгар тиит-арыыларга олох киэҥ аартыгар салаллар үлэлии сылдьыбыт оччолорго Харыйалааҕын, кэлин Булгунньахтааҕын, Покровскайдарын оскуолаларыгар, аҕатын кытары бииргэ төрөөбүт убайын аатын сүгэр Гавриил Ксенофонтов аатынан Хаҥаластааҕы,ону сэргэ Чкалов сэлиэнньэтин Ксенофонтовтар дьиэ кэргэттэригэр түмэллэрин, Гуманитарнай чинчийии институтун кэлэктииптэригэр. Туох кыалларынан кинилэргэ күүс-көмө буоларга дьулуһара.
Олус да астынан кэлбитэ олохтон барар сааһыгар төрүттэрин дойдутугар Бүлтэгиргэ туруоруллубут мемориальнай комплекска сылдьан кэлбитинэн, бар-дьонугар кэс тылын тириэрдэн хаалбытынан, бүөбэйдээн ииппит сиэнэ Антоннаах хос-хос сиэни бэлэхтээбиттэриттэн, аттыгар уолчаана Сашата баарыттан, кэллиэгэлэрэ Вера Куприянова, Надежда Ахменова, Елизавета Мартынова, суруйааччы Павел Харитонов-Ойуку, Чкаловтан Раиса Степанова, чугас дьон Галина, Александр Протодьяконовтар, Наталья Ксенофонтова-Котельникова, Татьяна Корнилова о.д.а. билсэ-көрө, сибээстэһэ туралларыттан. Өрүү ыалдьыттардаах буолара, кэлбити кэрэ көпсээннээх көрсөрө.
Үтүөлээх учуутал, «Бочуот Знага» уордьан, элбэх мэтээл кавалера, Хаҥалас Бочуоттаах олохтооҕо Зоя Ивановна олус да интеллигентнэй, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, сырдык санаалаах киһи этэ. Эгэ биллиилээх биир хаан өбүгэлэринэн өҥнүбүтэ баара буолуо дуо, сэмээр үөрэрэ, кинилэри, төһө да бириэмэ аастар, алтыһан ааспыт дьонноро истиҥник саныылларыттан. Суохтаатыбыт, сэлэһэр кэммит бүппүтүнэн, хараастабыт ааһан иһэн дьиэтин түннүгэ уота суох буоларынан. Астынабыт, үлэлээбит оскуолатыгар кини аата иҥэриллибитттэн. Ахтан ааһыахпыт Судаарыстыбаннас күнүгэр Покровскайга Г.В.Ксенофонтов аатынан түмэлгэ кэриэстэбил тэрээһиҥҥэ — үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат, ситим быстыбат.
Людмила Аммосова.