Бары күрэх кыайыылаахтара бириистэринэн наҕараадаланнылар

Бүгүн Өктөм нэһилиэгин ытык кырдьаҕастара бары «Барҕарыы» култуура киинигэр тоҕуорустулар. Бу күн кэлэн иһэр 2024 сылынан, олохтоох көхтөөх түмсүү кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр, Тымныы Оҕонньору сиэнинээн Хаарчаананы кытта көрүстүлэр. Ырыа-тойук, үҥкүү-битии доҕуһуоллаах толору астаах сандалы тула олорон, сэһэргэһэн араас күрэхтэргэ кытыннылар.

Биллэн туран эбээлэр астара саамай минньигэс буолар. Манна анаан аҕалбыт бүлүүдэлэргэ «Саҥа дьыллааҕы амтан» диэн күрэх буолла. Эбээлэр араас салааттары, итии астары, заготовкалары амсатан дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдүлэр.
Аны туран бары мустубуттар ырыаһыт буолан биэрдилэр. Кинилэргэ анаан ырыа күрэҕэ ыытылынна. Маны таһынан подиум устунан хаамсан бэйэлэрэ тикпит таҥастарыттан муода көрдөрдүлэр. Уонна ханнык да Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык маскараднай көстүүм күрэҕэ суох буолбат. Онон бу киэһэ ыалдьыттыы араас остуоруйа дьоруойдара, ойуур кыыллара кэлэ сырыттылар. Бары күрэх кыайылаахтарыгар бириистэринэн наҕараадаланнылар.


Ити курдук, Өктөм нэһилиэгэр кэлэн иһэр Саҥа дьылынан олохтоох дьаһалта уонна култуура үлэһиттэрэ бастакынан көхтөөх ытык кырдьаҕастарын эҕэрдэлээтилэр.

Татьяна Владимирова