Нэһилиэктэргэ -1-Дьөппөн
Үүнүү хомуллан, дьиэ-уот сылытыллан кыһыҥҥы түбүктэр саҕаланнылар. «Хайдах олороҕут, туох кэрэ кэпсээннээххит?« диэн 1-Дьөппөн дьаһалтатын исписэлииһигэр Лена Ефремоваҕа тиийэ сырыттым.
— Этэҥҥэ кыстыкка киирдибит. «Газстрой» тэрилтэ хааччыйар хочуолунайыгар быйыл ититии ситимин олохтоох уолаттарбыт Дьулустаан Константинов, Петр Марков бэрт түргэнник, хаачыстыбалаахтык тарданнар эбии 13 ыал сылааска холбонно. Сайыҥҥы үлэбит бэркэ түмүктэннэ. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр, 17 ыалга, Хоточчуттан бааһынай-фермер хаһаайыстыбалара — Александр Егоров кэлэктиибэ үүннэрбит биирдии куул хаппыыстатын уонна Владимир Яндреевтаах 5-тии кг моркуоптарын түҥэттибит, — диэн кэпсээтэ дьаһалта үлэһитэ.- Алтынньы 19 күнүгэр «Сарыал» култуура киинигэр бэрт сэргэх күрэх буолан ааста. Тиит Эбэ сэлиэнньэтин тэрилтэлэриттэн аҕалар кыттыылаах «Бастыҥ аҕа» биэс түһүмэхтээх күрэх ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ аҕа дьиэ кэргэҥҥэ оруола сыаналаммыта. Иккис «Корнхол» диэн түһүмэххэ аҕаларбыт дьиэ кэргэттэрин кытары кыттыбыттара интэриэһинэй буолла. Үһүскэ, быраҕыллыбыт матырыйаалы туһаҕа таһаарыыга, аҕаларбыт мындыр өйдөрүн, сатабылларын көрдөрдүлэр. Төрдүс түһүмэх булт эйгэтигэр ананна, аҕа баһылыктарбыт дьиэ кэргэн туһунан ыйытыктарга хоруйдаатылар. Бэһискэ сөбүлүүр дьарыктарын билиһиннэрэн бары да сөхтөрдүлэр. Күрэхбэрт сэргэхтик ааста. Кыттааччыларбыт тус-туспа ааттарынан бэлиэтэннилэр. «Дьулуурдаах аҕа» ааты Айсен Иванов, «Мындыр аҕа« — Анатолий Рехлясов, «Иһирэх аҕа» ааты элбэх оҕолоох Степан Сыромятников ылыахтарын ыллылар. Күрэх кыайыылааҕынан эдэр аҕа, ыччат лидерэ Михаил Адамов ааттанна уонна «Сарыал» култуура киинин бирииһинэн ылла. Мантан да кыһын араас тэрээһиннэр олохтоохтору күүтэллэр.Үлэ-хамнас кэминэн барар, — диэн сонунун үллэһиннэ дьаһалта үлэһитэ уонна бэлиэ түгэнтэн хаартыска ыытта.
Людмила Аммосова.