Бастакы Президеммит сырдык аатыгар сүгүрүйэн

#ДеньГосударственностиЯкутии

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев Саха сирин саҥа судаарыстыбаннаһын төрүт оҥкулун оҥорбута, Россия Федерациятын биир бастыҥ, сайдыылаах эрэгийиэнэ буоларыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Кини ырааҕы өтө көрөн, дириҥ суолталаах уларыйыылары киллэрэн, судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтүүгэ, өрөспүүбүлүкэ демократиятын, сайдар суолун олуктарын олохтооһуҥҥа уһулуччу үлэни ыытан, билигин өрөспүүбүлүкэбит киэҥ иэнигэр 100-тэн тахса араас омук дойдубут сайдарын туһугар иллээх-эйэлээх олоҕу өрө тутар, үлэлиир-хамсыыр, сайдар-чэчириир. М.Е. Николаев Саха сирин норуотун инники кэскилин туһугар бэриниилээхтик туруулаһан үлэлээбит, экэниэмикэни табыгастаах суолга киллэрбит, аныгылыы былааһы кэмигэр уонна саамай сөптөөхтүк олохтообут, бүттүүн норуотун дириҥ ытыктабылын ылбыт сүдү киһибит.

Бүгүн, СӨ судаарыстыбаннай суверенитетын Декларацията ылыныллыбыт күнүгэр, М.Е. Николаев төрөөбүт дойдутугар, Хаҥалас улууһун Чапаев сэлиэнньэтигэр, үтүө үгэскэ кубулуйбут тэрээһин ыытылынна.


Аан тылы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев эттэ уонна судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда. Маны таһынан СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков, «Хаҥалас улууһа» МО баһылыга Олег Иринеев, СӨ Ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникация миниистирин э.т., РФ дьоруойа Игорь Юргин эҕэрдэ тылы эттилэр.

Тэрээһиҥҥэ Михаил Николаевы кытта бииргэ үлэлээбит, элбэхтэ алтыспыт киһи, САССР Үрдүкү сэбиэтин XII ыҥырыытын бэрэссэдээтэлэ, СӨ бочуоттаах олохтооҕо Климент Егорович Иванов мустубут дьоҥҥо үтүө тылын анаата:
— 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт Суверенитет туһунан декларацияны ылыммыта. Уопсастыба олоҕун оҥкула төрдүттэн уларыйбыта. Ити кэмтэн ыла саҥа Саха сирин устуоруйата саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын төрдүттэн уларытар саҥа Төрүт Сокуону бэлэмниир хамыыһыйаны Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ М.Е. Николаев салайбыта. Хамыыһыйа састаабыгар 59 киһи киирбитэ. Дьэ итинтэн саҕаламмыта – өрөспүүбүлүкэ бэйэтин бэйэтэ үбүлэниитигэр киирэр уустук үлэ, — диэн Климент Егорович бу күн суолтатын туһунан эттэ.

Бастакы Президеммит Саха өрөспүүбүлүкэтин салайыы, сайыннарыы тускулларын төрдүттэн уларыппыт, биһиги норуоппут дьолугар кэлбит чулуу духуобунай лидербитинэн буолар, ону өрүү саныы-өйдүү сылдьарбыт тоҕоостоох.

Татьяна Владимирова.