«Эркээни хочото» ТЭР
Былырыын бэс ыйыгар Саха сиригэр бэйэ оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга туһуламмыт сокуон бигэргэммитэ. Бу сокуон олоххо киириитин көҕүлээччинэн СӨ Бастакы Президенэ Михаил Николаев буолар. Саҥа сокуон муниципальнай тэриллиилэр социальнай-экономическэй сайдыыларын тэтимирдиигэ, олохтоох урбаанньыттары үлэҕэ көҕүлээһиҥҥэ туһуланар.
2023 сыл сэтинньитигэр өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан «Эркээни хочото» бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарар территориятыгар Төхтүр, Өктөм, Дьэр, Нөмүгү нэһилиэктэрэ уонна Покровскай куорат киллэриллибиттэрэ. Онтон бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, улахан инвестиционнай үлэ саҕаланыыта бигэргэтиллэн, СӨ экономикатын миниистирин солбуйааччы Александр Афанасьев, «Хаҥалас улууһа» МО баһылыга Олег Иринеев, Өктөм нэһилиэгин баһылыгын э.т. Акулина Максимова уонна бастакы резидент, урбаанньыт Петр Андреев бииргэ үлэлэһиигэ Сөбүлэһии баттастылар.
Бэлиэтээн этэр буоллахха, Андреевтар дьиэ кэргэн туризм эйгэтигэр үлэлээбиттэрэ номнуо 24 сыл буолла. Петр Николаевич аҕыйах хонуктааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев «Үлэ киһитэ» бириэмийэтин тутта. Аны туран, бу сылга федеральнай грант кыайаннар «Орто дойду» туристическай комплекска 24 миэстэлээх, үс сулустаах баараҕай гостиница тутуута саҕаланыа. Бырайыак үлэҕэ киирдэҕинэ Хаҥалас улууһугар 24 саҥа үлэ миэстэтэ тахсыа.
Инникитин өрөспүүбүлүкэ салалтата маннык экономическай урутаан сайдыы территориятын Нам, Горнай, Мирнэй оройуоннарыгар арыйар былааннаах, билигин резиденнэри сүүмэрдээһин ыытыллар.
Татьяна Владимирова.