Мин кэпсиир учууталым оҕо чөл буоларын туһугар, сөптөөхтүк хамсанан—имсэнэн этэ—сиинэ сайдарыгар бэрт элбэх сыратын—сылбатын, билиитин—көрүүтүн анаабыт дьоннортон биирдэстэрэ. Барыта 43 сыл ыстаастаах Ульяна Макарова учуутал идэтин баһылаабытын таһынан, эмтиир—чэбдигирдэр физкультураҕа (лечебнай) спорт инструктора, тириэньэрэ, массажист.
— Бэйэтин эрэ үлэтинэн муҥурдаммакка, Ульяна Егоровна оскуола ыытыллар тэрээһиннэригэр куруук сүрдээҕин кыһаллан болҕомтотун уурар. Оҕолор, учууталлар араас өрүттээх бэлэмнэниилэригэр, тэрээһиннэригэр: ырыа буоллун, үҥкүү буоллун – улахан чиҥ-чаҥ саҥатынан кини ыйан-кэрдэн биэрээччи, бэрээдэктээччи, сааһылааччы. Аны кыайыылаах-хотуулаах күрэхтэр, тэрээһиннэр кэннилэриттэн хайаан даҕаны хоһуйуу-хоһоон суруйа охсон санаабытын көнньүөрдэр, сүргэбитин көтөҕөр. Бу кини маннык хаачыстыбата үлэлээбит оскуолатыгар, кэлэктиибигэр бэриниилээҕин, ис дууһатыттан ыалдьарын көрдөрөр. Быйыл ыытыллыбыт Дмитрий Гуляев аатынан Покровскай куорат тэрилтэлэрин спартакиадатыгар кыттан 3 мэтээллээх. Онон “Урааҥхай” хамаанда кыайыылаах тахсарын туһугар үтүө өҥөлөөх, кылааттаах.
— Хантан төрүттээххиний? Тоҕо физкультура учуутала буоларга санаммыккыный?
— Сунтаар улууһун Күндэйэтигэр төрөөбүтүм. Бас-кетбол, волейбол, хайыһар, сүүрүү, туризм курдук спорт көрүҥнэригэр ордук үчүгэй этим. 9-10 кылаастарга Элгээйи орто оскуолатыгар үөрэммитим. Оскуола кэнниттэн “Оскуола-производство- үрдүк үөрэх” ыҥырыынан икки сыл совхозка үлэлээн баран, 1982-84 сс. ДьПУ-1 физкультура учууталын бэлэмниир салааҕа үөрэххэ киирбитим.
Үөрэхпин бүтэрэн баран, эмтиир, чэбдигирдэр физкультураҕа түөрт сыл инструкторынан үлэлээбитим. Эбии массааһы баһылааммын, физио, неврология, травматология, терапия салааларын ыарыһахтарын кытта үлэлэспитим. Ол кэнниттэн А.М. Алексеев салайааччылаах “Урожай” обществоҕа спорт инструкторынан үлэлии киирбитим. Опыттаах дьону кытта үлэлэһэн спорт уонна физкультура өттүгэр элбэх билиини, опыты ылбытым.
1993-94 сс. физкультура учууталынан, продленка иитээччитинэн дойдубар Сунтаар Күндэйэтигэр үлэлээбитим. Ол кэнниттэн Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр начальнай оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлээбитим.
Ордук табыллан, ситиһиилээхтик 1990-2005 сылларга Бэрдьигэстээххэ уонна Покровскай 1 №-дээх оскуолатыгар үлэлээбитим. 2009-2015 сс. — Светлайдааҕы индустриальнай техникумҥа физкультура учууталынан. Ити сылларга промышленность балысханнык сайдан 9-с кылаас кэнниттэн техникумҥа киирээчччи элбэх этэ. Сүрүн идэм таһынан саҥа идэлэри боруобалаан көрбүтүм. Ол курдук, социальнай педагогунан, устудьуоннар уопсайдарыгар иитээччинэн үлэлээн элбэх опыт ылбытым. Кураторынан үлэлэһэн, үс группа устудьуон оҕолорун иитэн-үөрэтэн таһаарбытым. Билигин кинилэр бэйэлэрэ үлэни баһылаан, ыал буолан сылдьалларыттан туохтааҕар да үөрэбин, киэн туттабын. Кэлин төттөрү кэлэн Покровскай орто оскуолатыгар уонча сыл үлэлээтим.
-Бу идэҕэ уһуйааччыларгынан кимнээҕи ааттыаҥ этэй?
— 9-10 кылаастарга Элгээйи орто оскуолатыгар физкультураҕа Сон С.А, Николаев Н.И., тустууга Саха сирин спордун маастардара, уһуйбуттара. Ол саҕана секция уол-кыыс диэн арахсыбакка буолара. Ол иһин да буолуо, эрчиллии тыҥааһыннаахтык, үрдүк таһымнаахтык тэриллэрэ. Кэлин Бэрдьигэстээххэ үлэлиир сылларбар Бэрдьигэс-тээх начальнай оскуолатын директора Николаев В.И. сөптөөх болҕомто, көмө оҥорбута. Онтон Покровскайга 2000 сыллардаахха опыттаах учууталлар Мякшина В.Г., Гуляев Д.Д., Кузьмин И.Н., Никитин Н.А. буоламмыт олус үчүгэйдик табыллан үлэлээбиппит. Покровскай оскуолатыгар үлэлии кэлбиппэр, Валентина Мякшина миигин тургутан көрбүтэ. Гимнастикаҕа брусьяҕа хамсаныылары толорорбор көрдөспүтэ. Толорбутум кэннэ, хайҕаабыта уонна физкультура учуутала маннык бэйэтинэн үөрэнээччилэригэр холобур буолуохтааҕын туһунан эппитэ.
— Аныгы кэм сүрүн кыһалҕатынан тугу бэлиэтиэҥ этэй?
— Билиҥҥи оҕо аныгы кэм сайдыытын тэтимигэр киирэн, ону ааһан дьиэ кэргэҥҥэ социальнай ыһыллыы да сабы- дыаллаан, доруобуйаҕа улахан сатарыйыы таҕыста дии саныыбын. Гаджет, төлөппүөн үйэтигэр оҕолорбут үксүн дьиэҕэ олороллор, хамсаммат, сүүрбэт-көппөт, алтыспат, бэйэ-бэйэни кытта кэпсэппэт буоллулар.
Барыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Аныгы төрөппүт атын өттүгэр охтон хаалла дии саныыбын. Кэлин төрөппүккэ элбэх быраап бэриллэн, иитии өттө мөлтөөтө. Уол оҕону уоллуу, кыыс оҕону кыыстыы иитии таһыма түстэ диэн бэлиэтиэм этэ. Уол оҕону бэйэтин кыаҕын көрүнэр, дьаһанар, түс-бас киһи буоларын туһугар үөрэтиэххэ наада. Оттон кыыс оҕону кыыс курдук, кэргэн, ийэ буоларыгар бэлэмнээн, кыыска ирдэнэр сатабыллары иитиэххэ, такайыахха наада. Оҕону сыаналаах малынан манньытан, көччүтэн иитии баар суол. Төрөппүт оҕотугар сөптөөх болҕомто уурбат, алтыспат, кэпсэппэт буоллаҕына, оҕо доруобуйатыгар сатарыйыы тахсыан сөп. Харах мөлтөөһүнэ, хамсаныы, илии-атах үлэтин бытаарыыта, өй-санаа кыарааһына киһини бытаарыыга, мөдөөт буолууга, эт-хаан үлэтэ кэһиллии-тигэр тиэрдэр дии саныыбын. Төрөппүт чөл олоҕу тутуһан, спордунан дьарыктанан, хамсанан оҕотугар холобур буоллаҕына, оҕо чэгиэн, доруобай буола улаатыа. Манна эбээ, эһээ үөрэҕэ эмиэ саамай туһалаах.
— Иллэҥ кэмҥэр дьарыгыҥ…
-Бэйэм хамсанарбын, кэлэрбин-барарбын, хаамарбын олус сөбүлүүбүн. Сплавтарга сылдьабын, айылҕаҕа сынньанарбын туохтааҕар да ордоробун. Айылҕа кэрэ көстүүтүн хаартыскаҕа түһэрэбин. Волейболунан дьарыктаммытым ыраатта. “СахаВА” Саха сирин волейбольнай ассоциация спордун маастарабын, “Сахапечать” Дьокуускай куорат волейбольнай кулуубугар оонньуубун.
— Хаһааҥҥыттан хоһуйуу-хоһоон суруйаҕыный?
— Светлэйгэ үлэлии сылдьан спорду, чөл олоҕу көҕүлээһиҥҥэ, буолбут күрэхтэри сонун курдук хаһыаттарга, сайтка анаан суруйар этим. Суруйууларбынан бөһүөлэккэ “Бастыҥ журналист” аатын ылбытым. Суруйар, айар дьоҕур киһи сааһырдаҕына олоххо көрүүтэ, сыһыана уларыйдаҕына киирэр, сайдар быһыылаах. Анаан, сыаллаах соруктаах поэттар курдук айбаппын. Туох эрэ үчүгэйи көрдөххүнэ, сэргээтэххинэ, сүргэҥ көтөҕүлүннэҕинэ, суруйуоххун, хоһуйуоххун, санааҕын үллэстиэххин баҕараҕын. Быйылгы тэрилтэлэр икки ардыларынан күрэхтэһиилэргэ дьон сүргэтин көтөҕөөрү, эдэр ыччаты спортка, үлэҕэ көҕүлээри хоһуйуу-хоһооннору суруйбутум. Хоһуйууларбын дьон интэриэһиргиириттэн, астына ааҕарыттан сүргэм көтөҕүллэр. Итинник хоһуйуу, ыҥырыы, алгыс тыллара баар буолуохтаахтар дии саныыбын. Иэйии бэйэтэ киирэр, оччоҕуна тута хоһуйа, суруйа охсобун. Үксүн бэлиэ күннэргэ, үбүлүөйдэргэ эҕэрдэлэри суруйабын. Сороҕор дьон да сакаастыыр. Бэйэм Семен Данилов, Сайа, Уххан, Варвара Потапова хоһооннорун сөбүлээн ааҕабын, сэҥээрэбин.
— Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэр эрэ.
— Биир кыыстаахпын — Мария Уарова диэн. Кыыһым кыра эрдэҕиттэн бэйэбин кытта тэҥҥэ сылдьан, мин үлэбин көрө-истэ улаатан, эт-хаан өттүнэн сайдыбыта. Бэйэтин баҕатынан адаптивнай физкультура инструктора идэтин үөрэнэн баһылаабыта. Билигин “Чолбон” бассейҥҥа инструкторынан, тириэньэринэн ситиһиилээхтик үлэлиир, оҕолору эрчийэр. Кэргэнэ Андрей суут үлэһитэ. Үс кыыстаахтар. Сайыына уоннаах, Уйгууна аҕыстаах, кыралара Дайаана иккитигэр сылдьар. Сиэннэрбин кытта элбэхтик дьарыктанабын. Бары сүүрбүт-көппүт, хамсаммыт кыргыттар. Оскуолаҕа бары тэрээһиннэргэ: ырыа буоллун, үҥкүү буоллун — көхтөөхтүк дьарыктаналлар, кытталлар, спортка кэккэ ситиһиилэрдээхтэр. Ол курдук, Сайыына уонна Уйгууна ууга харбааһыҥҥа эрчиллэллэр, күрэхтэһиилэргэ кытталлар. Иккиэн 3-с разряды толордулар. Бары бииргэ айылҕаҕа сылдьабыт, оонньуубут, сүүрэбит-көтөбүт, күрэхтэһэбит, дуоһуйа сынньанабыт, элбэхтэ айанныыбыт.
— Тугу сүбэлиэҥ этэй төрөппүттэргэ?
— Киһи хамсаныахтаах, хаамыахтаах. Үлэ, үөрэх быыһыгар дьиэҕэ эрчиллэр, хамсанар туһалаах. Мин үөрэнээччилэрбэр дьиэлэригэр кыра да дьарыктанар спортивнай тэрил баар буолуохтаах диэн тоһоҕолоон наар этэбин, ирдиибин. Кыра мээчиктэн, скакалкаттан саҕалаан, тардынар тренажердар, остуол оонньуулара да буоллун. Ис күүс баар буолуохтаах киһиэхэ. Үлэ, күннээҕи түбүк быыһыгар ис туруккун көрүнэ, истэ, эрчийэ, сөпкө сынньана сылдьыахтааххын.
— Кэллиэгэлэргэр баҕа санааҥ.
— Идэлэригэр бэриниилээх бииргэ үлэлээбит эдэр дьоммун кытта бу сыллар тухары биир санаанан, сүбэнэн салайтаран, оҕо чөл туруктаах, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларын туһугар ситиһиилээхтик үлэлээн кэлбиппититтэн астынабын, киэн туттабын. Мин даҕаны эдэр учууталлартан элбэххэ үөрэнним. Физкультура учуутала оҕолорго бары өттүнэн холобур буолуохтаах. Киһи да, учуутал да быһыытынан, эт-хаан, чөл олох да өттүнэн. Биһиги идэбитигэр үлэҕэ бэриниилээх эрэ буоллаххына, оҕолору кытта утумнаахтык дьарыктаннаххына эрэ ситиһии кэлэр. Эдэр кэллиэгэлэрбэр таһаарыылаах үлэни, булгуруйбат санааны, үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйаны баҕарабын.
— Махтал! Үбүлүөйдээх бэлиэ күҥҥүнэн!
Сардаана Кириллина.