Балаҕан ыйын 25-27 күннэригэр Туймаада хочотугар “Саха кыргыттара-дойду эрэллээх тыыллара!” VIII-с спартакиада ыытыллан түмүктэннэ. Саха сирин улуустарыттан, куораттарыттан уопсайа 23 хамаанданан 649 спортсмен 9 көрүҥҥэ күрэхтэстэ.
Абый, Алдан, Амма, Булуҥ, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Дьокуускай куорат, Эдьигээн, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Өлөөн, Орто Халыма, Сунтаар, Таатта Томпо, Уус Алдан, Усуйаана, Хаҥалас, Чурапчы спортсменнара кытыннылар.
Биирдиилээн көрүҥҥэ биһиги улууспут ситиһиилэрэ:
ГТО нормативыгар 18-39 саастаахтарга – 5, 40-54 саастаахтарга – 7, 55 үөһэ саастаахтарга – 14. Ити үс бөлөххө ( 17 хамаандаттан, 26 очкуо ) – 8 миэстэ.
Спорт көрүҥнэригэр:
Дуобакка – 10 миэстэ (23 хамаандаттан), буулдьанан ытыыга – 6 миэстэ (23 хамаандаттан), сахалыы остуол оонньуутугар (хабылык, хаамыска) – 14 миэстэ (22 хамаандаттан), чэпчэки атлетикаҕа – 4 миэстэ (21 хамаандаттан), остуол тенниһигэр – 13 миэстэ (21 хамаандаттан), аэробика – 7 миэстэ (9 хамаандаттан), саахымакка – 12 миэстэ (22 хамаандаттан), волейболга– 13-16 миэстэ (20 хамаандаттан).
Биһиги улуус 47 очкуоланан 12 миэстэ буолла.
Күрэхтэһиигэ кылаабынай судьуйанан Трофимов А. И.кылаабынай сэкиритээринэн Трофимов. Г. В.үлэлээтилэр.
Дьахталларга физическэй култуураны уонна спорду пропагандалыыр үтүө тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытыллыбытынан тэрийээччилэргэ махтал, эҕэрдэ бастыҥа ананна.
Василий МОЖУКОВ, СӨ спордун бэтэрээнэ, Покровскай к.