Учуутал идэтин ис сүрэхтэринэн баҕаран, ылынан баһылаабыт дьон сүрдээх дьоҕурдаах, мындыр буолаллар. Кинилэр оскуолаҕа сүрүн үлэлэрин таһынан барыга-бары сыстан, сатабылларын, киэҥ билиилэрин аныыллар, үлэҕэ эҥкилэ суох бэриниилээх буолаллар. 

Итинник олус сыаналанар хаачыстыбалаах киһинэн мин Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатыгар өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн кэлбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ Маргарита Николаевна Ефимованы ааттыам этэ. 

Маргарита Николаевна ахсынньы 9 күнүгэр  1953 сыллаахха Кытыл Дьура нэһилиэгэр бары өттүнэн холобур буолар,  биир бастыҥ,  биэс оҕолоох Николаевтар иллээх дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Үлэни өрө туппут дьон — аҕата Николай Алексеевич математика учууталынан, оскуола директорынан, ийэтэ Мария Михайловна уһуйаан иитээччитинэн өр сылларга үлэлээбиттэрэ. 

Төрөппүттэрин үтүө сабыдыалларынан, иитиитинэн Маргарита 1971 сыллаахха Покровскай орто оскуолатын физико-математическай кылааһын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрээт, Саха государственнай университетыгар физмат факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Устудьуоннуур сылларыгар Маргарита наукаҕа сыстаҕас, дьоҕурдаах буоларын көрдөрбүтэ, ол иһин кинини  аспирантураҕа  хааларыгар сүбэлээбиттэрэ. Ол гынан баран эдэр киһи учуутал буолар баҕата баһыйан, Тиит Арыы орто оскуолатыгар математика учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Бу оскуолаҕа кини сэттэ сыл учууталынан, кэлэктиип итэҕэлин ылан иитэр-үөрэтэр үлэҕэ директоры  солбуйааччынан үлэлээн уһаарыллыбыта, үүммүтэ.

Онтон 1983 сыллаахтан  Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатыгар  бочуоттаах сынньалаҥҥа барыаҕар дылы 37 сыл бэриниилээхтик  үлэлээн кэллэ. Бу үлэлээбит сылларын тухары кини араас эппиэтинэстээх дуоһунастарга  ананан киэҥ билиитин, сала-йар дьоҕурун көрдөрбүтэ, улууспутугар үөрэҕирии сайдарыгар кылаатын киллэрбитэ. Ол курдук математика учууталынан,  иитэр-үөрэтэр үлэҕэ директоры  солбуйааччынан,  улуустааҕы үөрэх салаатыгар методист-инспиэктэринэн, улуустааҕы үөрэҕирии Идэлээх сойуустар  тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэлинэн, интэринээт иитээччитинэн, кэлин хаһаайыстыбаннай чааска директоры солбуйааччынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Салайар үлэҕэ олорон кини быһаччы өҥөтүнэн оскуолабыт материальнай-техническай базата тупсубута, оскуола сайдарыгар элбэх өрүттээх үлэ барбыта. Бу көрдөрүүлэр үөрэх тэрилтэтэ улууска биир бастыҥнар ахсааннарыгар киирэригэр сабыдыаллаабыттара. Ыалдьан доруобуйата мөлтүү сылдьар да кэмнэригэр кытаанах санаатын, олоххо дьулуурун ыһыктыбатаҕа, куруук олох, үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. 

Ханнык да дуоһунаска олордор, Маргарита Николаевна олус ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх, киэҥ билиилээх үлэһит, салайааччы, учуутал  быһыытынан бэйэтин көрдөрбүтэ, дьон махталын, убаастабылын ылбыта. Мин Маргарита Николаевна олус сэмэй, болҕомтолоох, үрдүк култууралаах, санаатын хайдах баарынан аһаҕастык, быһаччы этэр ураты хаачыстыбалааҕын бэлиэтиэм этэ.

Үөрэҕирии эйгэтигэр 43 сылын анаабыт үтүөлээх-өҥөлөөх, сатабыллаах, эдэрдэргэ холобур буолар үлэтэ Саха сирин Идэлээх сойуустарын бэлиэтинэн, Арассыыйа, Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах  Хайҕал суруктарынан бэлиэтэммитэ.    

Кини икки оҕолоох, биир сиэннээх дьоллоох ийэ, эбэ буолар. Уола Валерий тутуу инженера идэлээх, Саха сирин улуустарынан улахан тутууларга прорабынан  үлэлээбитэ. Билигин Дьокуускайгар олорор, үлэлиир. Кыыһа Татьяна Москваҕа Плеханов аатынан экономика университетын  бүтэрэн финансист идэлээх. Кэлин Москватааҕы Экономика үрдүкү оскуолатыгар (ВШЭ)  үп угуу (инвестиция) испэсэлииһигэр  үөрэммитэ, идэтинэн Москваҕа үлэлээбитэ. Билигин оҕотун көрөн Москва куоракка олорор. Кэргэннээх, кэргэнэ идэтинэн физик. 

Түгэнинэн туһанан хаһыат нөҥүө ытыктыыр киһибин Маргарита Николаевнаны  70 сааһын туолбут үбүлүөйдээх күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Үөрүү-көтүү үктэллэн, дьол-соргу кынаттан, дьоһуннаах олоҕуҥ ыччаккар салҕаннын, чэгиэн буол.

Сардаана КириллинаПокровскай к.