Өрөгөй ырыатын (гимн) айбыт дьоннор улуу дьоллоохтор диирбит оруннаах. Киһи аайы тиксибэт, чиэс, бочуот буоллаҕа. Улуус албан ааттаах ырыатын ааптарынан буолуу диэн. Хаҥалас улууһа баарын тухары, «Хаҥаластарбуолабыт» диэн өрөгөй ырыабыт ааптардара Г. Борисов уонна М. Атласов үтүө ааттара мэлдьи ааттана туруоҕар саарбахтааһын суох.

Георгий Ивановиһы 80 сыллаах үбүлүөйүнэн Покровскайга чиэстээһиҥҥэ сылдьан турардаахпын. Табаарыһынаан Н.А. Платоновтыын бэркэ үөрэн-көтөн сылдьыбыттарын өйдүүбүн. Николай Александрович уон оҕолоох (бары спортсменнар) киһи, миигин мыыммыта – “Көстөр көрүҥҥүнэн аҕаҕар, мин табаарыспар, үөлээннээхпэр, Еремей Михайловичка, тиийбэт киһи эбиккин» диэн хаадьылаабытыгар, дьэ кырдьык диэн оҕонньоттор күлсүбүттэрэ. Баары баарынан эттэххэ, Хаҥаласка Георгий Ивановиһы өрө туппут, мэлдьи өйөөбүт дьоннорунан «Өлүөнэ очуостара» хаһыат уонна «Хаҥалас» ТВ үлэһиттэрэ этилэр.

Георгий Иванович олус ытанньах киһи эбитин илэ көрбүтүм. Киһи күлэрэ эбэтэр киһи омнуолуура манна суох!Уонунан сылларга ГУЛАГ лааҕырдарын кэрийэн этаптанан төһөлөөх эрэйи-муҥу көрбүтэ буолуой лагерник Борисов. Күн-дьыл уларыйан, кырдьыга күөрэйэн, буруйа суоҕа тыыннаҕар дакаастаммытыттан үөрэн ытыыра дуу, биитэр уонунан ааҕыллар харыаннаах эдэр-чэгиэн сылларын, лааҕыр бараактарыгар бараабытыттан кыһыйан-абаран ытыыра дуу, кырдьаҕас 80 саастаах лагерник Борисов!?…

«Хаҥаластар буолабыт» диэн өрөгөй ырыабыт киһи эрэ киэн тутта истэр мелодиятын, бэйэлээтэр бэйэбит киһибит Михаил Атласов нотаҕа түһэрэн айан таһаарбыта. Өрөгөй ырыабыт тылларын суруйуу күөн күрэҕэр Георгий Борисов бастаан тахсан кини хоһооно хаҥаластар гимнэринэн буолбута. Улууспутугар  култуура эйгэтигэр чугас сыһыаннаах дьоннор үгүстэрэ М.С. Атласовы билэллэр, билинэллэр уонна ытыктыыллар. Михаил Степанович иккис төрөөбүт дойдутунан ааҕыллар I-Дьөппөн нэһилиэгин киинигэр Тиит Эбэҕэ 50 тахса сыл олорон айымньылаахтык үлэлээтэ. Айымньылаах үлэтин туоһутунан М.С. Атласов Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Хаҥалас улууһун уонна I-Дьөппөн нэһилиэгин ытык олохтооҕо ааттарын сүкпүтэ буолар.

Киһи кэрэхсиирэ баар, Михаил Степанович олох эдэр сааһыгар, 1969 сыллаахха, Нам оройуонугар мелодистар иккис конференцияларыгар кыттан «Саха мелодиһа» диэн ааты сүкпүтэ уонна Саха АССР мелодистарын ассоциацияларыгар чилиэн быһыытынан киирбитэ. Бу бэлиэ тэрээһиҥҥэ ыытыллыбыт куонкуруска Михаил Атласов Дмитрий Слепцов хоһоонугар айбыт «Хотуттан тойук» диэн ааттаах ырыата бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. М. Атласов олоҕун тухары ырыа айар куттаах, дьарыктаах дьоннору кытта эҥээрдэһэн-бииргэлэһэн 85 сааһыгар диэри олорон кэллэ. Аатырбыт мелодист Аркадий Алексеевы, бэйэтин үөлээннээхтэрин Трофим Семеновы, Александр Чаховы көрсөн, билсэн, доҕордоһон ааспытын астына ахтар Михаил Степанович.

Ытык Хаҥалас сиригэр композитор Тимофей Стручкову көрсөн, доҕордоһон. Сүбэлэттэрэн кэккэ ырыалары айбытын, биллиилээх поэт Христофор Гороховтыын бааралаһан балачча табыллыбыт, норуокка ылланар ырыалары айбыттарын иһирэхтик ахтар Михаил Степанович.

Үйэ аҥаарыттан ордор кэс устатата биһиги Миисэбит (I-дьөппөннөр ааттыыбыт) 80-ча ырыаны көччөх гынан көтүттэ, 20-тэн тахса ырыата өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа фондугар киирбитэ, 1994 с. «Ходуһаҕа күн оонньуур» диэн хомурунньук кинигэтэ тахсыбыта. 2005 с. Хаҥалас улууһугар мелодист Михаил Атласов аатынан ырыа куонкуруһа сыл ахсын тиһигин быспакка ыытылла турара кэрэхсэбиллээх. Баар-суох мелодиспытыгар, аатырбыт-сураҕырбыт байааньыыспытыгар М. Атласовка ытыктабылбыт бэлиэтэ буоллаҕа бу. Михаил Степанович олус күүстээх, чөллөркөй куоластаах ырыаһыт. Ыллаан доллоһутарын дьон биһирии истэр.

«Убаай Миисээ, ити Георгий Ивановичтыын, хаҥаластар өрөгөй ырыаларын айбыккыт олус үөрүүлээх, кэрэхсэбиллээх эрээри, сүүһүнэн киһилээх хор толоруута буолан ырыа тыллара чуолкайдык иһиллибэттэр дии» диэн туран убайбын ыллыырыгар көрдөспүтүм. Михаил Степанович көнө, боростуой киһи, көрдөһүүбүн толорон, баянын доҕуһуоллатан күүстээх, эдэрдии эрчимнээх куолаһынан ыллаан доллоһуппута үчүгэйэ бэрт этэ…

Мин, Хаҥалас патриота киһи, биһиги, хаҥаластар, маннык кэрэ сүрдээх-киэптээх дьоһун өрөгөй ырыалаахпытынан киэн туттубутум, астыммытым. Хаан хаалбакка, талаан-дьоҕур сүппэккэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэринии Михаил Степанович кыыһа Муся Атласова-Тарабукина ырыа айар, гитараҕа бэркэ оонньуур, сахалыы ырыалары ыллыыр дьоҕурдааҕын, соторутааҕыта Дьокуускайга буолан ааспыт хаҥаластар кэнсиэрдэригэр үгүс дьон бэлиэтии көрбүттэр этэ. Онон ырыа куттаах Атласовтар ааттара салгыы ааттана туруоҕар эрэл баар. Михаил Степанович -«Олорон ааспыт олохпун сирбэппин, дьоммун-сэргэбин кытта мэлдьи бииргэ сырыттым, култуурам үлэһиттэригэр махталым сүүнэ» диэн олус махтана этэр. «Кэргэммин, Вера барахсаны, умнубаппын, миэхэ көмөтө улахан этэ», -.диэн кэпсээнин түмүктээтэ, ытык кырдьаҕас.

Ермолай Скрябин.