Ханнык баҕарар нэһилиэккэ култуура киинэ үгүс дьон тоҕуоруһар сирдэрэ буолар. Өктөм нэһилиэгин А.С. Данилова аатынан «Барҕарыы» култуура киинэ дьон-сэргэүөрэ-көтө мустан сынньанар, сөбүлүүр дьарыктарыгар уһуйуллар дьиэлэрэ буолан, хас эмэ уонунан сыл үлэлээн кэллэ.
«Барҕарыы» култуура киинин дьиэтин ааспыт үйэ 70-с сылларын саҕаланыытыгар туппуттара. Ол саҕанааҕы биир кэлим бырайыагынан оҥоһуллубут дьиэ олус табыгастаах, киэҥ-куоҥ, икки этээстээх буолан хоһо да элбэҕэ. Манна бастакынан улахан саала, киинэ аппаратнайа, колоннаҕа турар ойоҕос олорор миэстэ, фойе, үҥкүүһүттэргэ аналлаах сиэркилэлээх саала, бибилэтиэкэ, иккис этээскэ костюмернай уонна хас да кабинеттардаах. Манна киинэ арааһын көрдөрөллөрө, кэнсиэрдэри, улахан таһымнаах тэрээһиннэри ыыталлара. Ол быыһыгар, улахан баһаар туран, кулууп саҥаттан үлэлээн саҕалыыр кэмнэрэ эмиэ бааллара. Билигин Өктөм култууратын дьиэтэ эргэрэн, хаарбах туруктанан сабыллан турар. Сотору кэминэн бу эргэ кулууппутун көтүрэллэр.
Бу күннэргэ кулууп үлэһиттэрэ, малларын-салларын илдьэ, кэнники сылларга кыраайы үөрэтэр түмэл буолан турбут дьиэҕэ көһөн эрэллэр. Хас да сылы быһа үлэлээбэккэ турбут дьиэ ититэр ситимин өрөмүөннээтэххэ эрэ табыллыаһы. Дириэктэр Федора Фомина этэринэн, манна кулууп үлэһиттэрин тэҥэ бибилэтиэкэ баар буолар. Төһө өр кэмҥэ көһөн олороллоро биллибэт.
Ол да буоллар, баҕа санаа күүстээх — саҥа култуура киинин дьиэтин барыла бигэргэтиллэн турар. Экспертиза быһаарыллыытын бары күүтэллэр. Ол бырабыыталыстыба өйөбүлүттэн тутулуктаах. Онон, бырайыак силигэ ситэн тутулуннаҕына киһи эрэ көрөн сөҕөр-махтайар, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ көстүүлээх кулууптаныахпыт. Култуура киинин улахан уларыйыыларын долгуйа күүтэбит.
Татьяна Владимирова.