Нэһилиэк олоҕо
Күннээҕи үлэттэн ордон кылгас өрөбүлбүтүгэр билэр дьоҥҥун кытта тиһэх сонуннары сэһэргэһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн сынньанар олус үчүгэй. Ол курдук, Өктөм нэһилиэгин олохтоохторо бу өрөбүлгэ дьаарбаҥкаҕа мустан аралдьыйдылар.
Манна урбаанньыттар эрэ буолбакка, ким баҕалаах тугу сатыылларынан оҥоһук арааһын оҥорон тэлгэттилэр.Аҥаардас ону-маны атыылаһа эрэ буолбакка талааннаах дьону кытта сирэй көрсөн-билсэн элбэҕи эбиниэххэ эмиэ сөп.
Көрдөххө, дьон эпоксиднай сымалаттан билигин арааһы барытын оҥорор буолбуттар.
Алина Слепцова бу күн кэрэ бижутерияны, брелоктары аҕалан атыыга таһаарда:
Надежда Гурьева нэһилиэккэ торт астаан атылаабыта үс сыл буолбут. Бүгүн дьарбаҥкаҕа саҥа үөрэх дьылыгар анаан торт арааһын уонна десерт атыыга бэлэмнээбит:
Розалья Бубякина дьарбаҥкаҕа саамай элбэх оҥоһугу аҕалбыт, илиитигэр дьоҕурдаах маастар. Оҥоһуктарынан көрдөххө, быысапкалыыр, оҕуруонан тиһэр, сутаж техниканан араас киэргэллэри оҥорор, күрүчүөгүнэн баайар эбит. Розалья дьэрэкээн сахалыы симэхтэри,хаачыстыбалаах аныгылыы бижутерияны оҥорбут:
Дьарбаҥка кэмигэр оҕолорго анаан бириистэрдээх оонньуу ыытылынна. Бу күн хас биирдиибит дьиэлээхтэригэр минньигэс кэһиилээх уонна да атын илии тутурдаах тарҕастыбыт. Бары нэһилиэк урбаанньыттарыгар үлэлэригэр ситиһиилэри, саҥа сүүрээннэри баҕарабыт.
Татьяна Владимирова