Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Өктөмҥө СӨ бастакы президенэ Михаил Николаев уҥуоҕар Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев уонна да атын кэлбит дьон сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
М.Е. Николаев бибилэтиэкэ-архыыбыгар «Уруһуй умсулҕана» олохтоох самодеятельнай худуоһунньуктар быыстапкалара арылынна.
Онтон бырааһынньыктааҕы кэнсиэргэ түөлбэ талааннаахтара, араас түмсүү бөлөхтөрө, култуура үлэһиттэрэ, оскуола оҕолоро кытынныллар.
Олохтоох норуот тыйаатырын артыыстара РСФСР бочуоттаах рационализатора уонна тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Василий Николаевич Исаковка анаан, олоҕуттан быһа тардан «Үлэ дьоруойа» диэн испэктээх оонньоон көрдөрдүлэр.
Быйылгыттан саҕалаан Өктөм нэһилиэгин тас көстүүтүн уларытыыга, тупсарыыга улахан үлэ бараары турар, онон бу күн онно анаммыт сүрүн былааны олохтоохтору кытта ырыттылар. Сотору кэминэн Өктөм киин уулуссаларыгар турар хаарбах дьиэлэри көтүрэн, олохтоохторун саҥа таас дьиэлэргэ көһөрөн аныгы көстүүлээх нэһилиэк буоларын күүтэбит.
Бу тэрээһиннэргэ кыттыыны ыларга дьаһалта көмөтүнэн автобус сырыыта тэрилиннэ, онон олохтоохтор астына кытыннылар. Дьэ, ити курдук Өктөмҥө таһымнаахтык Өрөспүүбүлүкэ күнүн ыллыбыт. Сайда-чэчирии тур, тапталаах Сахабыт сирэ, төрөөбүт дойдубут!
Татьяна Владимирова.