Бүтүн Россия үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах Өктөм сэлиэнньэтин биир көстүүлээх сиригэр «Дьиэ кэргэн сүрэҕэ» диэн ааттаах арт-эбийиэк үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Бу дьикти көстүүлээх оҥоһукпутун Өктөм эр дьоннорун көҕүлээһиннэринэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи «1000 биир санаалаахтар» бырайыак иһинэн оҥоһулунна. Бу бырайыагы дьон бэйэтэ нэһилиэктэрин тупсарар, киэргэтэр санааттан ылыммыттара.
Өктөм эр дьоно Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах арт-эбийиэги толкуйдаан, ырытан, сайыны быһа үлэлэрин кэнниттэн мустан, бэйэлэрэ харчынан кыттыһан тиһэҕэр тиэрдэн дьону сөхтөрдүлэр. Сүрэхпит 4 миэтэрэ кэтиттээх, 3 миэтэрэ үрдүктээх буолла. Манна кыһаллан, дууһаларын, сатабылларын ууран үлэлээтилэр салайааччы, урбаанньыт Александр Захаров, Владимир Кычкин, Никита Васильев, Анатолий Еремеев, Владислав Ксенофонтов, Егор Христофоров, Айсен Захаров, ини-бии Геннадий уонна Тимур Андреевтар.
Дьиэ кэргэн сүрэҕэ өр сылларга дьону үөрдэ-көтүтэ, инникигэ сирдии турдун диэн олохтоох алгысчыппыт Андриан Белолюбскай алгыс этэн амалыйда. Аалай кыһыл лиэнтэни быһан, арт-эбийиэк аһыллыбытын мустубут дьон уруйдаата-айхаллаата.
Ханнык баҕар норуоттан тахсыбыт көҕүлээһин харчынан көмөлөһүннэрэр дьоннордоох буолар. Биһиги биир дойдулаахтарбыт ханна да олордоллор, төрөөбүт нэһилиэктэрэ сайдарын туһугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Ол курдук бу «Дьиэ кэргэн сүрэҕэ» диэн ааттаммыт арт-эбийиэккэ элбэх бэйэбит уолаттарбыт күүс-көмө буоллулар. Нэһилиэк олохтоохторун аатыттан барҕа махталбытын биллэрэбит Иван Засимовка, Валентин Шергиҥҥэ, Петр Ивановка, Николай Заморщиковка, Константин Сысоевка, Алексей Демьянов, Анатолий Абрамовка.
“Дьиэ кэргэн сүрэҕэ” арт-эбийиэк нэһилиэк дьиэ кэргэттэрэ сөбүлээн мустар, саҥа ыал буолбут, сүрэхтэрин холбообут эдэр дьон кэлэн хаартыскаҕа түһэр, алгыс ылар, бэйэтэ туспа тыыннаах сир буоларыгар саарбахтаабаппын.
Бу күн нэһилиэк аҕа баһылыгын солбуйааччыта Акулина Максимова мустубут дьону эҕэрдэлээтэ уонна үлэлээбит, көмөлөспүт эр дьоммутугар ис сүрэҕиттэн махталын биллэрдэ. Дьэ кырдьык, дьон бэйэтэ түмсүүлээх, көхтөөх буоллаҕына ханнык баҕар дьыала оҥоһуллуон сөп эбит диэн дьон өйдөөтө.
Федора Фомина.