«Эллэйаада» оҕолор экспедициялара үлэтин үгэнэ

Наукаҕа айан

А.Д. Дмитриев аатынан Ой орто оскуолатын баазатыгар тэриллибит үөрэнээччилэр научнай экспедициялара Хаҥаласка чинчийэр үлэтин салгыыр. Салайааччылара Прокопий Ноговицын араас хайысханан оҕолору түмэн  учуонайдары, устудьуоннары, кыраайы үөрэтээччилэри,  айар талааннаах дьону кытары көрсүһүүлэри, кэрэхсэбиллээх айаны тэрийэр.

Аҕыйах хонуктааҕыта «эллэйаадалар» күндү ыалдьыттаннылар. Москваттан кинилэри кытары бииргэ үлэлэһэр академик  Сергей Рожнов кэлэ сырытта, бииргэ Еланка  сиригэр  чинчийэр үлэни тэрийистэ. Өҥүрүк куйаас сатыылаан да турдар, оҕолор Өлүөнэ өрүспүт орто сүнньүгэр походтара  умнуллубат түгэн буолла. Еланка базатыгар хоно сытан Маамыгыр үрэҕэр тиийэ сырыттылар. Манна эдэр чинчийээччилэр аан дойдуга биллэр учуонайы кытары ситиһиилээхтик сырыттылар, хас биирдиилэрэ тугу эмэ наукаҕа сыаналааҕы булан үөрүүлэрэ үксээтэ, билиилэрэ хаҥаата.

Маамыгырга Орто Кембрий  кэминээҕини кэпсиир матырыйааллары буллубут, — кэпсиир Прокопий Романович, — Москваттан оҕолору кытары өрүү алтыһар улахан учуонай, РАН академига  Алексей Розанов сорудаҕынан эмиэ үлэлээтибит. Таарыччы эттэххэ, эдэр чинчийээччилэр бу учуонайдарга  туох кыалларынан көмөлөһөллөр. Оҕо хараҕа кыраҕы, үчүгэйдик быһааран, эрдэттэн билиһиннэрэн, көрдөрөн биэрдэххэ (экспедицияҕа сылдьар оҕолор бэйэлэрэ да үөрүйэхтэр,  мындырдар), бытархай да тааска туох иҥэн сылдьарын таба көрөр үгэстээхтэр. Бусырыыга оннооҕор кыракый уолаттар — Проня Ноговицын, Эрсан Титов, Саша Анисимов  трилобиттар, Кембрий муоратынааҕы  губка  уп-уһун спикулатын тааска иҥэн хаалбыт  ойууларын буллулар. Экспедицияҕа утумнаахтык дьарыктанар, өрүү научнай-практическай  кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар Юля Заморщикова түөрт сылы быһа  таас хайаларга сылдьан көрдөөбүт  агностидаларын, буолаары буолан, бүтүн экземплярын булан өрөгөйө үрдээтэ. Мичил Ногоовицын, Сеня Новгородов, Ньургун Третьяков эмиэ дьоһун булумньуланнылар. Бу күн оҕолор  Кембрий кэминээҕи чиэрбэлэри эмиэ ирдээтилэр. Сеня  улахан тааска «түһэн» хаалбыт  чиэрбэтин хитиннээх дьардьамата Дьокуускайга  араллыахтаах Кембрий музейын экспоната буолар чинчилэннэ!

Киэһэлик үөрэнээччилэр  2019 сыллаахха научнай салайааччылара академик Никита Соломонов арыйбыт «лагерштетыгар» (түҥ былыргы харамайдар таастыйбыт кырамталара биир сиргэ түмүллэн сытар сирдэрэ, итинниктэргэ харамайдар дьардьамаларын сэргэ сымнаҕас эттиктэрин суола көстөөччү) бара сырыттылар — манна академик Рожнов  быһаччы сорудаҕынан «мораниялары» көрдөөтүлэр. Бу  углеродистай пленкаларга  иҥэн хаалбыт циано-бактериялар көрүҥнэрэ — боростуой киһи мээнэ өйдөөбөтө. Эрсан Титов маны  быстан ойдубут  тааска таба тайанан  үөрдэ-көттө. Академик  Сергей Владимирович таас сорҕотун булуохха наадатын эттэ, саҥардыы быһа охсуллубут тааска харамай суола баара наукаҕа ордук итэҕэтиилээҕин  быһаарда. Дьэ маннык дьол  Ньургун Третьяковка тосхойдо, онтон атын оҕолор эмиэ булумньуланнылар. Итинник, бастакы  күн сорудаҕа туолла, халтай сырыы буолбата. Академиктарбыт уон сылы быһа ирдэһэн сыраласпыт үлэлэрэ түмүктээх буолара чугаһаата. Онно биһиги оҕолорбут көмөлөрө баара үөрдэр.

Иккис күҥҥэ — Алларааҥҥы Кембрий кэминээҕи археоциаттары ирдээһин Ала Биэ  үрэҕин  таастарыгар буолла. Археоциаттаах миэстэни буллубут, таас образецтарын үрүксээк муҥунан  ыллыбыт, — диэтэ экспедиция салайааччыта.

Дьоҕус экспедиция түмүгүнэн стиһиилээх оҕолор академик Сергей Рожнов  «Палеонтологическая миссия академиков РАН в Якутии« махтал тыллары суруйуулаах тэттик кинигэтин бэлэх туттулар. Еланкаҕа кэлбиччэ эдэр чинчийээччилэр өрүспүт  кумахтаах биэрэгэр киирэн  ыпыраас, сөрүүн  ууга астына сөтүөлээтилэр.

Салайааччы Прокопий Ноговицын экспедиция сыалын ситиһэригэр күүс-көмө буолбут кыраайы үөрэтэээччилэргэ, сирдьиттэригэр  Митрофан Ильич, Ньургун Климетович Ефремовтарга барҕа махталын тириэрдэр. Онтон оҕолорбут сайыҥҥы наукаҕа айаннарын туһунан өссө даҕаны истиэхпит, наука хас да хайысхатынан маннык сырыылар салҕанан бараллар.

Людмила Мордовская.