«Эллэйээдэлэр» оскуолаҕа этнографическай быыстапка тэрийдибит

А.В.Дмитриев аатынан Ой орто оскуолатын «Эллэйээдэ» үөрэнээччилэр научнай экспедициялара учуонай биир дойдулаахпыт Гавриил Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылынан этнографическай быыстапканы тэрийдибит. Быыстапканы оҕолорбут Эркээни хочотуттан булбут  матырыйаалларын  билиһиннэрэн уонна олору чөлүгэр түһэриигэ маастардары кытары үлэни тэрийиигэ анаан ыыттыбыт. 

Кыраайы үөрэтээччилэри сэргэ манна  уустар, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр, туой, туос оҥоһуктары интэриэһиргээччилэр сырыттылар, ону сэргэ аан дойду киинэ фестивалларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыт норуот тыйаатырдарыттан тахсыбыт  артыыстартар, режиссердар, о.д.а. историяны кэрэхсээччилэр, түмэл үлэһиттэрэ күндү ыалдьыттарынан буоллулар.  Бу дьон оҕолору өйөөн кэлэн бэйэлэрин хайысхаларынан элбэх сүбэни-аманы биэрдилэр, хайдах гынан артефактары саҥардар, чөлүгэр түһэрэр  (реставрациялыыр)  туһунан билиһиннэрдилэр. Дириҥ билиилээх  идэтийбит дьон хас биирдии экспонаты сирийэн, олус интэриэһиргээн көрдүлэр, оҕолор тимир уустарыттан,  күөс охсооччулартан элбэҕи биллилэр, таас үйэтиттэн силис тардар дьарык олус  дириҥ историялааҕын сэгэтэн көрдүлэр. 

Былыргы маастардарбыт  бэйэлэрин үлэлэринэн кыахтаахтык олорбуттарын, араас омук табаардарын, сэптэрин-сэбиргэллэрин да атыылаһар  эбиттэрин, ол курдук бельгийскэй сааны, саа сэбин, фарфор иһиттэри хото туһана сылдьыбыттарын оҕолорбут билэн астыннылар. Ис Бүтэйгэ, холобур, таас эллээччилэр олорбуттар, суоруна таастарын, мэҥэ таастары  оҥоро сылдьыбыттарын   өтөхтөрүнэн сылдьан билэбит. 

Ф.Г.Сивцев бэчээтин булбуппут

Учуонай биир дойдулаахпытыгар Пантелеймон Пантелеймонович Петровка хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыппытыгар тута хоруйдаабыта — бэчээппит Сүөдэр аҕабыыт киэнэ буолан биэрдэ. Бу монография былыргы старославянскай алпаабыт шириибинэн суруллубутун атын кыраайы үөрэтэр  дьон эмиэ бигэргэттилэр. Федор Сивцев, кэлин билбиппит, историяҕа киирбит киһи. Кини «Россия погибнет, не вырвавшись из трясины» уонна «Простыми словами о благодеяниях Бога» диэн үлэлэри тылбаастаан туспа кинигэнэн  таһаартарбыт киһи эбит. Кини английскай, французскай, немецкэй, дьоппуон тылынан көҥүл кэпсэтэрин, Семинарияҕа Алексей Кулаковскайдыын үөрэнэ сылдьыбытын, өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн типографияҕа үлэлээбитин, «Якутторг» тэрилтэ Охотскайга боломуочунайа буола сылдьыбытын уонна «Ксенофонтовщина» дьыалатыгар эриллэн  норуот өстөөҕө, үспүйүөн аатыран Соловки лааҕырыгар сырдык тыына быстыбытын эбии  билбиппит. Үөрэхтээһин сайдыытыгар, таҥара үөрэҕин тарҕатыыга үтүөлэрин иһин миссионер Сивцев Ф.Г Аннинскай  уонна Александровскай лиэнтэлэринэн наҕарадаламмыт киһи.

 Миссионер Федор Сивцев Гавриил уонна Павел Ксенофонтовтары  кытары ыкса сибээстээҕэ биллэр. Бу арыйыы чуолаан Ксенофонтовка анаммыт тэрээһиммитигэр көстүбүтэ бэлиэ түгэн. Ксенофонтовтар ийэлэрэ Екатерина Максимовна  Кириллова бу дойдуттан силистээх-мутуктаах, Ис Бүтэйтэн биир километрдаах Ой Бэскэ олорбуттара биллэр. Дьэ, бу курдук  булумньуларынан история кэрчиктэрэ арыллаллар, оҕолорбут төрөөбүт дойдубут историятын билэллэригэр суол тэлиллэр. Онно маннык учуонайдар, историяны кэрэхсээччилэр, кыраайы үөрэтээччилэр ыччаттарбытыгар көмө буолаллар.

 Бу быыстапкаҕа, эппитим курдук,  кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр буолан аастылар. Ол курдук,  «Кэрэни көрбүт…» киинэ режиссера Любовь Борисова, артыыстара   Степан Петров,  Александр Чичахов, биллиилээх тимир ууһа Александр Данилов,иис маастара, этнограф, научнай консультаммыт Светлана Петрова о.д.а.ыалдьыттаан үөртүлэр. Эдэр чинчийээччилэрбитигэр бу араас дьарыктаах дьону көрсөн, астына  сирэй көрсөн  кэпсэтэн ааһыы билиилэрин хаҥатта, кинилэр кэскиллээх дьыаланан дьарыктанан эрэллэрин итэҕэйдилэр.

Түгэнинэн туһанан Ой оскуолатын кэлэктиибэ бары кыттыбыт дьоммутугар барҕа махталбытын тиэртибит, инникитин даҕаны билии-көрүү аргыстаах  оҕолорбутугар кэлэр буолуҥ дии хааллыбыт.

Прокопий Ноговицын, кыраайы үөрэтээччи,  учуутал.