Эҥсиэлигэ, Николай Румянцев бирииһигэр

Эҥсиэлигэ, Николай Румянцев бирииһигэр
СӨ хапсаҕайга федерациятын президенэ Николай Румянцев бирииһигэр ахсыс төгүлүн “Эҥсиэли хапсаҕайа” республикатааҕы күрэх ыытылынна

Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх Нам улууһугар кулун тутар 16-17 күннэригэр Култуура-спорт комплекска ыытылынна. Эр дьон алта, бэтэрээн эр дьон — биэс ыйааһыҥҥа кииристилэр. Кыайыылаахтарга 30 тыһ. солк., «үрүҥ көмүстэргэ» — 20 тыһ. солк., «боруонсаларга» — 10 тыһ. солк. туттардылар.
Маны сэргэ муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыыга түөрт киирсии олохтоммут. Эр дьон 75 кг диэри уонна онтон үөһэ ыйааһыҥҥа сүрүн бириис 150, бэтэрээн эр дьоҥҥо 80 кг диэри уонна онтон үөһэ — 100 тыһ. солк. этэ. “Эҥсиэли хапсаҕайа” күрэхтэһиигэ 25 улуустан 183 бөҕөс кэлэн күрэхтэстэ. Кылаабынай судьуйанан Данилов В.И. кылаабынай сэкирэтээринэн Захаров А. А. ананан үлэлээтилэр.


Хаҥаластан эр дьоҥҥо (2006 с.т. уонна үөһээ) Виталий Эспек – (65 кг, 47 бөҕөс), Ларион Андреев – (75 кг, 39 бөҕөс) иккис миэстэҕэ таҕыстылар. Даниил Иванов – (95 кг үөһээ, 6 бөҕөс) бастаата. Бэтэрээннэргэ (1984 с.т уонна үөһээ) Илья Тимофеев (60 кг, 6 бөҕөс) кыайыыны ситистэ, Степан Гаврильев – 90 кг үөһээ ыйааһыҥҥа 5 бөҕөстөн иккис буолла.
Даниил Иванов Саха сирин элбэх төгүллээх чемпионнарын кытта илин-кэлин түсүһэн элбэх күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик туһунна уонна билигин да тахсыылаахтык туста сылдьар.
Аар Дархан аатын Тимур Николаев (Үөһээ Бүлүү, 75 кг дылы), Никита Хабаров (Мэҥэ-Хаҥалас, 75 кг үөһээ), эр дьоҥҥо, бэтэрээннэргэ — Прокопий Петров (Хаҥалас, 80 киилэҕэ дылы), Александр Румин (Нам, 80 киилэттэн үөһээ) ыллылар.
Бу икки күннээх күрэхтэһиигэ күүстэрин-кыахтарын көрдөрөн, хапсаҕайдаһан холонон ааспыт спортсменнарга барыларыгар ситиһиини, инникитин өрөгөй төрдүгэр тахсыыны баҕарыаҕыҥ.

Василий МОЖУКОВ, СӨ спордун бэтэрээнэ, Покровскай к.