Историяны сэгэтэн
Арҕаа Хаҥалас улууһун Эргис, Нөмүгү нэһилиэктэрин аҕа уустара—үһүйээнтэн архыып докумуонугар Эргис нэһилиэгин аҕа уустара «Өбүгэ саҕаттан аҕа ууһунан дьаһаллан олорбуппут…» (Э.Ефремов-Дэхси “Урсик”).
Сахалар аҕа ууһунан түөлбэлээн олороллорун быһыытынан, 17 үйэ ортотугар диэри бастаан Эргис ойуун аҕа баһылыктаах салайыллан кэлбит бадахтаах, кэлин кини уолаттара тэнийбит аҕа ууһун баһылаан олорбуттар.
Сээркээн сэһэнньит Сото Көрөр –Петров И.Г. кэпсээнинэн, Айыы ойууна Эргис 9 уоллаах — Саабырыкы, Бүкэс, Нөрүҥнээн, Түөкэй, Күөрэгэй, Мэник Чооҕур, Лөгүөһэ Мэник, Мохсоҕол, Аҥыр Бөппөлөөх аҕа уустара. Кэлии эргистэр — Көһүөл (Көмүөл), Ибир Боруохал, Хаппар Уус, Аллаҥай-ийэ уустара буолаллар.
Нуучча омуга кэлиэҕиттэн хас да аҕа ууһа биир нэһилиэк буолбут. Төһө да Эргис аҕа ууһа үһүйээннэргэ бэйэтэ туспа сирдээх-уоттаах, аҕа баһылыктаах буолтарын иһин, нуучча докумуонугар бастаан Нөмүгү буолаһыгар киирэллэр эбит.
Ол курдук Эргис дьоно Нөмүгүнү кытта биир нэһилиэк буолан 1795, 1816 сс. ревизскай сказкаларга бииргэ сурулла сылдьаллар. Ол кэннэ дьэ нэһилиэктэр арахсыыларын туһунан быһаарыыны Степной Дума 1827 с. бастакы тэрээһинигэр көрбүт. «Дело об открытии Якутской народной Степной Думы» (имеются сведения об отделении Эргитского рода Немюгинского) 1827 с. февраля 18 дня» диэн уураах ылыммыт.
Эргистэр 1832 сылтан туспа нэһилиэк буолан бэлиэтэммиттэрэ биллэр. (НА бу докумуон суох). Онтон “Ревизская сказка 1850 года Эргитского рода”, «Эргитское родовое управление 1858 года Кангаласского улуса» диэн суруллубуттар. “1897 с. Эргитский наслег Западно-Кангаласского улуса” буолбуттар.
Эргис ойуун сиэнэ Никифор Гермогенов, нэһилиэк ыстаарыһата, Степной Дума сэтээтэлэ буола сылдьыбыт. Микииппэр кинээс 1853 сыллаахха дылы Эргис нэһилиэгэр кинээстээн олорбут. Кини удьуордара «Кинээс ууһа» Гермогеновтар ууһаан-тэнийэн барбыттар. Уолаттара, сиэннэрэ Эргис нэһилиэгин аҕа уустарын салайан олорбуттара.
Гермогенов Никифор — Чохооной Микииппэр 1822-1853.
Гермогенов Константин – Уордаах Ньарбыдыан, Никифор Гермогенов бэһис уола 1853-1887.
Ефремов Яков Никифор Гермогенов сиэнэ, улахан уолун Ефрем сиэнэ Суруксут Дьаакып.
Гермогенов Александр – Табысхаан кулуба Арҕаа Хаҥалас бастакы кулубата, Никифор Гермогенов алтыс кыра уола 1860-1877 (1837 с.т.).
Архыып докумуоннарыгар аҕа уустарын судургутан нууччалыы иэҕэн 1897сылтан 3 аҕа ууһунан суруйбуттар. Эргис уола Түөкэйтэн эрэ кини аатынан Текяйский род баар. Сүрэхтэнэн нууччалыы араспаанньанан ийэ-аҕа ууһунан аймахтыылары Васильевский род, Григорьевский род диэн киллэрбиттэр курдук.
1897 с. Күөрэгэйтэн — Васильевский род — Васильевтар, Павловтар, Владимировтар, Новиковтар.
Григорьевский род — Григорьевтар, Ильиннар, Никифоровтар, Батаковтар…
Текяйский род –Түөкэйтэн — Петровтар, Давыдовтар, Кузьминнар, Федоровтар…
1917 с. Васильевский, Григорьевский, Текяйский. Манна эбиллибит Аҥыр Бөппөлөөхтөн- Князь— усовский род —Гермогеновтар, Ефремовтар.
Посемейный список1917 г.июнь |
Домохозяин |
|
Князь -усовский род Васильевский род Текяйский род Григорьевский 151семья |
48 54 49 37 561 чел. |
|
1927 с. Эргисский наслег. Аҕа ууһунан араарыы суох.
Нөмүгү нэһилиэгин аҕа уустара
“Чааллаайы уола Маһары баай 13 уоллаах эбит. Аччыгыйа Дьоҕус диэн кэнники ойох уола. Маҥнайгы ойох уолаттара Төрүттэр, Төгөөнүлэр диэн. Кырдьаҕас Этээни аҕатын ууһа буолаллар. Олохторо Кытаанах Кырдал, Бэлэнтэй, Ой. Нөмүгү нэһилиэгэ хойут 4 аҕа ууһа буолан хайдыбыттаpa үһү”.
Этээнилэр — Бахай, Үс Көлүйэ, Бэлэнтэй
Харынньылар — Өлгөөкү тыата. Хаспыт анна. Ис—бүтэй соҕуруу өттө.
Идэлгилэр — Дөгөлөөттү — Үүттээх Аана, Уулаах Аан.
Кырачааннар — Суон Үрэх, Тураахтаах Аана, Ис-Бүтэй хоту өттө”.
Үһүйээнтэн архыып докумуонугар
Нөмүгү аҕа уустара маҥнай 1906 с.”Роды. Племя” диэн араарыллан толорутук киирбиттэр. Аҕа уустара бэйэлэрин ааттарынан суруллубуттар.
Итого по родам Немюгинского наслега 1917 года (Трудоспособные)
|
Число хозяйств |
Насел. |
Трудоспособных |
|||||
|
|
|
Муж. |
Жен. |
||||
|
Вс. |
Отд. |
Муж |
Жен |
Вс. |
трсп |
Вс. |
трсп |
Кырачанский |
91 |
10 |
198 |
183 |
127 |
103 |
93 |
80 |
Басовский |
87 |
7 |
105 |
181 |
110 |
98 |
107 |
87 |
Идэльгинск |
84 |
8 |
188 |
145 |
116 |
92 |
89 |
72 |
Этянский |
103 |
8 |
218 |
198 |
139 |
114 |
107 |
94 |
1927 с. олох тутула уларыйан аҕа уустара ыһыллан киирэн барбыттар. Манна баай төрдүлээх-уустаах Идэлгини Этээнигэ холбообуттар. Атыттар бары Кырачаан буолбуттар.
Ити курдук олох оҥкула уларыйан 1927 сылтан төрүт аҕа уустарын ааттара сүтэн— симэлийэн киирэн барбыттара.
Архыып докумуоннарыгар Эргис нэһилиэгин аҕа уустарыгар кэпсээҥҥэ киирбит былыргы төрүттэрбит Князь-усовский, Текяйский род ааттара суруллубут, атын ааттар ахтыллыбатахтар. Ону уруу—аймах тэнийэн төрүт аҕа ууһа кэминэн суураллан иһэригэр дуу сэрэйиэххэ сөп.
Нөмүгү нэһилиэгэ былыр-былыргыттан бигэ, чөл туруктаах буолан, аҕа уустара сүппэккэ—симэлийбэккэ төрүт ааттара сурукка тиһиллэн, кэлэр көлүөнэлэргэ өлбөт-сүппэт суолу хаалларбыттар. Бу күннэргэ диэри биһиги этээнилэрбит, харынньыларбыт, идэлгилэрбит, кырачааннарбыт диэн өбүгэлэрин аатын өрө тута сылдьаллара кэрэхсэбиллээх.
Ити курдук Эргис, Нөмүгү аҕа уустарын ааттарын үһүйээнтэн архыып докумуоннарынан билигин биир төрүттээхтэрбитигэр билиһиннэрэн үөрэтэбит.
Раиса Федорова, кыраайы үөрэтээччи