Историяны сэгэтэн
Санаабыт санаабын көнөтүнэн этэр үгэспинэн, этэн кэбиһиим дуу… Сыдьаан диэн тыл, кыра бытархай сылгыга сыһыаннаах тыл ээ, доҕоттоор. Эргистэр эбэтэр хаҥаластар сыдьааннара дэммэт, эргистэр удьуордара эбэтэр хаҥаластар удьуордара дэниэхтээх, өбүгэлэрбит ити курдук саҥараллара. Дьэ онон, улуу хаҥаластар биир бэлиэ өбүгэбит Эргис – Г.У. Гермогенов үтүө аатын ааттаан түмэлгэ тоҕуоруһа муһуннубут. Удьуор дьон!
Саха фольклорун улахан учуонайбыт уруһуйдарын сөҕө махтайа уонна манньыйа көрдүбүт. Дьоҕурдаах киһи барытыгар дьоҕурдаах буоларын илэ-чахчы көрөммүт итэҕэйдибит, долохойбутугар тохтоттубут. Эргис 8 сааһыгар диэри Хачыкаакка иитиллибит. Эргис ийэтэ Елена Николаевна Никифорова (1887) Киримҥэ сайылыктаах, арыыга кыстыктаах Сыһыы Баһын олохтоохторо Никифоровтар кыыстара. Кини бииргэ төрөөбүт сүрдьүн Дмитрий Николаевич сиэннэрэ күн бүгүнүгэр Хачыкаакка олороллор, Эргис төрүт таайдара буолаллар. Тимофей Никифоров, учуутал идэлээх киһи Болугуруттан кэлэ сылдьан, эһэтин мэтириэтин булан ДНД диэни Дядя Николай Дмитриевич диэн суруйбут, өссө 1926 сыл Кирим диэн быһаарыылаах диэн бэркэ үөрдэ-көттө. Истиҥ-иһирэх кэпсэтиигэ Эргис чугас аймахтара Хачыкааттан төрүттээх Трофим, Татьяна, Тимофей Никифоровтар ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан сырыттылар, ытык аймахтарын Георгий Устиновиһы амарахтык ахтан аастылар. Георгий Устинович туһунан кэпсиэхтээх учуонай дьоммут сыттана сытар, чугас Дьокуускай куораттан кэлбэтэхтэрэ олус хомолтолоох дии санаатым, биир бэйэм. Г.У. Гермогенов олох эдэр сааһыгар, 1930 с. о.э. 22-гэр улуу П.А. Слепцов-Ойуунускай үтүө дьаһалыгар-сабыдыалыгар киирбит эбит. Ойуунускай салайар саха алфавитын оҥорор-айар кэмитиэтигэр учуонай сэкиритээринэн үлэтин саҕалаабыта уонна уһун унньуктаах, түһүүлээх-тахсыылаах, үҥсүһүүлээх-эккирэтиһиилээх наука үлэтигэр олоҕун анаабыта.
Георгий Устинович билиҥҥи кээмэйинэн ыллахха, уһуна суох олоҕу олорбут, 60 сааһыгар күн сириттэн барбыт. Хаҥаластардыы хаҥыл, хардааччы майгылаах буолан буолуо Г.У. Эргис сэбиэскэй былааска соччо-бачча сэҥээриллибэтэх, К.Г. Оросин «Ньургун Боотур» олоҥхотун өрө тутан үөрэппит, тылбаастаабыт эбит. Саҥа үөрэхтэнэн эрэр саха дьоно эдэр учуонайы, Эргиһи, партия киин кэмитиэтигэр хаста даҕаны үҥсэ сылдьыбыттара кинигэҕэ суруллан турар.
Георгий Устинович 1948 с. сахаттан бастакынан фольклорга наука кандидата буолар үлэни көмүскээбитэ, саха фольклорун киэҥ киэлитигэр элбэх саха ыччатын сиэтэн, сирдээн киллэрбит уһулуччу үтүөлээх киһинэн биллэр. 1939 сыллаахха Киев куоракка аспирантураҕа үөрэнэ киирэригэр Г.У. Эргис научнай салайааччытынан, кэлин аан дойдуга биллибит академик А.Е. Крымскай буолбута. Улуу востоковед учууталын үтүө аатын Георгий Устинович түһэн биэрбэтэҕэ. Кини бэлэмнээһининэн, идеятынан 4 туомнаах «Якутские народные песни» бэчээттэнэн тахсыбыта. Саха тылын үөрэҕэр Г.У. Эргис 1931-32 сс. «Самоучитель якутского языка» диэн кинигэни И.Д. Тимофеевы-Одуор Моруону кытта бэчээттэппитэ П.П. Барашковтыын оҥорбут «Саха тылын грамматиката. Синтаксис» кинигэлэргэ бэрт уһуннук туттуллубута. Биллиилээх учуонай, наука кандидата Г.В. Попов Г.У. Эргис саха билиҥҥи фолклористарын ииппит-үөрэппит киһинэн буолар диэнмэлдьи этэр буолара. Г.В. Попов, били биһиги айдааннаах сиэллээх-кутуруктаах мунньахпытыгар «Хаҥаластар диэн былыр былыргыттан тойон ууһа диэн өрө тутуллар, ытыктанар аҕа уустарынан буолаҕыт ээ» диэн эппитин эт кулгаахпынан истэн турардаахпын.
«Учуонай-фольклорист Георгий Устинович Эргис. Биографическай фотоальбом. Покровск 2014 с.» кинигэҕэ «Үтүөлээх аҕа ууһа» диэн суруйууга 10 стр. – Г.В. Попов «Эргис, Гермогеновтар, Ефремовтар саха норуотугар былыр да, быйыл да, бэрт элбэх биллиилээх, норуот туһугар үлэлээбит үгүс үтүөлээх дьоннору биэрбит аҕа ууһунан буолаллар» диэн суруйан хаалларбыт.
Аны туран бу бэртээхэй альбом-кинигэҕэ биир дойдулаахпын А.Ф. Новгородованы булан көрдүм. Александра Новгородова саха култууратын, искусствотын билэр дьоҥҥо Бастакы Туйаарыма Куо диэнинэн биллэр, ытыктанар этэ. Биллиилээх аатырбыт композитор М.Н. Жирков, Саха АССР уонна РСФСР народнай артыыһа А.И. Егорова Александра Новгородованы бастакы Туйаарыманан билинэр эбиттэр. Саха олоҥхото аан дойдутааҕы шедевр көрүҥүгэр киириитигэр ким муҥутуур улахан өҥөлөөҕүй, үтүөлээҕий диэн ыйытык турар күннээх буоллаҕына, билэр-көрөр дьон тылбаасчыттар диэхтэрэ. Тылбаасчыттар салайааччыларынан I-Дьөппөн нэһилиэгиттэн төрүттээх Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, билэлиэгийэ билимин хандьытаата Альбина Алексеевна Максимова-Скрябина буолар диэн чопчулаан этэбин.
Г.В. Ксенофонтов аатынан түмэлгэ сылдьаммын Г.У. Эргис туһунан үтүө тылы иһиттим, элбэҕи биллим. Бэртээхэй альбом-кинигэ бэлэх туттум. Г.У. Эргис курдук чулуу учуонай фольклорист үтүө аата кэлэр кэмнэргэ ааттаныа диэн бигэ эрэллээхпин.
Ермолай Скрябин.