Саҥа үөрэх дьыла
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланыа ахсааннаах күн хаалла. Үлэһиттэр да, оҕолор даҕаны сыыйа бэлэмнэнэн эрдэхтэрэ. Онтон Эркээни хочотугар анал предметтэргэ учуутал тиийбэт диэни истэн оскуола дириэктэрдэриттэн туоһуластым.
Тыа сирин оскуолатыгар учуутал тиийбэтэ быһаччы норуот кэскилигэр, сайдыытыгар охсуулааҕын бары да өйдүүбүт. Ол да буоллар быһаарыыга турар сорук баара-суоҕа олорор дьиэ-уот суоҕуттан тутулуктаах. Холобур Төхтүр, Өктөм нэһилиэктэрэ ханна да суох аныгы үөрэх тэтимигэр эппиэттиир саҥатык оскуолалардаах. Покровскай уонна Дьокуускай куораттар икки ардыларыгар сытар киин сиргэ тоҕо эдэр учууталлар үлэлии кэлбэттэрий?
Эдэр учуутал үлэһит быһыытынан сайдыыта оскуола кэлэктиибиттэн улахан тутулуктаах. Балачча элбэх эдэр исписэлиис үлэлии тиийэн баран тоҕо уһаабатый? Чахчы учууталлыан баҕалаах, учууталлыыр аналлаах киһи ханнык баҕарар оҕоҕо сөптөөх сыһыаны уонна кэлэктиипкэ бэйэтин миэстэтин булуохтаах. Учуутал хаһан баҕарар үүнүөхтээх-сайдыахтаах, үөрэтэр предметинэн эрэ муҥурданыа суохтаах. Түмүккэ бары учууталлары, үөрэнээччилэри, туох баар үөрэх кыһатын үлэһиттэрин кэлэн иһэр саҥа үөрэх дьылынан эҕэрдэлиибит. Ситиһиилэри, үрдүк көрдөрүүлэри баҕарабыт.
Татьяна Владимирова.