Бары бииргэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Илии сылааһа» добровольческай иис сыаҕа Ирина Саввина көҕүлээһининэн 2022 сыл күһүнүттэн тэриллэн үлэлиир. Билигин бу хамсааһын үгүс улуустарга филиаллардаах. Покровскайга «Эркээни иис» филиалы Альбина Лукина салайар. Манна ис санааттан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга көмөлөһүөн баҕалаахтар, бириэмэни аахсыбакка буор-босхо иистэнэллэр. Сылтан ордук үлэлээбит кэмнэригэр номнуо 50-тан тахса уолу таҥыннаран ыыппыттар.

— Биһиги «Союзка» үлэлии олорбуппут, бу алтынньыттан улуус дьаһалтатын кэпсэтиитинэн аны «Саргы Түһүлгэтигэр» хос анатан көстүбүт. Хомойуох иһин, манна биһиги баҕабыт хоту киэҥ-куоҥ буолбатах, кыараҕас. Икки производственнай иистэнэр массыынабыт, оверлокпут эрэ батан турар. Онон закройщицабыт кэлэн үлэлииригэр улаханнык мэһэйдэтэр, — диэн Альбина Петровна кыһалҕатын үллэстэр.

Кырдьык, билигин «Союзка» олорбуттарынааҕар кыракый хос, онон алта иистэнньэҥ тэҥинэн таһаарыылаахтык үлэлиэхтэрин хайдах даҕаны табыллыбат эбит. Оттон иистэнньэҥнэр тигэр кэмпилиэктэригэр китель, бүрүүкэ, куртка, флис куртка, футболка, тактическай ырбаахы, флис бэргэһэ, подкашник (кааска иһинэн кэтиллэр бэргэһэ), балаклава, харысхаллаах рюкзак киирсэр. Барыта элбэх сиэптээх, быйылгыттан хас биирдии сиэп липучкалаах буолуохтаах диэн ирдэбиллээх. Маннык деталлары тигэр олус бириэмэни ылар диир Альбина Петровна. Оттон эбии үлэһит ылыахтарын үлэлиир миэстэлэрэ эппиэттэспэт.

— Мин сүрүн көмөлөһөөччүлэрим биэнсийэҕэ олорор Зоя Семенова, Татьяна Наумова, Мария Голокова, ОДЬХХ-ҕа үлэлиир Наталья Афанасьева, Бэстээхтэн кэлэн көмөлөһөр зайкройщицам Анна Тихонова уонна бу саҥа кэлбит, Покровскай поликлиникатыгар  үлэлиир Маргарита Решетникова буолаллар. Дьүөгэлэрим бириэмэ көһүннэ да иистэнэ сүүрэллэр. Бэйэм эмиэ Оҕо искусствотын оскуолатыгар сүрүн үлэлээхпин, ол да буоллар дириэктэрим Вероника Алексеева өйөбүлүнэн бириэмэбин аттаран букэлэбин-барабын. Биһиги күн аайы сарсыарда 10-тан киэһэ 5 чааска диэри иистэнэр сыахпытыгар баарбыт. Онон, байыаннай дьайыыга барар уолаттары кэлиҥ, сакааста түһэриҥ, толору таҥыннаран ыытыахпыт, — диэн Альбина Лукина ыҥырда.

Бастаан саҕалыырбытыгар дьиэбититтэн бэйэбит иистэнэр массыыналарбытын аҕалан тигэрбит. Онтон бу саҕалааһыммытыгар «НХЗ-групп» генеральнай дириэктэрэ Вячеслав Нестеров, Покровскай куораттан атах таҥаһын улларыытынан дьарыктанар урбаанньыт Константин Ноговицын харчынан көмөлөһөннөр, онно бэйэбит үппүтүттэн эбэн оверлок, производственнай массыына ылыммыппыт. Онон тигэр таҥаспыт хаачыстыбата да тубуста, түргэн да буоллубут. Биһиги уолаттарга бу тикпит кэмпилиэкпитин барытын босхо биэрэбит. Ким саҥа барааччы, ким уоппускаҕа кэлбит биһиэхэ кэлэн кээмэйдээн, бэйэлэрин размердарынан талан толору таҥнан бараллар. Хас да уол номнуо иккилиитэ-үстүүтэ кэлэнтаҥыннылар, биһиги тикпит көстүүммүт бөҕөтүн, туһалааҕын бэлиэтииллэр. Маны сэргэ, сылтан ордук үлэлээбит кэммитигэр, 500-тэн тахса көстүүмү өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаапка тигэн ыыттыбыт. Бу таҥастарбыт матырыйаалын, иистэнэр саппытын Дьокуускайдааҕы «Илии сылааһа» хааччыйар. Ону куораттан ыларга эмиэ бэйэбит сүүрэбит-көтөбүт. Кэргэним бу дьарыкпын өйүүр-өйдүүр буолан бэйэтэ баран аҕалааччы. Атын улуустарга баар филиаллары кытта сибээстэһэ олоробут, онно улуус таһымыгар өйөбүл улаханын бэлиэтиибит, — диэн кэпсиир амарах сүрэхтээх волонтер.

Альбина Лукина атырдьах ыйыгар өрөспүүбүлүкэ иис сыахтарын бөлөҕөр хапсан Владивосток, Хабаровскай куораттарга сылдьан госпитальга эмтэнэр биир дойдулаахтарбытын көрсөн, байыаннай таҥас тигэн хаалларан кэлбитэ. Онно уолаттар Саха сириттэн кэлэр таҥас олус хаачыстыбалаах, атын эрэгийиэнтэн сулууспалааччылар маннык көстүүмнэри бэйэлэрэ атыылаһан ылаллар эбит, онон олус ымсыыраллар дииллэр диир. Чахчы да оннугун «Илии сылааһа» иис сыаҕын тэрийиитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн ыытыллыбыт иис күрэҕэр биһиги иистэнньэҥнэрбит икки төгүл ситиһиилээхтик кыттыбыттара толору туоһулуур.

— Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн улуус баһылыга Олег Иринеев аатыттан иистэнньэҥнэрим Махтал сурук тутан олус үөрдүлэр. Киһини кыра да болҕомто кынаттыыр. Покровскай куорат дьаһалтата кулердаах уунан хааччыйар, ол эмиэ өйөбүл, — диир сэмэйдик Альбина.

Амарах санаалаах дьоммут махталлаах дьыалаларын баҕар биир эмэ урбаанньыт өйөөн  киэҥ-куоҥ хос аныыра буоллар кыайыыны уһансар дьоммут кэккэлэрэ кэҥиэ,  үлэлэрэ өссө таһаарыылаах буолуо эбит. Кырыа кыһыммыт чугаһаата, онон ичигэс таҥас-сап буойуттарга хайаан да наада. Илии сылааһынан тигиллибит таҥастар уолаттарбытын харыстыыр, араҥаччылыыр тыыннаахтарын умнумуоҕуҥ.

Видео: https://t.me/gazetahangalas/30427

Ольга Гермогенова.