Эркээни нэһилиэктэригэр ыытыллыбыт отчуоттуур бөлөҕү Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов салайда, кинини сэргэ экономика миниистирин солбуйааччыта Иван Елисеев, үөрэх уонна билим миниистирин солбуйааччы Виктория Захарова, култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистири солбуйааччы Марина Силина, доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Дмитрий Сергин, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин испэсэлииһэ Александра Петрова, «СӨ ОДьХХ» ГУТ «Тутуллар эбийиэктэр дирекциялара» филиал дириэктэрэ Михаил Соловьев нэһилиэнньэни кытта көрүстүлэр.
Дьэр нэһилиэгэр
Манна А.И. Притузов аатын сүгэр Уулаах Аан орто оскуолата саҥа дьиэлэнэрин олохтоохтор араас таһымнаах мунньахтарга туруорсан кэллилэр. Бу да көрсүһүүгэ боппуруос биир бастакынан турда. Күн бүгүн 150 миэстэлээх оскуола бырайыактыыр докумуона оҥоһуллар, өскөтүн бигэргэннэҕинэ өрөспүүбүлүкэ инвестбырагырааматыгар киирсиэ диэн бырабыыталыстыба чилиэннэрэ эттилэр.
Сүөһү-ас ииттэн олорор дьон үүт туттарыытыгар, уот-гаас тарыыбыгар ыйытыылаах буоллулар. Баанньык боппуруоһа эмиэ көтөҕүлүннэ. Өрөспүүбүлүкэбит сүрүн тутуута – Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутулуннаҕына Эркээни нэһилиэктэрэ ууга барар кутталлаахпыт дуо диэн ыйытыы киирдэ. Анатолий Семенов муостаны бырайыактааһыҥҥа Россияҕа биир бастыҥ бырайыактыыр институт — Гипростроймост — Санкт Петербург М.В. Ломоносов аатынан МГУ гидрологтарын, РНА Сибиирдээҕи салаатын учуонайдарын кытта үлэлэспитин эттэ, кинилэр барытын учуоттаан, Саха сирин олохтоохторугар туох да куттала суох эбийиэк буоларын эрэннэрдэ.
Өктөм нэһилиэгэр
АГАТУ Өктөмнөөҕү филиалын аактабай саалатыгар ыытыллыбыт көрсүһүүгэ нэһилиэнньэ манна социальнай эбийиэк элбэҕин бэлиэтээн туран, убаҕас бөҕү-саҕы харайыыга миэрэ ылыллан, канализационнай ыраастыыр ыстаансыйа (КОС) тутуллара булгуччулааҕын этиннилэр. Маннык эбийиэк тутуута 59 мөл. солк. эрэйэр эбит, симиэтэ, экспертиза докумуона бэлэм баар, олоххо киллэрэргэ инвестор наада эбэтэр государственнай-чааһынай партнерство бырагырааматыгар хапсыахха наада. СӨ «ОДьХХ» ГУТ «Тутуллар эбийиэктэр дирекциялара» филиал дириэктэрэ Михаил Соловьев иһитиннэрбитинэн, маннык хайысханан быйыл Чокурдаахха КОС тутуу пилотнай бырайыак быһыытынан ыытыллар, эһиилгиттэн улуустарга үлэлиир былааннаахтарын эттэ. Анатолий Аскалонович бэлэм бырайыактыыр-симиэтэ докумуона баарын кэннэ үп-харчы булан тутуу үлэтин тэтимирдэр уонна күүһүрдэр наада диэтэ, боппуруоһу боротокуолга киллэртэрдэ.
Нэһилиэк өссө биир социальнай суолталаах эбийиэгэ – култуура киинин дьиэтэ бу Саҥа дьыл кэннэ саахалланар кутталлаах буолан сабылынна. Онон 3,5 тыһ. тахса нэһилиэнньэлээх Өктөм дьоно мустар, сынньанар сирэ суох хааллылар.
Төхтүр нэһилиэгэр
Сылгы ииттэр дьону үгүстэрин РФ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ таһаарбыт бирикээһэ долгуппут. Бирикээскэ ыйылларынан, сылгыны күрүөлээх-хаһаалаах сиргэ иитии-харайыы ирдэнэр. Бу боппуруоска СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин испэсэлииһэ Александра Петрова хоруйдаата:
— Саха сирэ сылгыны үөрдээн иитиигэ Уһук Илиҥҥэ бастакы иһэбит, Россияҕа Татарстан, Башкортостан кэнниттэн үһүспүт. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 178600 төбө сылгылаахпыт, онтон 121800 төбө биэ. Бирикээс билигин үөрэтиллэр, биһиги тыйыс усулуобуйабытын учуоттаан, биллэн турар, бэйэбит көннөрүүлэрбитин киллэриэхпит, оттон конюшнялаах, сүүрүк аттары тутар хаһаайыстыбалар бирикээһи тутуһаллара ирдэнэр, — диэтэ кини.
Төхтүрдэр биэрэги бөҕөргөтүүнү бу да сырыыга сытыытык туруорустулар. Ону сэргэ бэйдиэ ыттар, Покровскайга поликлиника, спортивнай комплекс тутуу туһунан ыйытыы биэрдилэр.
Ольга Гермогенова.