Эркээни олохтоохторо доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕириигэ, спортка сыһыаннаах боппуруоһу туруорустулар.
Улуус дьаһалтатын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота Эркээни нэһилиэктэригэр ахсынньы бүтүүтэ ыытылынна. Отчуоттуур бөлөҕү баһылык Олег Иринеев салайда.
Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү Нөмүгү нэһилиэгиттэн саҕаланна.
Олохтоохтор туруорсууларыттан ааспыт сылга боротокуолга уон боппуруос киирбит эбит. Ол курдук, нөмүгүлэр саҥа култуура дьиэтин тутууну туруорсубуттара ыраатта. 2024 сылга онуоха улуус бүддьүөтүттэн 4,5 мөл. солк көрүлүннэ диэн Олег Валерьевич иһитиннэрдэ. Нэһилиэк иһинээҕи суоллары өрөмүөннээһин салҕаныа, Суол пуондатыттан Ленин уулуссатын оҥорууга эмиэ үп-харчы көрүллүбүт. 2025-2027 сс. үөрэх тэрилтэлэрин хапытаалынай өрөмүөннүүр федеральнай бырагыраамаҕа «Чуораанчык» оҕо уһуйаанын сайаапкаҕа киллэрэн турабыт диэн баһылык иһитиннэрдэ. Быйылгы отчуокка уһуйаан сэбиэдиссэйэ Оксана Анисимова оҕо саадын аҥара ууга турар, тиэргэнэ инчэҕэй сир, оҕолор оонньуур былаһааккаларын саҥардарга, кэҥэтэргэ сири куттарыахха наада диэнттуруоруста.
Нөмүгү олохтоохторо улуус киинигэр бэйэ аһын-үөлүн, бородууксуйаны атыылыыр ырыынак баара буоллар диэн санааларын эттилэр. Баһылык иһитиннэрбитинэн, Покровскай киинигэр, «Эргис» Атыы дьиэтин таһыгар, урбаанньыт Дмитрий Громов сир ылан төгүрүк сыл үлэлиэхтээх ырыынагы тутта сылдьар. Ону сэргэ Бульвар киоскаларыгар эмиэ олохтоох атыы-эргиэн тэриллиэхтээх.
Эркээни хочотун нэһилиэктэрэ бары даҕаны Дьокуускайга диэри айанныыр автобус нэһилиэк иһинэн таарыйан ааһарын туруорсаллар. Улуус дьаһалтата ЯПАП тэрилтэни кытта бу боппуруоһунан үлэлэспит да, улахан автобус сэлиэнньэҕэ киирэригэр анал бэлиэлэр, тохтобул ирдэнэр, онон билигин кыаллыбатын эппит. Онон бу кыһалҕаны быһаарыыга үлэ салҕанар.
Ой орто оскуолатын интэринээтин иитээччитэ Саргылана Маркова интэринээккэ санузел өрөмүөнүн туруоруста. Сорудах улуустааҕы үөрэх салалтатыгар бэрилиннэ.
Аны туран Нөмүгү амбулаториятын арболит дьиэтэ эргэрэн, кыһынын олус тымныы. Улуус кылаабынай бырааһа Артур Протодьяконов балыыһа учаастагар миэстэ баар, онно саҥа модульнай дьиэ бырайыагын оҥорторон Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр сайаапка бэрилиннэ диэтэ.
Дьэр нэһилиэгэр ыытыллыбыт көрсүһүүгэ кулууп саалатын толору олохтоохтор мустан санааларын-оноолорун этиннилэр. Манна биир сүрүн боппуруос — орто оскуола дьиэтин тутуу. Хомойуох иһин, ааспыт сылга оскуола бырайыактыыр докумуонун оҥорууга кыайыылаах тахсыбыт бэдэрээччит тэрилтэ болдьоҕор сөптөөх үлэни ыыппакка хантыраак көтүрүллүбүт. Ол да буоллар, үбүлээһини оннунан хааллардыбыт, салгыы оскуолатутуутун тиһэҕэр тиэрдэргэ үлэлиибит диэтэ оройуон баһылыга. Оскуола гарааһын тутуу боппуруоһа бу да сырыыга көтөҕүлүннэ. Спонсордар көмөлөрүнэн хомуллубут үпкэ эбии 700-чэкэ тыһ. солк. тиийбэт диэноскуола дириэктэрэ Гаврил Максимов иһитиннэрдэ.
Дьэрдэр сылын аайы трассаҕа массыыналар ынах-сылгы сүөһүлэрин үнтү көтөн ночооттоох хаалаллар. Бу дасырыыга боппуруос киирдэ. Суол управлениета иһитиннэрбитинэн, 2022 сылга суол хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллыбыта, онон федеральнай ирдэбилгэ барыта эппиэттэһэр, суолга сэрэтэр бэлиэлэр үс сылга биирдэ уларыйыахтаахтар эбит.
Сүөһүлээх-астаах дьон, үүт туттарааччылар «Хаҥалас-Ас» дириэктэригэр Станислав Ильиҥҥэ кэккэ боппуруостаах буоллулар, үүт тутар пуун баар буоллар диэн баҕаларын эттилэр.
Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоҥҥо сир бэриллиитин туһунан аймахтара ыйыттылар. Ил Түмэҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр сыаллаах кэтэх хаһаайыстыба тэринэллэригэр уонна дьиэ-уот тутталларыгар босхо сири биэрии туһунан сокуон ылыллан турар.
Өктөмҥө, Төхтүргэ биэрэги бөҕөргөтүүгэ СӨ Бырабыыталыстыбатын таһымыгар үлэ барарын баһылык Олег Иринеев иһитиннэрдэ. Ааспыт сылларга олохтоохтор Чапаевоҕа уонна Төхтүргэ ФАП тутуутун туруорсаллара. Бубоппуруос оннуттан хамсаан, икки нэһилиэккэ модульнай дьиэлэри тутууга докумуон толоруллан, ыам ыйыгар диэри саҥа эбийиэктэр үлэҕэ киириэхтэрэ.
Уопсай баанньык наада диэн олохтоохтор туруорсаллар. Бубоппуруоһу олохтоох урбаанньыттар эрэ олоххо киллэрэр кыахтаахтар диэн улуус салалтата быһааран эттэ.
Тыа сиригэр чааһынай дьиэлэр эргэрэн, олохтоохтор даҕаны сааһыран бэйэлэрин үптэринэн-күүстэринэн өрөмүөн ыыталлара уустук тардааҕын ыйан туран, тутуу матырыйаалын миэстэтигэр тиэйэн тиксэрэр өҥө баар абуоллар диэн саастаах дьон эттилэр.
Ханна да буоларыныы, ыт бэйдиэ сылдьарын туһунан боппуруос нэһилиэк аайы сытыытык турда.
Былырыын да, быйыл да Эркээни олохтоохторо улууска бырайыактыыр киин баар буолуо дуо диэн ыйыталлар. Олег Иринеев иһитиннэрбитинэн, 2024 сылтан Покровскайга ыччакка туһуламмыт бырайыактыыр киин үлэлиэ.
Бу курдук олохтоохтортон тырааныспар, тыа хаһаайыстыбатын, спорт сайдыытын, сибээс, уот, суол-иис, общественнай үлэ-хамнас туһунан кыһалҕалаах ыйытыылар салалтаҕа бэрилиннилэр. Кэккэ ыйытыылар тута быһаарылыннылар, сорох боппуруос салгыы үөрэтиллиэ, хонтуруолланыа.
Ольга Гермогенова.