Миисэ барахсан биһиги кэккэбититтэн туораабыта 40 хонугун туолла. Кини хаһан даҕаны, ханна даҕаны кыыһыра-тымта, этиһэ-мөккүһэ сылдьыбат этэ. Бастакы Дьөппөн кырдьаҕастара «Хор, ити уол Миисэ эһэтин Кылдьыр Испиэри көрбүтүнэн төрөөбүт оҕо эбит ээ. Холкута, аламаҕайа үүт-маас Испиэр Испиэринэн» диэн хайгыыр буолаллара. Михаил Егорович үтүөкэн салайааччы буолан 30 сыл милицияҕа үлэлиирин тухары элбэх киһиэхэ көмөлөспүтэ, сүбэ-ама биэрбитэ кэмнээх-кэрдиилээх буолуо дуо? Боростуой милиционертан саҕалаан полковникка тиийэ өрө тахсыы диэн улахан ситиһиинэн буоларын ама ким мэлдьэһиэй.
Михаил Тарасов юрист идэтин баһылаан Жатай бөһүөлэгэр пааспар остуолун салаатын салайааччытынан анаммыта. Сыралаах үлэтинэн, үтүө майгытынан, көнөтүнэн, чиэһинэйинэн кынаттанан бииртэн биир үрдэллэри ылаттаан испитэ. Аатырбыт-сураҕырбыт Саха өрөспүүбүлүкэтин Ис дьыалаҕа министиэристибэтигэр хаһаайыстыбаннай управление начаалынньыгынан үлэлиир кэмнэригэр салайааччы быһыытынан талаана толору арыллыбыта. Тэрилтэ көдьүүстээх үлэтинэн элбэх тутуу барбыта, үгүс техника, ол иһигэр аныгы орг-техника Саха сиригэр ананан кэлбитэ. Полковник М.Е.Тарасовка биэдэмистибэ мэтээллэри, бэлиэлэри таһынан Сибэтиэй Георгий-Победоносец сүдү улахан суолталаах уордьанын туттарбыттара, ону сэргэ «За интеллектуальный вклад в защиту законности и правопорядка» диэн РФ ИДьМ бириэмийэтин анаабыттара, РФ ИДьМ Бочуотунай сотруднига үрдүк ааты иҥэрбиттэрэ.
Отут сыл милицияҕа үлэлээн баран Михаил Егорович аны өрө охсон 28 сыл үрдүк үөрэх кыһаларыгар эҥкилэ суох үлэлээн 200-тэн тахса научнай үлэлээх, ол иһигэр 18 монография, 161 научнай ыстатыйалааҕа биллэр, кини 21 учебнигы уонна үөрэх босуобуйатын бэлэмнээбит учуонай буолар. Михаил Тарасов «теневой экономика» дэнэргэ судаарыстыба дифференцированнай дьайыытыгар авторскай концепцияны оҥорон, научнай өттүнэн оһуобай экономическай категория диэн квалификациялаабыт үлэлэрин чыпчаал үлэлэр диэнтааҕаллар эбит, учуонайдар.
Михаил Тарасов М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет экономическай дьиссипилиинэлэргэ магистратураҕа уонна аспирантураҕа диссертационнай сэбиэттэрин чилиэнэ, университет үп-экономика институтун экономикаҕа кафедратын судаарыстыбаннай аттестационнай уонна экзаменационнай хамыыһыйаларын бэрэссэдээтэллэринэн, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет учуонай уонна научнай-техническай сэбиэттэрин чилиэнинэн үгүс түбүктээх үлэҕэ сылдьыбыта.
М.Е. Тарасов СӨ наука үтүөлээх диэйэтэлэ, РФ наукаҕа уонна техникаҕа бочуоттаах үлэһитэ диэн ааттарынан биһирэммитэ. 2002 сыллаахха кини Москватааҕы Норуоттар доҕордоһууларын университетыгар экономика дуоктарын аатын көмүскээбитэ. 28 сыл усталаах туоратыгар учуонай Региональнай экономика институтун дириэктэрин солбуйааччытынан, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун (кэлин агротехнологическай университетын) юридическай кафедратын сэбиэдиссэйинэн, М.К.Аммосова аатынан ХИФУ педагогическай, экономическай институттарын преподавателлэринэн, Быраапка академия Дьокуускайдааҕы салаатын дириэктэринэн үрдүк таһаарыылаахтык, устудьуоннарга биһирэтэрдии үлэлээбитэ. Биир дойдулаахпыт «Хачыкаат нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо» диэн үрдүк ааты сүгэрэ.
Быраатым курдук истиҥник саныыр киһибин Михаил Егоровиһы мин 1965-1966 сыллартан, 1-Дьөппөн аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэниэҕиттэн билэбин. Аҕата Е.С. Тарасов 1-Дьөппөҥҥө үлэлии кэлбитэ. Дьон истибэтигэр Миисэттэн дьээбэлээн «Ханна ортотоскуоланы бүтэрбиккиний?» диэн ыйытар буоларым. Миисэ барахсан көнө, өс киирбэх муҥутаан «Уваай, уваай! Вээ-вээ, улаханнык саҥарыма…» диирэ, кыбыстара. Ол эрэн туруоруммут соругун-сыалын ситиһэр, чиккэ, кытаанах санаалаах киһи буолан, киэһээҥҥи орто оскуоланы бүтэрэн олох киэҥ аартыгар чиҥник үктэнэн киирбитэ… уонна өркөн өйдөөхтөр эрэ ылар кирбиилэрин ылаттаабыта. Кинини, М.Е.Тарасовы, биһиги Хаҥалас биир бэлиэ киһитэ буоларын умнуо суохтаахпыт, холобур туттуох тустаахпыт.
Михаил Егорович таптыыр кэргэнинээн Валентина Васильевналыын 52 дьоллоох сыллары этэҥҥэ олорон үс оҕоломмуттара, аҕыс сиэннээхтэр, икки хос сиэннээхтэр. Тарасовтар үтүө ааттара ааттана туруоҕа!
Ермолай СКРЯБИН.