“Эркин курдук эрэллээх дьоммут” кинигэ сүрэхтэннэ

Аан Дойдуга Дьиэ кэргэн күнүгэр анаан, Булгунньахтаах сэлиэнньэтин Арчы дьиэтигэр “Эркин курдук эрэллээх дьоммут” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Кинигэ ааптара педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Учууталлар учууталлара, 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, 86 сааһыгар сылдьар, 8 көлүөнэҕэ тиийэ тэнитэн төрүччүлэрин ырытан оҥорбут Вера Георгиевна Орестова-Спиридонова буолар. Кини күндү дьонун сырдык кэриэстэригэр анаан кинигэ суруйбут.

“Эркин курдук эрэллээх дьоммут» диэн кинигэҕэ Григорьевтар, Орестовтар, Павловтар, Варфоломеевтар, Слепцовтар бары хаануруу аймахтар киирбиттэр. Аҕата Николай Прокопьевич өр сыл Комминтерн колхоз председателинан үлэлээн бар дьонун махталын ылбыт, олус убаастанар киһи эбит. Абаҕата Орестов Георгий Прокопьевич Саха сиригэр сэбиэскэй былаас туругура сайдарын туһугар олоҕун анаабыт коммунистсалайааччы, гражданскай  сэрии кыттыылааҕа. Тастыҥ  бырааттара Павлов Петр Петрович сельсовет сэкэрэтээринэн өр сыл үлэлээн чиэскэ-бочуокка сылдьыбыт. Слепцовтар, Сата нэһилиэгин көсбас ыаллара, кулубаҕа, кинээскэ  тиийэ дойдуну салайсыбыт удьуор дьоннор. Вера Георгиевна бу киэҥ аймаҕы, хас да сыл архыыптан хасыһан булан сыралаах үлэтин кинигэ оҥорон, дьонугар-сэргэтигэр сүдү бэлэх оҥордо. Бу киэҥ аймах саха мааны ыала буолан, оҕо-уруу тэнитэн, үлэ бөҕөтүн үлэлээн, үлэ үөһүгэр үрдүк кирбиилэри ситиһэн, кыайыылаах-хотуулаах үлэһит буолан,  олорон ааспыт ытык олохторун, кэрдиис кэмнэрин кэпсиир чахчылар, бииргэ алтыһан ааспыт дьоннорун,  оҕолорун, сиэннэрин ахтыылара, хаартыскалара киирдилэр.

Тэрээһин арыллыытыгар саха сиэринэн бар дьоммутугар сүргэни көтөҕөр, санааны күүһүрдэр, тускуга туһаайар Алгыс сиэрин-туомун Татьяна Слепцова-Тускууна оҥордо. Кинигэ сүрэхтэниитигэр эҕэрдэ тылы 1 Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева,  С.П.Ефремов аатынан Булгунньахтаах орто оскуолатын дириэктэрАлександр Тимофеев, бу тэрээһини көҕүлээбит бэтэрээннэр түмсүүлэрин салайааччыта Александра Павлова, нэһилиэк дьонун үйэтитэргэ күүскэ үлэлэспит үлэ бэтэрээнэ Раиса Архипова уонна аймах-билэ дьонноро Орестовтар, Варфоломеевтар эттилэр. Ону таһынан алгыс тойугун туойан иһитиннэрдэ «Дьиэрэй ырыа» култуура киинин уус-уран салайааччыта Ирина Давыдова, байаанынан доҕуһуоллаан ырыа ыллаата СӨ култууратын туйгуна Петр Саввинов, “Дьиэрэй ырыа” култуура киинин кэскиллээх ырыаһыта Ньургун Давыдов.

Бу курдук нэһилиэкпит сайдыытыгар олук уурбут дьоммутааттарын үйэтитэн, кэлэр көлүөнэҕэ ыччаттарбытыгартириэрдэр биһиги ытык иэспит. Тэрээһин түмүгэр өйдөбүнньүк уопсай хаартыскаҕа түһүү буолла. Кэлбит дьон астынан, махтанан, кинигэ бэлэх тутуурдаах тарҕастылар.

Күндү киһибитигэр, Вера Георгиевнаҕа айыыларыҥ алгыһынан арыаллан, уруйдарынан угуттан, чэгиэн–чэбдик доруобуйаны, санаабытыҥ сатаннын, тобулбутуҥ табылыннын, суруйбут айымньыҥ айхалланнын, алгыс баһа сыаланнын диэн алгыспытын аныыбыт! Бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт дьоммутугар махталбытын тириэрдэбит.

Анисия Дьяконова, Булгунньахтаах бибилэтиэкэтин салайааччыта.