Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ национальнай бырайыак
Дойду президенэ Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагынан Өктөмҥө түөрт мэндиэмэннээх 27 кыбартыыралаах таас дьиэ олохтооҕо Евдокия Еремеева түннүгүттэн нэһилиэгэ кэҥиирин, сайдарын бэлиэтэ, икки таас дьиэ тутуутугар үлэ күөстүү оргуйа турара көстөр.
Евдокия Еремеева «Өктөм» сопхуос бэтэрээнэ. Эдэркээн кыыс оҕо сылдьан ыраах Өлөөн оройуонуттан оччоотооҕуга 17 №-дээх ОПТУ-га «овощевод» идэтигэр үөрэнэ кэлбитэ. Үөрэҕин бүтэрээт сопхуоска оҕуруот аһын үүннэриигэ үлэлии хаалан, хаста да сыллааҕы былаанын толорон тэрилтэ биир тутаах үлэһитэ буолта. Манна олохтоох уолга кэргэн тахсан билигин Өктөмҥө олорор:
— Саҥа таас кыбартыыраҕа киирбиппиттэн олус астынным. Мин эргэ түөрт кыбартыыралаах мас дьиэҕэ эдэр эрдэхпиттэн олордум. Бастаан оҕуруоччут кыргыттардыын, онтон бары ыал буолан бу дьиэттэн көһөн барбыттара. Мин салгыы олоро хаалбытым. Онтон бу быйыл саҥа таас дьиэҕэ киирэн абыранныбыт. «Өктөм» сопхуоһугар үлэлээбиппин уонна манна олохсуйа хаалбыппын кэмсиммэппин. Маннык сырдык, сылаас, уута-хаара үрдүттэн кыбартыыра анаабыттарыгар дьаһалтаҕа уонна дьиэбитин туппут уолаттарга махталбын тиэрдэбин, — диэтэ Евдокия Еремеева.
Видео:
Татьяна Владимирова.