Алтынньы 7 күнүгэр “Аан Аартык” култуура киинэ ыыппыт “Дууһабытынан эдэрбит” тэрээһиннэригэр биһиги Ярик Михайловтыын киирэн биир дойдулаахтарбытын хаартыскаҕа түһэрдибит уонна бэчээттээн бэлэхтээтибит. Аҕам саастаах дьону түһэрэрбин наһаа сөбүлээтим. Кинилэр эмиэ бары олус астыннылар, махтаннылар. Мин 5-с кылаастан оскуолабыт медиакиинигэр киирэн, хаартыскаҕа түһэрэн саҕалаабытым. Саамай өйдөөн хаалбыт фотосессиям бу саас “Бөртө” сылгы собуотун хотонугар киирэн, ыанньыксыттар үлэлии сылдьалларын түһэрбиппит буолар.

Оскуола иһигэр араас тэрээһиннэр буолаллар: спортивнай да күрэхтэһиилэр, кэнсиэртэр, дьаарбаҥкалар. Ол гынан баран, хаһан да сылдьыбатах сиргэр, атын сиргэ баран хаартыскаҕа түһэрэр быдан интэриэһинэй эбит дии санаатым.

Ильяна Осипова, М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.