1941 сыл бэс ыйын 22 күнэ биһиги сүрэхпитигэр хара дьай буолан сөҥмүтэ. Сэрии маҥнайгы күннэриттэн дьон тыйыһырбыта, күлүү-оонньуу тохтообута, бэл диэтэр, оҕолор барахсаттар чуумпурбуттара. Эр дьон өстөөҕү утары уоттаах сэриигэ барбыттара. Мөлүйүөнүнэн саллааттар ыар көлөһүннэринэн, кыа хааннарынан, сырдык тыыннарынан толуктанан кэлбитэ Кыайыы күүтүүлээх күнэ.
Бүгүн кэпсээнтэн биллим Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учууталын, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕун, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын Скороходкин Роман Васильевиһы. Роман Васильевич Уус Алдан Хоро нэһилиэгэр 1913 с. алтынньы 8 күнүгэр күн сирин көрбүт. Мүрү сэттэ кылаастаах оскуолатын үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбит, онтон педучилищаны, кэлин учуутал институтун бүтэрэн идэтин ылбыт. 52 сыл саха тылын учууталынан, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, дириэктэринэн араас оскуолаларга, ол иһигэр 43 сыл Хаҥалас улууһугар үлэлээбит.
Роман Васильевич учууталлыы сылдьан 1941 с. бала-ҕан ыйыгар аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 1942 с. тохсунньуга Новгородскай уобаласка Старай Русса аттыгар 137-с стрелковай полка састаабыгар киирсэн кырыктаах кыргыһыыга кыттыбыта. Ол кыргыһыыга бааһыран хас да ый госпиталга эмтэнэн, 1942 с. алтынньытыгар дойдутугар эргиллэн кэлбит.
1942 с. Хаҥалас улууһугар Кыһыл Үрүйэҕэ алын кылаас оскуолатыгар учууталлаабыт. 1943 сылтан сынньалаҥҥа барыар диэри I-Дьөппөҥҥө үлэлээбит. Кини нэһилиэгин сайдыытыгар бэрт көхтөөхтүк, утумнаахтык кыттыбыт, сельскэй Сэбиэт дьокутаата, бастыҥ лектор, норуодунай суут бэрэссэдээтэлинэн таһаарыылаахтык үлэлээбит. Оскуола оҕолоругар, нэһилиэккэ литературнай — драматическай куруһуогу тэрийэн ситиһиилээхтик үлэлэппит. Кини олоҕун сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар, олоҕун кэпсииллэр.
Ира Строева, I-Дьөппөн интэринээт—оскуолатын үөрэнээччитэ.