«Гавриил Ксенофонтов сылдьыбыт сирдэринэн» экспедиция

Гавриил Ксенофонтов дьоллоох  оҕо сааһын түөлбэтин көрдүбүт

Биир дойдулаахпыт, саха норуотун уһулуччулаах уола, аан дойду таһымнаах учуонай, Саха сирин судаарыстыбаннаһын атаҕар туруорууга турууласпыт диэйэтэл, юрист Гавриил Васильевич Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылыгар “Гавриил Ксенофонтов сылдьыбыт сирдэринэн” диэн ааттаах экспедициябытын салҕаан, балаҕан ыйын 15 күнүгэр Гавриил оҕо сааһа ааспыт, Тиит Арыы арҕаа тыатыгар Хатыҥ диэн сиргэ тахса сырыттыбыт. Бу сырыы, өр сылларга иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаабын толорон, СӨ Национальнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ — сценарист Аина Прибылых уонна режиссер-оператор Иван Кривогорницын өй уган, идея биэрэн, олоххо киирэн табылынна.

Национальнай бибилэтиэкэ Гавриил Ксенофонтов туһунан документальнай киинэ бэлэмнии сылдьар, ол чэрчитинэн Гавриил төрөөбүт, сүүрбүт-көппүт Бүлтэгир кырдалын, сөтүөлээбит, кылыгырас кумахтаах биэрэгэр киирэн сытан, ахтылҕанын таһааран хонон турар Өлүөнэ эбэтин туһунан устаары өссө эрдэ, от ыйын 4 күнүгэр, кэлэн барбыттара. Олсырыыларыгар Бүлтэгиргэ соҕотох хаалан хаппыт тиит мас баара, аҕыйах сылтан бэтэрээ тиллэн, лабаалара көҕөрөн саҥаттан тахсан эрэрин сөҕө-махтайа көрбүттэрэ, уһулан барбыттара.

Гавриил Ксенофонтов, 1888 сыллаахха тохсунньу ый 16 ( э.с. 4 к.) күнүгэр, төрөөтүн кытта, абааһыттан куоттаран, Ион Слепцовтаахха ииттэрэ биэрбиттэр. Ион Слепцовтаах, (Н.Е.Соловьев “Төрөөбүт холумтаным” кинигэтиттэн) Тиит Арыы арҕаа тыатыгар, Хатыҥҥа Тураҥнаах диэн сиргэ олорбуттар. Онно олорор оҕолор Хаас үрэҕэр мустан оонньууллар эбит. Аймахтарын Петр НиколаевичСлепцовтааҕы Күүстээх Бөтүүнү  кытта бииргэ сайылыыллара. Гавриил 7 сааһын туолбутун кэннэ төрөппүт ийэлээх аҕата, Василий Никифорович уонна Екатерина Максимовна, бэйэлэригэр төттөрү ылбыттара.  Ол да буоллар, кэлин улаатан да баран, Гавриил Тиит Арыыга кэллэҕин аайы Хатыҥҥа тахсан күүлэйдээн киирэр эбит.

Гавриил Васильевич ииппит дьонун туһунан билиһиннэрэр буоллахха, нэһилиэкпит кыраайы үөрэтээччитэ Галина Белых “Ревизская сказка Кангаласского улуса 3, 4 Мальжегарских волостей и Якутского округа Иркутского тракта при Тит-Аринской станции за 1795, 1816, 1850, 1858 годы. Посемейные списки 3,4 Мальжегарских наслегов и жителей Тит-Аринской станции Покровского тракта за 1906, 1911, 1922,1927-28 годы.” кинигэттэн булбутунан,1907 сыллаах биэрэпискэ көрдөххө Слепцов Ион Никифорович, 1840 с.т., кэргэннээх Марфа Петрова, 1840 с.т., икки уоллаахтар Дмитрий, 1862 с.т., бэйэтэ туспа хаһаайыстыбалаах, Владимир, 1876 с.т.. аҕатынаан бииргэ олорор эбит.

Гавриилы иитэ ылалларыгар Ион Слепцов бастакы кэргэнэ Марфа Петровалыын 48 саастаахтар, 26 саастаах Дима уонна 12 саастаах Володя диэн уол оҕолордоохтор эбит.1907 сыллаах биэрэпискэ Марфа Петрова  68 саастааҕар  Гавриил 19 саастаах. Марфа Петрова  1907-1910 сс. икки ардыларыгар өлбүт, онтон 1911 сыллаах биэрэпискэ  Ион Никифорович иккис кэргэннэммит Евдокия Евстьева, 1840 с.т. Степан Павлович Рафаилов Эһиэкэй Ыстапаан, 1885 с.т., ахтарынан: “Слепцовтар Тиит Арыы Баһын төрүт олохтоохторо, манна кинилэртэн ордук кыахтаах дьон баалларын истибэт этим. Кэлин Ксенофонтовтар сис аймах буоллулар. Кинилэр бэрт былыргыттан ыаллыы олорбуттара. Ханан эрэ үүйэ-хаайа аймах буолаллар диэн эһэм кэпсиирин истэр этим”. Онон Василий Никифорович чугас дьонугар, ырааҕынан аймахтарыгар, нэһилиэгин сис, кыахтаах  ыалыгар Слепцов Ион Никифоровичтаахха бастакы оҕотун Гавриилы ииттэрэ биэрбит эбит.

Марфа Петровна Слепцова, “няня” (хаартыскаҕа) Гавриил Томскайга үөрэнэ сылдьан, каникулугар кэлэ сырыттаҕына, Дьокуускай куоракка Василий Никифорович Ксенофонтовтаах  дьиэлэригэр көрсө кэлбитигэр, түһэрбит буолуохтарын сөп. Түспүт кэмэ 1908 сылтан 1910 сылга диэри.

Балаҕан ыйдааҕы экспедициябытыгар 4 буолан сырыттыбыт: Тиит Арыы нэһилиэгин баһылыга Григорий Лукин, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтиттэн режиссер-оператор Иван Кривогорницын, эрэллээх суоппарбыт ПетрСоловьев уонна мин, Раиса Степанова, Ксенофонтовтар дьиэ кэргэннэрин музейын сэбиэдиссэйэ, Чкалов сэлиэнньэтин бибилэтиэкэтин кылаабынай бибилэтиэкэрэ.

Хатыҥ үрэх устун Тураҥнаахха, Кыталыктаахха, Боруулаахха, Силискэ, Тараапкаҕа уо.д.а. IV Малдьаҕар нэһилиэгин дьоно сайылыы тахсаллар, сорохторо кыстаан олороллор эбит. Тураҥнаах диэн сир Тиит Арыы сэлиэнньэтиттэн 2 көс курдук ыраах сытар. Суола-ииһэ соччото суох, кураан эрэ  кэмҥэ УАЗ массыыналар сылдьаллар, атын кэмҥэ тыраахтарынан, атынан тиийэҕин.

Сарсыарда 10 чаас саҕаттан үрдүк көлүөһэлэрдээх УАЗ массыынаҕа олорсон айаммытын саҕалаатыбыт. Күһүн саамай кыраһыабай кэмигэр түбэһэн, Хатыҥ диэн ааттаныан ааттаммыт сиргэ, тула барыта саһархай сэбирдэҕинэн бүрүммүт хатыҥ чараҥ, кырдьык да “көмүс күһүҥҥэ” сырыттыбыт. Кураан кэм буолан  11 чаас ааһыыта Тураҥнаахпытыгар тиийдибит. Бу сиргэ элбэх ыал олорбут эбит, бэйэ бэйэлэриттэн чугас соҕус сууллан эрэр өтөхтөр, ампаардар, хотон, ат далларын омоонноро, иҥнэри түспүт сэргэлэр бааллар. Бэйэтин бириэмэтигэр Ион Слепцовтаахханан  олорбуттарын ыйыталаспакка хаалбыппыт олус хомолтолоох буолла. Чопчу ханна олорбуттарын билбэт буолан Тураҥнаах сирин кэрийэн, онно баар өтөхтөрү, сирин-уотун түһэрдибит, уһуллубут.

Хата, Андрей Кузьмин эһээтинээн Николай ДаниловичКузьминныын (1919 с.т., эдэр сылдьан Ксенофонтов Василий Никифоровичтаахха сылдьар, сорудахтарын толорор, үчүгэйдик билсэр эбит) тыаҕа тахса сылдьан, эһэтэ ким ханна олорбутун ыйан көрдөрөн, быһааран, Ксенофонтовтар аймах Тураҥнааҕынан ханан олорбуттарын ыйан биэрбитинэн сирдэтэн өтөхтөрүн, олорбут сирдэрин хаартыскаҕа түһэрдибит.

Салгыы Тураҥнаахха олорор оҕолор мустан оонньуур сирдэригэр Хаас Үрэххэ тиийэ сырыттыбыт. Ол кэннэ суолбут Боруулааҕынан, Силиһинэн Бөтүү сайылыгар(Слепцов Петр Николаевич – Күүстээх Бөтүү) тиийдибит. Алаас курдук улахан хонуу эбит. Ол гынан баран күөлэ суох. Аттынан үрэх устар буолан, онтон ууланан олорбуттар. Бу Бөтүү сайылыгар сэрии саҕаттан холкуос, сопхуос сылгыһыттарыгар база оҥорбуттар эбит. Былыргыттан икки самныбыт өтөх уонна чугас соҕус Слепцовтар кылабыыһалара хаалбыт. Кылабыыһаҕа тахсан Ион Слепцов диэн ааты көрдөөн баран булбатыбыт. Таастарга суруллубут суруктар дэлби көстүбэт буолбуттар.

Бөтүү сайылыгыттан төннөн иһэн, Силис диэн хонууну ааһан баран ол ойуурун иһигэр, Ксенофонтовтар кылабыыһаларын буллубут. Өссө эрдэ, хас да сыллааҕыта, сылгыһыттар  таас пааматынньыгы түбэһэ көрөн, аахпыттара “Ксенофонтов” диэн суруктааҕын иһин миэхэ эппиттэрэ. Ону баһылыкпытыгар Григорий Лукиҥҥа арҕаа тыаҕа тахсарыгар көрдөһөн хаартыскаҕа түһэртэрбитим. Дьэ, ол пааматынньыгы көрдөөн булбуппут, хас да суруктаах таастар, сууллубут мастара бааллара. Элбэх киһи көмүллүбүт сирэ эбит. Эрдэ аһаҕас сир эбитэ дуу, эбэтэр маннык ойуур иһигэр дьоннорун кистииллэрэ дуу?!Сылгыһыттар кэпсииллэринэн уонча сыллааҕыта бу сылдьыбыт сирдэрбит олох аһаҕас киэҥ хонуулар эбит, билигин талах, мас бөҕө үүнэн, кыччаан хаалбыттар. Онон сабаҕалаатахха аһаҕас сир буолуон сөп.

Гавриил Ксенофонтов төрүөҕүттэн иитиллибит, дьоллоох кыра оҕо сааһа ааспыт сирдэринэн сылдьан, элбэҕи көрөн-истэн, булан кэллибит уонна маннык санааҕа кэллибит.

Өбүгэлэрбит бу кэрэ айылҕалаах сиргэ олохсуйан, оҕо-уруу төрөтөн, ынах-сүөһү ииттэн олордохторо. Ол да курдук Слепцовтар халыҥ аймахтара Хатыҥнаахха олорон Гавриил Ксенофонтовы кыра оҕо сааһыттан сырдыкка-кэрэҕэ угуйдахтара, саха норуотун олоҕор, ырыатыгар-тойугар, олонхотугар, өбүгэлэрин үтүө үгэстэригэр сыһыардахтара, үөрэттэхтэрэ-такайдахтара. Онто кэлин улаатан улууканнаах киһи буоларыгар улахан тирэх буолбут буолуохтаах.

Биир дойдулаахпыт, улуу учуонай, общественнай-политическай диэйэтэл, юрист Гавриил Васильевич Ксенофонтов олоҕун биир оҥкулун сэгэтэн көрдүбүт. Өссө да көрдөөһүннэр салҕаналлар.

Раиса Степанова, Чкалов сэлиэнньэтин кылаабынай бибилэтиэкэрэ.