Аан дойдуга Украинанан сирэйдэнэн быһыы-майгы сытыырхайан турдаҕына, оннооҕор Арассыыйаҕа сыһыаннара уларыйбыт судаарыстыбаларга илгэ-эйэҕэ, кэрэҕэ, үйэлээхххэ тардыһар өйдөөх-санаалаах дьон элбэхтэрин соторутааҕыта атырдьах ыйыгар Германияҕа Тауха куоракка буолан ааспыт аан дойдутааҕы музыкальнай бэстибээл кэмигэр саха сэргэтин туруоруу тэриллибитэ туоһулуур.
Мин бу туһунан тоҕо суруйа-быный? Биллэн турар, сөҕөн-махтайан, инникигэ эрэнэн. Үйэлэртэн иитиэхтэнэн кэлбит киһини киһи гыммыт өркөн өй, сиэр-майгы, киһи-аймах хаһан эмэ дьоһун сыаннастарга кэлиэ диэн санааттан.
Кырдьык үрдүгэр сымыйа дагдайбат диэн сахалар барахсаттар мээнэ эппэтэхтэр.Бу доҕордоһуу, култууралар алтыһыыларын бэлиэтэ, саха сэргэтэ, или-эйэни түстүү омук сиригэр турбута биһиэхэ, саха омук айыы тыынын илдьэ сылдьар хаҥаластарга, күндү. Буолаары буолан ити дьоһун дьыалаҕа мантан төрүттээх уонна манна олохторун саҕалаабыт ыччаттарбыт доҕордоһуу мэктиэтин көҕүлээччилэрэ буолалларынан. Ол курдук, Покровскай куорат дьоһун ыалын, хомус куттаах Шишигиттэр, Гера Афанасьевна уонна Спиридон Спиридоновичтаах кыыстара Мария (кэргэнинэн араспаанньата Паллсон) Германияҕа олохсуйан олорон бу үтүө дьыалаҕа кыттыбыта ама хайдах киэн туттууну үөскэтиэ суоҕай! Онтон хас даҕаны дойдуларга саха култууратын тарҕатан баараҕай сэргэлэри туруортарбыт урбаанньыт Александр Павлов олоххо суолу булунар сааһыгар Хаҥаласка комсомол оройуоннааҕы кэмитиэтигэр үлэлии сылдьан биллэн-көстөн кынат үүннэринэн барбыта дии.. Дьэ, бу ыччаттарбыт омук дойдутугар кый ыраах Саха сирин култууратын нөҥүө доҕордоһуу илиитин ууннулар.
Спиридон Шишигин, хомойуох иһин, ити үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ аныгы кэмҥэ бүрүүкээн турар балаһыанньанан хаарчах элбэҕинэн кыысчаанын өйүү кыайан тиийбэтэҕин эппитэ. Ол да буоллар сылдьыбыт саҕа буоллаҕа, билиҥҥи интернет үйэтигэр.Сонунун кылгастык үллэстибитин, Марияҕа, киниэхэ хомуска абылаппыт,саха үгэстэрин сэргээбит омук дьоно, доҕотторо, суруйбуттарын, санааларын үллэстибиттэрин, дьоһун суолта биэрэн билиһиннэрбитин быыбар араллаанынан хаһыаппытыгар миэстэ суоҕунан бэчээттээбэккэ сылдьыбыппыт. Онтон быктарыым эрэ хаартыска, көмөтүн туһанан…
Таухаҕа ыытыллыбыт музыкальнай бэстибээл чаҕылхай түгэнинэн, кыттыылаахтар бэлиэтээбиттэрин курдук, биһиги сэргэбит туруоруллуута буолбута чахчы. Шишигиннэргэ махтал тыллара хомуһу, төрүт үгэстэри кэрэхсээччилэртэн бу күннэргэ кэллилэр ахан. Бары биһиги Мариябытыттан сөҕөллөр, хайдахтаах курдук тэрээһин үлэни Клеменс Войгт кытары ыыппытыттан. Аҥардас бу бырааһынньыкка Финляндияттан, Словакияттан, Чехияттан, Германия араас муннуктарыттан кэлбиттэрэ да ону этэр. Элбэх да маһы ыллатар араас дойду маастардара кэлэн саха сэргэтин ойуутун-мандарын түһэрсиигэ, боростуой дьон, куорат олохтоохторо оҕолуун-кырдьаҕастыын интэриэһиргээн кэлэн эллээн, кырааскалаан көмөлөспүттэрэ, илиилэрин сылааһын иҥэрбиттэрэ суолтата олус улахан.
Онтон Мария өссө муус устартан бу дьыаланы олоххо киллэрэргэ туруммута этэ. Маннык дьоһун куоракка сир анатан ылар, бэстибээл бырагырааматыгар киирэн сэргэ туруорар манан дьыала буолбатаҕын Спиридон Шишигиҥҥэ аан дойдуттан доҕотторо сөҕө-махтайа, үөрүүлэрин үллэстэ суруйбуттара баар. Бэстибээл сүрүн тэри-йээччитэ Клеменс Войгт этии киллэрэн куорат мээрэ сэргээн, хара маҥнайгыттан өйөөн Саха сэргэтэ кэрэ сиргэ омукпут баарын, сайдыылааҕын, дириҥ историялааҕын, үтүө үгэстэрдээҕин кэрэһилээтэ.
Клеменс Войгт өссө олох эдэригэр 2000 сыллаахха Саха сиригэр Спиридон Шишигин көмөтүнэн ыҥырыллан аан бастаан кэлэ сылдьан салгыы Хаҥаласка ыалдьыттаан, сайыны быһа сылдьыбыт. Хатаска Ким Борисов дьиэ кэргэнигэр олорон биһиги култуурабытын билсэн барбыт киһи буолан өрүү маннык бэстибээллэргэ хомусчуттарбытын, уус-тарбытын ыҥырар буолбут эбит. Идэлээх, талааннаах дьоммутуттан сөҕөр, дьоҥҥо хомуска тардыы, бу музыкальнай инструмены оҥоруу тиэхиньикэтин билиһиннэрэр айылгылаах. Оннооҕор инники бүтүн бөлөҕү ыҥыран ыалдьыттатан уопут үллэстиитин тэрийбит этэ. 2016 сыллаахха Тауха куоракка кини Мария Шишигинаны (Германияҕа көһөн кэлбитин кэннэ) көрсөн бэстибээлгэ ыҥырбыт этэ. Онно кыыспыт сахалыы таҥастаах кэлбитин көрөн тэрээһиҥҥэ тыл этиттэрбит. Мария кэпсииринэн, Клеменс Войгт Спиридон Шишигины кытары өссө 1998 сыллаахха Австрияҕа хомус III-с бэстибээлигэр сылдьан билсибит этэ. Онтон ыла доҕордуу сыһыан кэҥиир, сайдар, биир интэриэстээх дьону түмэр. Ити барыта быйыл сэргэ туруоруутугар кытары тирэх буоллаҕа. Бу иннинэ кыахтаах киһи Клеменс Войгт өссө биир, саха алааһыгар майгынныыр кэрэ көстүүлээх сири Махерн куорат кемпинговай зонатыгар атыылаһан ылбыт уонна Мариялааҕы ыҥыран көрдөрбүт этэ. Онон онно Александр Павлов көҕүлээһининэн бастакы сэргэбит турбута. Энтузиаст кыыспыт Германияҕа көһөн кэлбититтэн астынан аны «Хомус киинэ Саксонияҕа буолуоҕа!» диэн санаатын эппит этэ. Этэргэ дылы, энтузиастар дьыаланы хамсаталлар.
Быйыл Тауха куоракка музыка бырааһынньыгар хомусчут Сайды Куо уонна кини кэргэнэ Оскар Сауза «Удаҕан» бөлөхтөрө кэлэн кыттан дьону-сэргэни үөртүлэр.
Бу курдук доҕордуу сыһыан буола турар быһыыны-майгыны үтүрүйэн иитиллэрэ суолтата сүдү. Сир ийэ аата эрэ киэҥ. Тыйыс усулуобуйаҕа үйэлэр тухары олорон кэлбит сахалар курдук айылҕаны, бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаны харыстаан олоруу үйэлээх сыаннас. Онон төрүт култуурабытын, үтүө үгэстэрбитин аан дойдуга тарҕатааччыларбытыгар махтаныаҕыҥ. Этэргэ дылы, «Кэрэ аан дойдуну быыһыа!» диэн этии олохтоох.
Людмила Аммосова.