Константинова (Скрябина) Светлана Семеновна сахалартан бастакынан спортивнай гимнастикаҕа ССРС спордун маастара. Москва куоракка буолан ааспыт XXII-с Олимпийскай оонньуулар аһыллыыларын кыттыылааҕа. Евразия бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастара. Евразия кик-боксиҥҥа спордун маастара. 1992 сылга СӨ уон биллэр спортсменнарын лауреата.
Кини 1971 сыл от ыйын 1 күнүгэр Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун Ой сэлиэнньэтин үлэһит дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Светлана спортивнай карьерата 1978 сыл сайыныттан саҕаламмыта. Ол сайын ийэтэ Лидия Петровна кыыһын тыа кулуубугар саха оҕолорун спортивнай гимнастикаҕа талыы буолбутугар илдьэ кэлбитэ. Кемеровскай уобалас Ленинск-Кузнецкай куоратыттан спортивнай оскуола-интэринээтигэр үөрэтэргэ талан ылыы этэ. Биир дойдулааҕа энтузиаст, быраас идэлээх Афанасий Рожин уонна ССРС үтүөлээх тренерэ Геннадий Столяров өрөспүүбүлүкэни кэрийэ сылдьан, сүүмэрдээн барыта 20 оҕону талан ылбыттара. Онон Светлана 1978 сыллаахтан төрөөбүт дьиэтин, дойдутун хаалларан үөрэнэ барбыта. Үөрэнэ тиийэн баран кини саҥа саҕалааччылар бөлөхтөрүгэр үөрэҕин саҕалаабыта. Кыысчааны таба көрөн кэргэннии Николай уонна Татьяна Лапшиннар дарыктаан барбыттара. Кинилэр Светлананы онно Маментьевтар ааттарынан гимнастическай манежка дьарыктаабыттара. Сойууска барытыгар биллэр спортсменка буолан тахсарыгар бу дьон оруоллара олус улаханын Светлана махтана саныыр. Итинтэн ыла кыыс араас спортивнай күрэхтэргэ кыттар буолан барбыта. Бастаан Сибиир уонна Уһук Илин зоналарын күрэхтэһиилэргэ үстэ абсолютнай чөмпүйүөн буолбута. Саха сирин хамаандатын туһугар элбэх эбии баалы биэртэлиир этэ.
1983-1985 сылларга ССРС хамаанданан зачетыгар үс төгүл чөмпүйүөннээбитэ. Болгарияҕа, Югославияҕа буолбут Аан дойдутааҕы турнирдарга призердаабыта. 1989 сыллаахха Ленинск-Кузнецкай куоракка Олимпийскай резервэ училищетын ситиһиилээхтик бүтэрэн, олох дэбилгэннээх үөһүгэр үктэммитэ. Эдэр саас ити биир умнуллубат кэрэ кэмэ этэ. Куорсун анньыммыт чыычаах оҕото көҥүл көтөрүн курдук үгүстэрэ салгыы үөрэнэ, сорохторо үлэлии үрүө-тараа тарҕаспыттара. Ити дьарыктанар үөрэҕэр олоҕун 11 сыла элэс гынан аастаҕа. Училищеҕа үөрэнэ киирээт, айылҕаттан талаана биллэн гимнастиканан дьоҕурдаах оҕолордуун дьаныардаахтык дьарыктанан, ситиһиилэрдээх төрөөбүт сиригэр эргиллэн кэлэр. Бастаан настройка, туох барыта, биирдэ ытыска уурар курдук тиийэн кэлбэтэ чуолкай. Киһи элбэхтик дьарыктаныахтаах, бэлэмнэниэхтээх. Нүөмэрдэри толорууга туох да кистэлэҥэ суох туох баарынан толороҕун. Дьокуускай куоракка кэлээт СГУ медфакка киирэн үөрэнэн көрөр. Киниэнэ буолбатаҕын өйдөөн СГУ педфакультетын физкультурнай салаатыгар көһөр уонна 1994 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэр. Дьиҥинэн, кини дьарыга гимнастика диэн буолар. Ол гынан баран ити үөрэнэ сылдьан спорт атын көрүҥүн — илиҥҥи бойобуой искусство боруобалаан көрөр.
1990 сыллардаахха спорт ити көрүҥэ бум курдук этэ. Бииргэ үөрэнэр табаарыһа Алексей Уваров ол көрүҥҥэ угуйар, Светлана кик-боксинынан дьарыктанан киирэн барар, Эсен Сайдыкуловка үөрэнэр. Онон кик-боксинг сольнай композицияларын, араас албастары үөрэтэр, “Кут-сүр” спортивнай кулуупка сылдьар. Онтон Александр Михайлов сүбэтинэн РСФСР Кубогар кытта барар, онно ситиһиилээхтик кыайан кэлэр. Спорт ити көрүҥүн сөбүлээн аны дириҥник теориятын кытары үөрэтэргэ сананар. Үтүө наставниктарынан киниэхэ буолбуттара Александр Куприянов, Эсен Сайдыкулов. Ити көрүҥҥэ элбэх ситиһиилэрдэнэр. Екатеринбургскай уобалас Верх-Нейвинскэй куоратыгар 1991 сыл РСФСР Кубогын сольнай композияларга чөмпүйүөн аатын сүгэр.
1992 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин чөмпүйүөнэ буолар (Уус Алдаҥҥа ыытыллыбыта). Челябинскэй куоракка СНГ бастакы күрэхтэһиитигэр кыайар (1992, 1993 cc.), 1992 сыл Болгария Варна куоратыгар ыытыллыбыт Европа X чөмпүйүөнээтин вице-чөмпүйүөнэ, Атлантик-Сити куорат (АХШ) Аан дойду күрэҕин призера буолар. Йорт штат Персильвания (АХШ) норуоттар икки ардыларынааҕы “Common Bond” турнир вице-чөмпүйүөнэ (1995с.).
Биһиэхэ, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр 90-с сыллардаахха спорт илиҥҥи бойобуой искусстволарын көрүҥнэрэ сайдан киирэн барбыттара. Тренердэр А.А. Куприянов, А.М. Михайлов, В.И. Егоров араас көрүҥнэргэ ыччаты дьарыктаабыттара киирэн барбыттара: каратэ, кик-боксинг, муай-тай, у-шу. Хаҥалас улуус ДЮСШ-тын үөрэнээччилэрэ Семен Трофимов, Тоня Иванова, Лена Емельянова, Толя Лукин араас көрүҥнэргэ элбэх ситиһиилээммиттэрэ. Күрэхтэһиилэргэ күүстээх утарсааччыларынан Белоруссия сүүмэрдэммит хамаандатыттан, Россия киин куораттарыттан (Ленинград, Москва), Украина, Америка спортсменкалара этилэр. Россия кик-боксинг федерациятын президенынан Юрий Романов этэ, дойду сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн састааба кик-боксинг элбэх көрүҥнэригэр Саха сириттэн этэ. Күрэхтэһиигэ бэлэмнэниилэр Дьокуускай куоракка “Кут-сүр” спортивнай кулууп СГУ “Юность” диэн спортивнай саалатын базатыгар буолаллара. Күрэхтэһиилэргэ кытта барыыга үп өттүнэн ыарахаттар бааллара, ол гынан баран куруутун көмө көстөрө, «Эдэр көлүөнэлэр тус сыаллаах пуондалар АХШ-га Аан дойду күрэҕэр баран кыттыыга улахан көмөнү оҥорбута.
Светлана туһунан тириэньэрэ этэн турардаах: Кини кыайыыларын 10 эрэ бырыһыана талаана, уоннааҕы 90 бырыһыана — кини үлэтэ. Гимнастика уонна кик-боксинг спорт көрүҥнэрэ улахан бэйэ дьиссиплиинэтин эрэйэллэрэ биллэр. Дьиҥнээх спортсмен ситиһиилэригэр, бастатан туран, күннээҕи эрэсиими тутуһуу, бэйэ кыаҕар эрэнии, кыаттарыы туһунан санаа суох буолуохтаах. Светлана быраабылата утарсааччыларын кыттыыларын кэтээн көрүү, туруоруммут сыалы ситиһэргэ дьаныардаахтык үлэлээһин. Араас спортивнай үрдэллэргэ кыайыыга тахсыыта итинник дьаныардаах уһун айан этэ. Саха сириттэн спортивнай гимнастикаҕа уонна кик-боксиҥҥа бэйэтин улахан кылаатын киллэрбит киһибитинэн буолар Светлана Семеновна Константинова (Скрябина).
Кини билигин Дьокуускайга 2 №-дээх Национальнай политехническай оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлиир. Саха Өрөспүүбүлүкэтын физическай култууратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, РФ физическай култууратын уонна спордун туйгуна, “РФ бастыҥ учуутала” күрэх кыайыылааҕа.
Василий МОЖУКОВ.